Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылыгар анал бырагыраамма быһыытынан сайдан иһэрбитин манна көрөбүт. Ол курдук, курдат көрөр араас эрэнгиэн, быһаара охсор көмпүүтэр аппарааттар, уотунан, сардаҥанан эмтиир прибордар элбэээбиттэр.
Киин түөрт этээстээх. Бастакы этээскэ ыарыһахтар араас көрүүлэри, анаалыстары ааһаллар. Истэрин-үөстэрин, атахтан тымырга тиийэ тромб диэн олус кутталлаах дьайыыга тиийэ бэрэбиэркэлэнэллэр. Санитаркалар кырдьаҕастары кэлээскэҕэ анньа сылдьаллар, оҕолуу биэбэйдииллэр. Биһиги эмтэнэр кэммитигэр саамай эдэрбит 65 саастааҕа, атыттар 80-92 саастаах ытык кырдьаҕстар этэ. Дьэ, чахчы, саха үйэтэ уһаабытын бу кыһаҕа көрүөххэ сөп.
Иккис этээскэ инсульт, тостуу ыарыылартан сытааччылар бааллар. Үлэһиттэр аһатан-сиэтэн, сууйан-сотон, кыра оҕолуу көрөллөрүн-истэллэрин, ийэлэригэр-аҕаларыгар курдук сыһыаннаһалларын сөхтүм. Клара Филиппова 92 саастаах, Чурапчыттан төрүттээх. Аҕыйах сыллааҕыта инсуллаабыт. «Мин бу кииҥҥэ эмтииллэрин, көрөллөрүн-истэллэрин сөбүлээтим. Быраастан саҕалаан, кырдьаҕаска сыһыаннара бу үчүгэйин!» -- диир.
Үһүс этээскэ кардиологя, төрдүскэ терапия салаалара бааллар. Хараҕы окулист кэлэн көрөн барар анал күннээх. Мотрёна Борисова «Бочуот знага» уордьаннаах сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Уус Алдан Лөгөй нэһилиэгэр уһун сылларга үлэлээбит. Кини 84 саастаах. Манна иккис эмтэниитэ эбит. Динора Потапова, Тимофей Лукин физкультуранан эмтиир саалаларыгар сылдьан сүһүөхтэрин эмтэнэр.
Инсульт кэнниттэн ыарыһахтан араас сардаҥанан эмтиир аппарааттарга Пелагея Кирсанова быраас анабылынан олус кыһанан эмтииригэр махталлара улахан. Өр сыл гериатрияҕа үлэлиир эндоскопист быраас Василий Бурнашев, УЗИ-нан быһаарар Рафаэль Крылатов о.д.а. сөптөөх быһаарыыларынан эмтээһин салҕанар.
Өй-санаа өттүнэн чөлүгэр түһэриигэ гериатр быраас Евгения Аммосова герронтологтар, гериатрдар уопсастыбаларын кытары оҥорбут бырайыага Бэрэсидьиэн пуондатын иккис куонкуруһун кыайыылааҕынан буолбут. Манна толкуйдуур дьоҕурдара мөлтөөбүт сааһырбыт дьоҥҥо уонна кинилэри дьиэҕэ көрүүгэ сөптөөх үөрэх ыытыллар. Араас оонньууларынан сайыннарыы, тиэстэр, уруһуйунан, толкуйунан бэриллэр садааччалары дьиэҕэ үлэ оҥостон палааталарга бооччойо олороллорун киһи сонургуу көрөр. Кинилэргэ аналлаах дьиэ усулуобуйатыгар анал муннук, кэпсиир дьааһыктар бааллар. Толкуйдуур дьоҕурдара мөлтөөбүт дьон уон көрүҥҥэ дьарыктаналлар, онтон көрөөччүлэргэ үс дьарык оҥоһуллар.
Неврология салаатыгар сүрүн быраас Виталина Аммосова салалтатынан, Сардаана Слепцова, Мария Лаптева үлэлииллэр. Өлүөхүмэттэн 81 саастаах Роберт Чемпосов саахар ыарыытыттан эмтэнэр. Кини иккис сылын манна эмтэнэр эбит. Ньурба Малдьаҕарыттан кэлбит Василий Иванов 2010 с. эмтэммит. Иккиэн сэрии сылын оҕолоро, Роберт оскуолаҕа суоппардыыр, Василий тырахтарыыстаабыт.
Палааталарынан сиэстэрэлэр барахсаттар күҥҥэ иккитэ хаан баттааһынын, сүрэх тэбиитин мээрэйдииллэр. Систиэмэ, укуол туруоралар, эмп иһэрдэллэр, быһата, күнү быһа түбүгүрэ сүүрэллэр.
Аһылык өттүгэр киирдэххэ, меню хайысхаларынан араарыллар. Тохсус остуол менютыгар эбиэт икки ардыгар эбиилик астаахтар. Ас араас хааһыларынан уларыйар. Эт сымнаҕастык, арахса сылдьар гына буһарыллар, эриллибит буолар. Хомпуот, араас отонтон утахтар, үүттээх, хара чэй, уу бэриллэр. Барыта чэпчэки уонна битэмииннээх аһылык.
Киин сааһырбыттарга сылаас, сымнаҕас эйгэ ураты тыына буолан олоххо эрэли саҕар курдук.
- 3
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0