Кинилэр кэккэлэригэр Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин салайааччы Мария Емельянова баар. Дьон-сэргэ ытыктаан, «Саллааттар ийэлэрэ» диэн ааттыыр, сулууспаҕа сылдьар оҕолоохтор, кэргэннээхтэр Айыыһыт кэриэтэ көрөр ытык киһилэрэ Уопсастыбаннай балаата чилиэнинэн үһүс болдьоҕор талылынна!
Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ турунна
Анал байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар, бастаан хантарааҕынан сулууспалыыр байыастар барбыттара. Ити 2022 сыл олунньу бүтүүтүгэр этэ. Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтэ (салайааччы Мария Емельянова) уонна Саха Сирин ийэлэрин кэмитиэтэ (салайааччы Анжелика Андреева) сүбэлэһэн баран, ийэлэргэ Ыҥырыы таһааран, Анал байыаннай дьайыыга барбыт биир дойдулаахтарбытыгар көмөнү оҥорууну кулун тутартан саҕалаабыттара. Баһыылкалар бары улуустартан, ол иһигэр хотуттан, кэлбиттэрэ, олору хомуйан, 4,5 туонна таһаҕаһы икки байыаннай сөмөлүөтүнэн ыыппыттара.
Күһүн хомуур биллэриллибитигэр, балаҕан ыйын 23 күнүттэн саҕалаан, ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөспүт «Якутия с тобой» диэн волонтердар ыстааптарыгар кииннэнэн, көмө тэриллиитэ кэҥэтиллибитэ. Аан бастаан сылаас таҥас, утуйар мөһөөччүк, эмп-томп хомуллубута. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн, бу киин билигин улахан тэрилтэ буолла.
Волонтердар үлэлэрэ эмиэ 2022 с. атырдьах ыйыттан саҕаламмыта. Онтон иистэнэр сыахтар тэриллэн, улуустарга салаалары арыйталааннар, анал таҥаһы тигэ олороллор. Ити курдук, көмөнү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ турунна, «Кыайыы биһиэнэ буолуо, уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллиэхтэрэ» диэн киһи барыта эрэнэр.
Тохсус сырыы
– Мария Егоровна, сыралаах үлэҥ сыаналанан, Уопсастыбаннай балаата чилиэнинэн үһүс төгүлүн талыллыбыккынан эҕэрдэлиибин.
– Махтал. Пленарнай мунньах эрэ иннинээҕи күн Москубаттан кэлбитим. Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, соҕуруу тоҕус төгүл баран кэллим. Госпиталларга сылдьан, уолаттары көрсөбүн, туохха наадыйалларын билсэбин, тустаахтарга тиэрдэн, көмө тэрийэбин. Бу икки сыл устата 28 госпиталга сырыттым. Бырабыыталыстыба көмөлөһөр, кэлэ-бара айаммын уйунар. Андрей Тарасенко бэйэтэ байыаннай буолан, биһиги кэмитиэппитин өйөөн, улахан көмөнү оҥорон барбытын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Билигин да сибээстэһэбит, туох эмит кыһалҕа күөрэйдэ да, киниэхэ тахса турабыт. Онон үчүгэй.
Бу сырыыга Ростовка, Крымҥа уонна Кавказка госпиталларга сырыттым. Быһааран эттэххэ, Ростов, Симферополь госпиталлара тирэх бааза курдуктар, бааһырбыттары онно көрөн-истэн, бастакы көмөнү оҥорон баран, араас куораттарынан тарҕаталлар, бөдөҥ куораттарга түөртүү-биэстии, уоҥҥа тиийэ госпиталь баар. Ыарахан туруктаахтары Москубаҕа, Питергэ, арыый соҕустары атын куораттарга ыыталлар, салгыы эмтэнээччилэри уокуруктарынан, холобур, биһиэттэрин Сибиир уонна Уһук Илин госпиталларыгар атаараллар. Холобур, 143-с полкаҕа замполиттаабыт Николай Николаевич билигин Уссурийскай госпиталыгар эмтэнэр.
– Байыастар ордук туохха наадыйар эбиттэрий?
– Араас, хас киһи оччо кыһалҕа. Сорохтор ыспыраапкалара суох буолар, тоҕо диэтэххэ, бастаан көрдөрүммүт госпиталларыттан ыспыраапката суох ыытан кэбиһэр түбэлтэлэрэ баар эбит. Ону госпиталь салалтатын кытары кэпсэтэн оҥорторобун, тустаах улуустарын баһылыгар быһа сибээскэ тахсабын, маннык киһи манна баар диэн. Сорохтор тыл тылларыгар киирсибэтэх буолаллар.
Саха майгыта эмиэ көстөр. Ол курдук, эчэйбиттэрин туһунан дьонноругар төрүт биллэрбэт эбиттэр, ону: «Сураҕа суох сүтэн хаалла диэн ийэҥ (кэргэниҥ) долгуйан ахан эрдэҕэ, дьонноох-сэргэлээх сиргэ, госпиталга бааргын биллэр», – диибин. Хомуурга үксүлэрэ саастаах дьон барбыттара. 2023 сыл сэтинньитигэр ыйаах тахсан, 50 саастарын туолбуттары дьиэлэригэр ыыталыы олороллор. Онуоха: «Барбаппын, дьиэбэр тиийэн тугу гыныахпыный?» – диэччи эмиэ баар.
Чэ ити курдук, ким туох кыһалҕалааҕынан көрөн, сахалыы кэпсэтэр-ипсэтэр, ийэлии сүбэлиир-амалыыр, уоскутар-уҕарытар наада. Ити гынан баран, уопсайынан ыллахха, уолаттар санаалара бөҕөх, кыайарга эрэллээхтэр, дойдуларыгар кэлэн, үөрэниэх уонна үлэлиэх буолан былааннаналлар.
Кэлэн иһэн Москубаҕа, Бүтүн Арассыыйатааҕы Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэтин мунньаҕар сырыттым. Оборуона министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ бааллара, элбэх ыйытыыларга хоруйдаатылар, төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин биэрдилэр.
– Оттон эһиги суох кэмҥитигэр кэмитиэт хатанан турар дуо?
– Тыый, туох диэтэҥий? Өр сыллартан үлэлээн кэлбит ийэлэр, эбэлэр Зинаида Михайловна, Наталья Спиридоновна, Мария Алексеевна, Мария Алексеевна, Парасковья Ивановна куруук бааллар, күннээҕи боппуруоһу быһаара олороллор. Оттон улуустарга – Ирина Федорова (Мииринэй), Светлана Янкова (Сунтаар), Маргарита Ноговицына (Кэбээйи), Галина Красноусова (Алдан) тиргиччи үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Көмө чопчу тиэрдиллэр
– Мантан хомуллар көмө төһө тиэрдиллэрий?
– Тиэрдиллэр. Көмө пууннара Луганскайынан, Новоазовскайынан элбэхтэр. Хас пуун ахсын биһиги бэрэстэбиитэллэрбит бааллар. Биир оннук пууҥҥа Марина Бахилина үлэлээбитэ, кини үс уола АБДь-га сылдьар. Марина ыам ыйын 7 күнүгэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин дуоһунаһыгар киириитигэр, ыам ыйын 9 күнүгэр параадка кытынна. Былырыын сайын өҥүрүк куйааска холуодьастары дьааттаан кэбиспиттэригэр, Мирнэйдээҕи кэмитиэт салайааччыта Ирина Федорова Ростовка баар бэрэстэбиитэлинэн 23 туонна (!) ыраас ууну атыылаһыннаран, биир дойдулаахтарын хааччыйбыта. Онон, мантан барар көмө чопчу тиийэр. Бу сырыыга биһиги иһирдьэ кыайан киирбэтэхпит эрээри, илдьибит баһыылкабытын туппуттарын туһунан уолаттар тута биллэрбиттэрэ.
Волонтердарбыт хас куорат ахсын бааллар, эмиэ тиийэр кэһиини тиксэрэ, госпиталга ас астаан киллэрэ олороллор. Крымҥа Бороненколар диэн, биэнсийэҕэ тахсан баран Анаабыртан көһөн тиийбит ыал баар. Ити эргин сулууспалыыр уолаттары түмэллэр, итэҕэс докумуоннарын толортороллор.
Мин батсаапка хас да бөлөхтөөхпүн, инники кирбиигэ сылдьар, госпиталга сытар, дойдуларыгар кэлбит байыастар уонна төрөппүттэр диэн, быһата, барыларын кытары сибээһи тута сылдьабын. Туох эмит боппуруос күөрэйдэ да, эрийэллэр. Бүгүн биир уол эрийэн, куоракка сир учаастагын хайдах ылар туһунан ыйытта, ону пааспаргын, дастабырыанньаҕын илдьэ Сир сулууспатыгар тиийэн уочаракка тураҕын диэн быһааран биэрдим.
Эргиллэн кэлээччилэри хайдах көрсүөххэ?
– Анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыттарга өйөбүл дьаһалларын туһунан араас ыйаахтар тахсаллар, өссө да тахсыахтара турдаҕа, дьэ олору социальнай эйгэ уонна улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарын исписэлиистэрэ үчүгэйдик билэн-үөрэтэн, тустаахтар ол көмөнөн хабыллалларын тэрийиэхтээхтэр. Үөрэнэллэригэр уонна үлэ булан үлэлииллэригэр тирэх буолуохтаахтар.
Аны тыа да сиригэр ыал барыта сүөһүлээх-астаах буолбатах, ону учуоттаан, уолаттар сахалыы аһаан-сиэн, күүс-сэниэ ылалларыгар, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэригэр, үрүҥ аһынан, этинэн хааччыйары толкуйдуур наада. Саха бэйэ бэйэни салҕаһар амарах, ыалдьытымсах майгытын көрдөрүөҕүҥ.
Сүрүн кыһалҕа дьиэ-уот боппуруоһа буолуоҕа. Манна Хаҥалас улууһун Улахан Аанын дьаһалтатын холобурдуом этэ: Чечня сэриитин бэтэрээннэригэр сир учаастагын биэрэн, дьиэ туттарга көмөлөспүттэрэ, гаас киллэртэрбиттэрэ. Ити курдук, ис кыахтары туһанан, уоппускаҕа да, букатын да кэлэр уолаттарбытын үчүгэйдик көрсөн, кинилэр олоххо миэстэлэрин булалларыгар көмөлөһүү – барыбыт ытык иэспит буоларын өйдүөҕүҥ.
Түмүкпэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлиибин. Санаабытын түһэрбэппит, биһиги дьыалабыт кырдьыктаах, кыайыахпыт.
Хаартыскалары Мария Емельянова хааччыйда
- 7
- 0
- 0
- 0
- 0
- 2