Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 1 oC

2022 сыллаахха олунньу 24 күнүттэн Анал байыаннай дьайыы саҕаланан, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ити сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр 647 №-дээх ыйааҕынан, быстах хомууру биллэрбитэ.

2022 сыллаахха олунньу 24 күнүттэн Анал байыаннай дьайыы саҕаланан, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ити сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр 647 №-дээх ыйааҕынан, быстах хомууру биллэрбитэ.

Көмө – бастакы күннэртэн

Ити кэмтэн саҕалаан үгүс саха эр дьоно ыҥырыы тутан, Аҕа дойдуларын чиэһин көмүскэлигэр аттаммыттара. Дьэ ити күннэртэн биһиги олус киэн туттар биир дойдулаахтарбыт, дьоһун дьоммут –Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин салайар Мария Емельянова уонна 2021 сыл сайыныгар буолбут алдьатыылаах ойуур баһаардарын утары охсуһууга үлэлэспит ыстаап тутаах киһитэ Ирина Саввина арҕаа сулууспалыы барар уолаттарга көмөнү тэрийсибитинэн барбыттара.

Мария Егоровна бу хайысханан уһуннук үлэлээбит буолан, улахан уопуттааҕа. Саха Сириттэн аармыйаҕа ыҥырыллар уолаттар сулууспалыыр байыаннай  чаастарыгар үгүстүк сылдьар, чаастар хамандыырдарын сирэй билэттиир буолан, улахан көмөнү оҥорбута. Ити иһин, Мария Егоровнаҕа саллаат уолаттар дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан уонна тус бэйэм ааппыттан барҕа махталбын этэбин.

Дьокуускайга – «Илии сылааһа»

Ирина Егоровна анал байыаннай дьайыыга барар уолаттарбыт бастакы уочарат сылаас таҥаһынан хааччыллыахтаахтар диэн күүстээх санааны ылынан, ыҥырыы таһааран «Илии сылааһа» диэн иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин тэрийбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата бу түмсүүгэ Технопааркаҕа анал миэстэни сыһыаран, онно 2022 сылтан күүстээх үлэ күн бүгүнүгэр диэри биир күн тохтоон көрбөккө ыытылла турар. Даҕатан эттэххэ, бу сыахха Тааттаттан төрүттээх Сусанна Нахова (Тыараһа), Александра Аммосова (Дьохсоҕон) үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биир күн өрөбүлэ суох үлэлиир сыах үлэһиттэрин күнүскү аһылыктарын киэн туттар биир дойдулаахпыт Александр Ханин салайар «Монтажник» тэрилтэ иккис сылын хааччыйар.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт ийэлэр уонна эбэлэр бэйэлэрин илиилэрин сылааһынан угуттаан, уус-уран тарбахтарынан тутан-хабан, «Эр хоһуун» диэн таҥас кэмпилиэгин тигэн, хас эмит тыһыынчанан саллааты хааччыйдылар, хааччыйа да тураллар.

Иистэнэр_сыах_Илии_сылааһаа.jpeg

Ытык Күөлгэ – «Харыстаана»

«Илии сылааһа» түмсүү өрөспүүбүлүкэ элбэх улуустарыгар арыйбыт салаалара эмиэ таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Олортон биирдэстэрэ – Таатта улууһун киинигэр, Ытык Күөлгэ, тэриллибит Анна Никифорова салайааччылаах «Харыстаана» иистэнэр сыах буолар.

Сыах успуонсардар уонна биирдиилээн үтүө санаалаах дьон көмөлөрүнэн наада буолар иистэнэр-тигэр тэрилинэн толору хааччылынна. Онон олус дьаһаллаах, киириилээх-тахсыылаах, саха буойуннарын тустарыгар ис сүрэҕиттэн ыалдьар, ким хайа иннинэ уолаттарга көмөлөһөр толкуйу тобулбут, ол сырдык санаа тула улуус олохтоохторун түмпүт биир дойдулаахпытыгар Ирина Егоровнаҕа махтал муҥура суох.

Харыстаана_иистэнэр_сыах.jpeg
Тирэх киин

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга көмөнү тиэрдэр, кинилэри кытары ыкса сибээһи тутар сыалтан, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, 2022 сыл алтынньытыгар Доннааҕы Ростов куоракка Кэлим сүрүннүүр киин тэриллибитэ. Кэлин маннык кииннэр, тирэх пууннар атын куораттарга эмиэ арыллыбыттара. 

Бары билэрбит курдук, Доннааҕы Ростовка саамай бөдөҥ госпитал баар, онно инники кирбииттэн бааһыран, эмсэҕэлээн тахсыбыт саллааттарга бастакы көмөнү оҥорон баран, атын куораттарга баар  госпиталларга тарҕаталлар. Ону таһынан, «200 №-дээх таһаҕас» (өлбүт байыастар) манна бастаан таһаарыллаллар, сураҕа суох сүппүт байыастары көрдөөһүҥҥэ, ирдээһиҥҥэ сүрүн докумуоннар түмүллэллэр, ДНК анаалыстар уо.д.а. оҥоһуллаллар.

Бу куоракка тэриллибит тирэх кииҥҥэ биир бастакынан биллэр уопсастыбанньык, «Харысхал» пуонда тутаах үлэһитэ Вера Душкевич үлэлии тиийбитэ. Бастаан утаа соҕотох буолан, барыта кини үрдүнэн этэ, ыарахан ноҕуруусканы киһитэ кини буолан тулуйбута диэтэхпинэ, омуннааһын буолбат. Вера Петровна «Харысхалга» инбэлииттэри кытары үлэлэспит буолан, дьоҥҥо ураты сыһыаннаах, хас биирдии киһиэхэ болҕомто уурар.

Сэрии толоонугар ыараханнык бааһырбыт байыастар госпиталга үксүгэр туох да докумуона, кэпсэтэр төлөпүөнэ суох кэлэллэр. Вера Петровна саха уолаттарын бары куорпустартан ирдээн булан, көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, өйө суох сытааччылары кыра оҕолуу биэбэйдээн, аһатан-сиэтэн, туох кыалларынан-кыаллыбатынан барытынан көмөлөһөр. Ол иһин, байыастар кинини таҥара курдук көрөллөр. Аны «200 №-дээх таһаҕаһы» аҕаллахтарына, баҕар, Саха Сириттэн тиийбит буойун баара буолаарай диэн, морга киирэн кэрийэн көрөр, хас биирдии киһини учуоттуур. Ити бэтэрээнэн киһи тулуйбат дьулаан көстүүтэ буоллаҕа. Ону «хайаан да дьоммор көмөлөһүөхтээхпин» диэн күүстээх санаанан салайтаран, үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата Кэлим сүрүннүүр кииҥҥэ эбии киһи наадатын өйдөөн, мантан көмөҕө биир дойдулаахпытын Алена Бочкареваны ыыппыта. Алена Степановна эмиэ Вера Петровна курдук үтүө суобастунаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, дойдутун кытта ыкса сибээһи тута олорорун ааһан, хас биирдии кинилэр көрүүлэригэр киирбит буойуннар төрөппүттэрин, кэргэттэрин кытта сибээһи тутуһар. Госпиталга сытар уолаттарга дойду аһын астаан аһатар, сахалыы истиҥник-иһирэхтик кэпсэтэн-ипсэтэн санааларын көтөҕөр, салгыы эмтэнэ баралларыгар алгыс тылын этэн атаарар. Дьэ, бу курдук  ыарахан соругу дьоһуннук толоро сылдьар, Вера Петровнанан уонна Алена Степановнанан киэн туттабын, сиртэн халлааҥҥа диэри барҕа махталбын тиэрдэбин.

Дойду аһа

Өрөспүүбүлүкэ салалтата Саҥа дьыл уонна Ыһыах курдук улахан бэлиэ күннэргэ саллаат уолаттарбытыгар дойду аһын мунньан кэһии оҥорон ыытар үтүө үгэһи олохтоото. Хаһыс да төгүлүн туттардылар, дойду аһын-үөлүн тутан дьолломмут буойуннар устан ыыппыт видеоларын көрбүт буолуохтааххыт.

Бу кэһии наборугар Сахабыт Сирин бастыҥ отонноруттан оҥоһуллубут пастилалар диэн бааллар. Маны биир дойдулаахпыт Вера Лиханова оҥорор, эттэллэр да күнүстэри-түүннэри түбүгүрэн, эппит кэмнэригэр, төһөнү сакаастаабыттарын хааччыйар. Аҥардас бу кэлиҥҥи сырыытыгар 7 000 пастиланы оҥорон туттарда! Онон ыраах сулууспалыы сылдьар буойун уолаттарбыт дойдуларын амтаннаах аһын тутан үөрэн-көтөн, ыас хараҥа түүннэргэ, силбик күннэргэ, уулаах окуопаларга олорон, төрөөбүт-үөскээбит алаастарын ахтан-санаан ааһалларыгар күндү бэлэх буолар. Дойду амтаннаах, ахтылҕаннаах аһын наборун оҥорсууга быһаччы кыттыыны ылан, илиитин, сүрэҕин сылааһын иҥэрэн ас астаан ыытар Вера Петровнаҕа олуһун махтанабын, киэн туттабын.

Түмүк оннугар

Күндүтүк саныыр биир дойдулаахтарым! Улуу тунах ыһыахтары көрсө күн бүгүн дойдубут кимтэн да тутулуга суох көҥүл олохтоох буоларын туһугар туруулаһар буойун уолаттарбытыгар бары өттүнэн көмөлөһөр, «Тугу барытын фроҥҥа -- тугу барытын кыайыы туһугар!» диэн бигэ санаанан салайтаран үлэлиир күндүтүк саныыр далбар хотуттарбыт тустарынан тоҕоостоох кэм диэн киэн туттан туран сырдаттым.

Эһиэхэ уҕараабат эрчими, чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабын. Бар дьоҥҥут махтала, үтүө баҕа санаата кынаттыы туруохтун. Үтүө суобастаах, таһаарыылаах үлэҕитинэн, тус бэйэҕитинэн бар дьоҥҥутугар мэлдьи холобур буола туруҥ. Эһиги нарын бэйэҕит ким хайа иннинэ эрдээх санааны ылыммыккыт, эһиги ким хайа иннинэ сахабыт буойуннарын тустарыгар биир санаанан турдугут. Ылсыбыккытын ыһыктыбаккыт, үлэҕитин кэпсэммэккит, тэппит атаххытын кубулуппаккыт. Үгүрү-сүгүрү буолуохтун күндү дьоммутугар.

Петр ЗАХАРОВ, Ил Түмэн дьокутаата Прокопий Рахлеев көмөлөһөөччүтэ.

Дьохсоҕон.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Үөрэх

Кылааһы сомоҕолоон

Ааспыт үөрэх дьылыгар Нам­нааҕы кэллиэһи бүтэрбит эдэркээн Кристина Игнатьевна Старостина…
04.10.24 18:55
Уопсастыба

Ситимнээх үлэ салҕанар

2024 сыллааҕы күһүҥҥү сиэссийэҕэ дьокутааттар дьону кытта тус көрсүһүүлэрин кыраапыга от…
04.10.24 18:37