Олохпут-дьаһахпыт күннэтэ уларыйар, тэтимирэр. Ардыгар ыксыыгын-ыксыыгын күнүҥ бүтэн хаалар, онтон эн үлэҥ, дьайыыҥ эбэтэр ситиһэ сатаабытыҥ дуона суох буолар. Ол курдук үнтү сылайбыт буолаҕыҥ, киҥ-наар да холлор, тугу эрэ сиппэтэх, бүтэрбэтэх буолаҕын, өссө араас араахыма ыарыыларыҥ көбөн тахсаллар. Биһиэхэ сахаларга эмчит-отоһут дьоммут элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Ити айылҕабыт бэйэтэ элбэтэр, бэлэмниир. Киһи ахсаана төһөнүй даҕаны оччо элбэх санаа баар дииллэр, онтон киһи төһө элбэх ыарыыланар да соччонон элбэх эмчиттэнэр буолаарай?... Дьэ, онон бу буруолуу сылдьар саҥа кинигэ ааптарын Кынаттааҕы кытта көрсөн сэһэргэстим.
-Кынаттаах, биэс сыл диэн эмчиккэ төһө уһун кэм эбитий?
-Бу алтыс сылын күүһүм кыайарынан үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бэйэм санаабар биэс сылым наһаа түргэнник ааста. Бириэмэ тиийбэт курдук буолар. Сарсыарда 8.30 ч. киэһэ 18.30 ч. диэри куруук үлэ. Ол кэннэ, дьэ бэйэм тугу баҕарарбынан дьарыктанабын. Араас үөрэхтэргэ киирэн үөрэнэн бэйэбин сайыннара сатыыбын. Мин саныахпар биэс сыл диэн эмчит киһиэхэ уһун кэм. Бу сыллар тухары балтараа тыһыынча киһи мин илиибинэн ааста. Хас биирдии киһи тус туһунан буолар, ол дьону кытта хас биирдиилэрин кытта үлэлэһии буолар. Барытын барбыттарын кэннэ анаалыстаан, ырыҥалаан, тэҥнээн көрөр буоллахха бу уһун кэм. Онтон оннук оҥостубат эмчиттэргэ, күннээҕинэн үлэлиир буоллахха, кылгас буолуон сөп.
-13 тэтэрээт тухары саамай дьон үгүстүк ыалдьар ыарыылара ханнык эбитий?
-13 улахан уопсай тэтэрээт тухары барыларын сурунан кэллим. Онно саамай элбэхтэ сүһүөх ыарыытын көрсөбүн. Сүһүөх диэн тобук эрэ ыарыыта буолбатах, ханан өҕүллэр, хамсыыр сиргитинэн барытынан сүһүөхтэр бааллар. Тарбахтара буоллун, тоҥолохторо буоллун, араас иэччэхтэрэ барыта. Онтон саамай ыһыллар иэччэххит сыҥааххыт иэччэҕэ. Ол ыһылынна да киһи атын иэччэхтэрэ, сүһүөхтэрэ барыта ыалдьан бараллар, онтон быар ыарыыта, жировой гепатоз. Билигин хас иккис киһи итинник ыарыылаах быһыылаах. Быар ыарыытын олоҕун оҥкулун барытын уларыттаххына биирдэ көнөр буолар. Дьиктитэ диэн быары аҥаарын быһан ылан бырахтаххына да үүнэн тахсар. Биһиги организммыт оннук күүстээх. Ону кыайан туһаммаппыт. Ордук төбөлөрө ыалдьар дьон наһаа элбэх. Ким эрэ хаанын баттааһына, ким эрэ мигреньнээх, ким эрэ мэйиитэ эргийэр, ким эрэ кулгааҕа чуҥкунуур, ким эрэ хараҕа. Ол барыта тус туһунан төрүөттээх буолар.
-Аныгы мэдиссиинэ уонна бу кинезиология уратылара...
- Мэдиссиинэ уонна кинезиология дьиҥэр оттон киһини эмтииргэ диэн үөрэхтэр буоллахтара. Ол гынан баран мэдиссиинэ өттүн ылан көрдөххө барыта тус туһунан уорганнарынан эмтииллэр. Сүрэх бырааһа туһунан, быар бырааһа туһунан, сүһүөх бырааһа туһунан. Онтон бу кинезиология киһини үс өттүттэн көрөн эмтиир. Структура - ол аата бу киһи буор кута, психо-эмоциональнай өттө бу киһи салгын кута химията, бу киһиэхэ үйэтин сааһын тухары реакция барыыта ийэ кута. Мин бэйэм айылҕабын туһанан киһини түөрт өттүттэн көрөн эмтииргэ дьулуһабын. Чараас эйгэ диэн баарын бары билэбит. Ону эмиэ көрөн көннөрүөххэ наада. Ити түөрт өттүн барытын бииргэ өйдөөн, туох кэһиллии ханна барбытын булан көннөрдөххө киһи туруга тупсар. Организм бэйэтэ үлэлээн барар.

-Фотограф, ырыаһыт, үҥкүүһүт, алгысчыт, хомусчут, эмчит-бу барыта биир киһиэхэ баар эргиччи дьоҕур хантан бэриллэрий, өбүгэ бэлэҕэ дуу, киһи баҕата дуу..?
-Миэхэ бу дьоҕурдар өбүгэлэрбиттэн да кэлбиттэр быһыылаах. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн кылыһыахтаах куоластаах буоламмын куруук лыҥкынааммын мөҕүллэр этим, хорга ыллаатахпына. Кылыһаҕым миигиттэн тутулуга суох тахсар буолар этэ. Онтон бу былырыын билбитим хайдах гыннахха лыҥкынаабат буоларын. Ырыа куруһуогар бараммын билбитим, тылбын аллараа туттахпына лыҥкынаабат буолар эбит. Хаартыскаҕа түһэрэрбин оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүр буолан фотоаппараты куруук илдьэ сылдьар этим. Хомуһу дьоммуттан уоран тардаммын бэйэм үөрэммитим, ол туһунан кинигэбэр суруйбутум. Онтон олох кыра эрдэхпиттэн үҥкүүлүөхпүн баҕарар этим да, миигин олох чугаһаппаттар этэ. Оҕо сылдьан уол курдук этим, ол иһин. Кэлин ити устуудьуйабар фотографтыы сылдьаммын дьону үчүгэйдик хаартыскалаары, бэйэм үҥкүү бөлөҕөр киирэммин үҥкүүгэ үөрэммитим. Киһи баҕатын толороро хаһан да хойут буолбатах, киһи сатыырын киһи сатыахтаах буоллаҕа...
-Бастакы кинигэҥ таҕыста, эмчиттэр кинигэ таһаараллара сэдэх эрээри баар. Кинигэҥ тахсыбытыҥ кэнниттэн туох санаа киирэрий, биһирэмнэргэр дьон төһө сэҥээрэрий?
-Бастакы кинигэбэр бу тус бэйэм олохпор тугу көрсүбүппүн ону анааран суруйбутум. Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕун анаарыахтаах эбит диэммин. Бэйэм бу эмчит буолуохпуттан барытын бэйэм олохпун кытары сибээстии сатыыбын. Урут миэхэ оннук буолбута, ол тургутууну мин хайдах аһардыбыппыный диэнтэн сиэттэрэн үлэлии үөрэммитим. Аҕыйах биһирэми оҥорон саҕалаан эрэбит. Киһи аҕыйах да буоллар, сүрдээҕин сэҥээрэллэр. Кэлин истиһэн баран “аны хаһан кэлиэххиний, таах да баран истибэтэх эбиппин” диир дьон элбэхтэр. Оттон бу курдук бэйэм үлэлэстэхпинэ, элбэх киһиэхэ үлэм туһунан кэпсээтэхпинэ, дьон сэҥээриитин ыллахпына эрэ үлэ барар буоллаҕа. Киһиргээбэккэ эттэххэ, бу саҥа сүүрээн- Кинезиология диэн. Онно бу Сахабыт Сиригэр бастакынан холономмун үлэлии сылдьабын. Кэлин дьон санаата уларыйдаҕына, эминэн эрэ үчүгэй буолуохтаахпыт диэн толкуйдара уларыйдаҕына, дьон бэйэлэригэр атыннык кыһаллар кэмнэрэ кэлиэҕэ.
-Эр киһи уонна дьахтар ыарыыта диэн арахсар төрүөттээхтэр дуу...?
- Эр киһини кыра эрдэҕиттэн барыта күүстээх үлэҕэ сырытыннараммыт, эр киһи эрдэ кэбириир эбит диэн көрөбүн. Оҕо саастарыттан күүстээх буола сатаан, кырдьар саастарыгар онтуктара күүрүүгэ кубулуйар эбит. Ытыахтаахтарын ытаабаттар, төһө да куттанналлар ону истэригэр туталлар, дьиэ-уот күүстээх үлэтигэр сылдьар буоланнар кэлин тиһэҕэр эрдэ күүрүүлэрэ саҕаланар эбит. Дьиҥэр оттон организм дьахтар да, эр киһи да киэнэ биир буоллаҕа. Бары инчэҕэй эттээхпит. Ол иһин эр киһи эрдэ ыарахан үлэтин тохтотуон наада. Бэйэтин эрдэ көрүнэрэ наадалаах. Элбэх киһини иһиттим, кэргэним бу 65 сааһыгар диэри олох үлэтигэр үлэлии сылдьыбыта уонна бу икки сыл иһигэр кыайан хаампат да буолла диэн. Кырдьар сааска төһө кыалларынан эр дьон чэпчэки соҕус үлэни булан үлэлээҥ, бэйэҕитин көрүнэргитигэр бириэмэтэ булар курдук. Олох сэрэтэбин эр дьон түүҥҥү харабыл үлэтигэр олох кииримэҥ, доруобуйаҕытын күүскэ айгыратыаххыт.
-Өбүгэ, удьуор аймаҕынан бэриллэр диэн ыарыы баар дуо?
- Удьуордааһын ыарыыта диэн баар. Ол ыарыы хаан устун бэриллиэн сөп. ДНК-нан бэриллэр ыарыы. Ол гынан баран оннук дьиҥэ элбэҕэ суох буолуон сөп эбит. Эн ийэҕэр- аҕаҕар баар ыарыылара хаан устун кэлиэхтэрин сөп бөҕө буоллаҕа. Онтон сороҕор карма курдук эмиэ кэлиэн сөп. Эн аҕаҥ оннук ыарыылаах этэ диэн аһары элбэхтэ истэн баран, ол ыарыыны бэйэтин санаатынан подсознательно мэйиитэ ыҥыран аҕалыан сөп. Оннук дьон мин көрүүбүнэн аһары элбэхтэр. Кыра да ыарыыларын күүркэтэннэр “аҕабын баппыт үһүбүн” диэн организмнара оннук үлэлиир буолуон сөп. Барыта санаа салайар киһини. Ону өйдүөххэ наада эмиэ.
-Эмчиттэр наһаа элбээтилэр дииллэрин хайах быһаарыаҥ этэй?
- Эмчиттэр элбииллэрэ үчүгэй буоллаҕа дии. Ол аата айылҕабыт уларыйарыгар сөп түбэһии. Бу ураты толкуйдаах, ураты дьоҕурдаах киһи хаһан эрэ ким эрэ үөрэппитинэн буолбакка, бэйэтэ толкуйдаан дьоҥҥо көмө буолара туох куһаҕаннаах буолуой. Хомойуох иһин дьон билигин мэдиссиинэҕэ найылананнар бэйэлэрин көрүммэттэр. Ыарыйдахтарына эрэ сүүрбүтэ-көппүтэ буолаллар. Эрдэттэн өй-толкуй киириэн наада. Киһи айылҕатын батыһыахтаах, ол эбэтэр айылҕа сокуонунан олоруохтаах. Айылҕа биһиги төлөпүөммүтүн, компьютербытын, тэлэбииһэрбитин оҥорботох буолан өйдөөбөт. Эрэсииммитин тутуспаппыт, аспытын туох түбэһиэх сиибит, хамсаммаппыт, бэйэ бэйэни кытары кэпсэтии да суох. Киһи ис уйулҕатынан иэйиитэ диэн диэн олох суох буолаары гынна. Бу маны барытын миэдиктэр быһаара да сорумматтар. Ону өйдөтөргө, ону утары охсуһарга айылҕаны кытары сибээстииргэ үлэлэһиини айылҕалаах дьон, эмчиттэр эрэ үлэлэһэллэр.
-Саха киһитигэр, дьоҥҥо, ыччаттарга, төрөппүттэргэ чэгиэн туруктарын көрүнэллэригэр, харыстыылларыгар сүрүн сүбэҥ тугуй?
- Саха киһитэ бу билигин көрүүбүнэн саамай айылҕаҕа чугас дьоммут эбит. Соҕуруу онон-манан сылдьан кэллэхпинэ айылҕабын ахтан аҕай кэлэбин. Атын сиргэ дьон сэргэ бары мегаполистарга үөрэнэн хаалбыттар быһыылаах. Парка баар да буоллаҕына, онно биир икки эрэ киһи баар буолар. Куорат иһэ кып-кыймаҥнас киһи буолар. Сахабыт Сиригэр айылҕаҕа сылдьар дьон элбэх. Тыаҕа таҕыстахха хайаан да дьону көрсөҕүн. Пааркаҕа элбэх киһи сылдьар. Дэриэбинэлэргэ олох үчүгэй. Куорат дьоно көлөтө суохтара кыһыны быһа дьиэҕэ хаайтаран баран саас кэллэ да айылҕаларыгар талаһаллар син биир. Олох кыамматтар эрэ олороохтууллар. Айылҕаҕа төһө кыалларынан сылдьа сатааҥ, айылҕа эрэ киһини эмтиир. Айылҕаҕа баарынан аһылыктана сатааҥ, күн киирэрин, тахсарын күннээҕи бэрээдэги тутуһа сатааҥ. Ыраас салгыҥҥа элбэхтэ сылдьыҥ, сайынын саатар биирдэ ууга киирэн сөтүөлээҥ. Айылҕа тэтимин тутуһуҥ, туох үчүгэйи биэрэрин Айыыларгытыттан көрдөһөн, эҥсэн ыла сылдьыҥ!
Саргылана Егорова-Кынаттаах күн ахсынүгүс киһини эмтиир. Ыарыһаҕы биирдэ эрэ буолбакка, ыарыыта сүтүөр диэри арыаллаан, сүбэлээн эмтиир киһи. Хас биирдии ыарыһаҕын кытта күн сылааһын угуттаан бэрсэрдии сэһэргэһэр, хайдах-туох төрүөттэн ыарыы саҕаламмытын сиһилии истэн баран биирдэ көрөн, ылсан, кэтээн көрөн эмтиир ураты эмчит. Билигин кистэл буолбатах, быраас кэбиниэтигэр киирдэххэ, эн кынньайбыккын,токуруйбуккун кыайан көрбөт эмчиттэр бааллар, компьютертан харахтарын араарбат, “киир, олор, бүттүҥ” диэн атаарар эмчит үгүс буолбут. Дьон-сэргэ туһанар, кинилэр ыалдьар кыһалҕаларын өйдүүр эмчиккэ бараллар. Бу биэс сыл эмтээбит Кынаттааҕы дьон-сэргэ билэн эрэллэр. Саҥа кинигэтин биһирэмэ олус үчүгэй. Экраннаах сиргэ тиийэн хас уҥуохтааххын, иҥиирдээххин, тымырдааххын, тугун, хантан, тоҕо ситимнээҕин, тутулуктааҕын сиһилии нарылаан көрдөрөн кэпсиир эмчит. Аны, саҥа кинигэбитигэр киирдэххэ, барыта дьиҥнээх бэйэтэ кэтээн көрүүлэрэ, эмтээбит дьонун ахтыылара, үөрүүлэрэ, туох ыарыы тоҕо буулурун төрүөтэ барыта сиһилии бу кинигэҕэ суруллар. Ону сэргэ бэйэҕин ырытан көрөргөр анкеталардаах иһигэр, ону толорон тугун, тоҕо ыалдьарын булан ылан Кынаттаахха эмтэтиэххин сөп.
Уопсайынан, ханнык баҕарар кинигэ дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн суруллар, дьон бэйэтэ билбит билиитин, сатабылын дьоҥҥо билиһиннэрэн кинигэнэн тарҕатар. Онон, сүбэлиэм этэ Кынаттаах презентацияларыгар сылдьыҥ олус элбэҕи билбэккитин билэн соһуйуоххут, кинигэтин ылынан остуол кинигэтэ оҥостуҥ. Бэйэни бэйэ көрүнэригэр кэм кэллэ, табылыакка, химия эмтээбэт, киһи бэйэтин санаатын күүһүнэн эмтэнэр үйэтэ кэллэ!
Сэһэргэстэ- Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Хаартыскалар ааптар тиксэриитинэн
-
5
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0



