Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Экология кыһыҥҥы остуоруйата» диэн III Оҕо уруһуйун өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһун биллэрэр.

Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Экология кыһыҥҥы остуоруйата» диэн III Оҕо уруһуйун өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһун биллэрэр.


Куонкурус оҕолор айылҕа кэрэтин көрө-бэлиэтии, айылҕаны таптыы, хараанныы улааталларыгар итиэннэ экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар билиилэрин кэҥэтэллэригэр туһаайыллар. Куонкуруска 17-лэригэр диэри саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ кытталлар. Үлэлэри хомуйуу сэтинньи 15 күнүттэн ахсынньы 10 күнүгэр диэри ыытыллар.
Сүрүн ирдэбил: уруһуй А4 киэптэн улахана суох кээмэйдээх чиҥ кумааҕыга биитэр хортуоҥҥа, пастель, гуашь, акварель кырааскаларынан, өҥнөөх харандааһынан ойууламмыт буолуохтаах. Тиэмэтэ Саха сирин кыһыҥҥы айылҕатыгар, киһи айылҕаҕа дьүөрэлэһиитин хоһуйууга ананар. Интэриниэт саайтартан куопуйаламмыт, оҥоһуу өй итиэннэ улахан дьон көмөлөрүнэн оҥоһуллубут үлэлэр ылыллыбаттар.
Уруһуйдары электроннай почтанан: Адрес электронной почты защищен от спам-ботов. Для просмотра адреса в вашем браузере должен быть включен Javascript.., «Зимняя экологическая сказка» диэн бэлиэтээн ыытыҥ.  Кыайыылаахтар анал бирииһинэн бэлиэтэниэхтэрэ, бастыҥ үлэлэр министиэристибэҕэ түүмүк быыстапкаҕа туруоруллуохтара диэн Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Хаартыска: Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саайта.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0