Дьон тиэргэннэригэр тиийэ халыйан кэлбит ууттан нус-хас олохторо айманан, бэйэлэринэн эрэ туран хаалбыттара. Бастакы уолуйуулара ааһыыта оҕону, кыамматы үрдүк сиргэ көһөрөр, сыһыыга сылдьар сүөһүнү-сылгыны суһаллык быыһыыр түбүгэр түспүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ өйөбүл оҥорон, дьон-сэргэ көмөлөһөн бу алдьатыылаах халаан содулун этэҥҥэ туораттылар.
Дьааҥы улууһун бэрэстэбиитэллээх уорганын салайааччыта – дьокутааттар оройуоннааҕы Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Ноговицына биһиги хаһыаппытыгар анаан кэпсэтиибитин ол уустук кэмҥэ хоту сир олохтоохторугар илиилэрин ууммут дьоҥҥо махтал тыллартан саҕалаата.
Саҥа сокуон хоту улуустар интэриэстэрин көмүскүөхтээх
--Халаан кэмигэр ууну кытта бэйэбит туран хаалбыт ыарахан кэммитигэр өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөспүтүгэр, бар дьоммутугар, өйөөбүт тэрилтэлэргэ, улуустарга, Саха Сирин салалтатыгар дириҥ махталбытын биллэрэбит, үтүө, истиҥ тылларбытын аныыбыт.
Манна диэн эттэххэ, ааспыт ыйга Дьокуускайга Үтүө санааланыы киинигэр олохтоох биир дойдулаахтарбыт түмсүүлэрэ көмөлөспүт, сыраласпыт дьоммутун, тэрилтэлэри мунньан чиэстиир, түмүгү таһаарар тэрээһини оҥорбуттара. Онно улууспут уонна халаан кэмигэр улаханнык хаарыйтарбыт, хоромньуламмыт дьоммут ааттарыттан истиҥ махталбытын биллэрэн анал наҕараадалары туттарбыппыт.
Олохтоох салайыныы туһунан саҥа федеральнай сокуон билигин олоххо киириитин бары көрө-билэ олоробут. Бу сокуон уратытынан быыбардарга уларытыы киллэрбитэ буолар. Нэһилиэк, улуус баһылыктарын дьокутааттар талаллар. Быйыл Табалаахха нэһилиэк баһылыгын талыыга куонкурус хамыыһыйата тэриллибитэ. Онно хандьыдааттар туруорулланнар нэһилиэк Сэбиэтин дьокутааттара баһылыктарын саҥа сокуон тиһигинэн бэйэлэрэ таллылар. Итинник саҥа сүүрэннэр киирэн иһэллэр, биһиги эмиэ саҥаны кытта тэҥҥэ уопутурабыт. Саҥа аата саҥа, нуормалыыр аакталарга, сорох докумуону толорууга эбии чочуйуу наадата көстөр.
2027 сылга улуус 13 нэһилиэгэр баһылыктары нэһилиэктэр Сэбиэттэрин дьокутааттара талыахтара, ону тэҥэ, Дьааҥы улууһун баһылыгын талыы ыытыллыаҕа. Сокуон тиһигинэн улуус баһылыгын талыы оройуоннааҕы Сэбиэт дьокутааттарын боломуочуйатыгар киирэр. Онон олус эппиэттээх кэм диэн тураммыт, барытын кэтээн көрө, ырытыһа олоробут. Баһылыктарын талыахтаах нэһилиэктэр дьокутааттарын Сэбиэттэрин кытта үлэлэһэбит. Онно билиҥҥиттэн юристарбытын кытта сүбэлэһии, үөрэтии, бэлэмнэнии саҕаланна.
Оттон өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сокуон киириитин туһунан этэр буоллахха, ымпыга-чымпыга элбэх. 2025 сыл кулун тутар 20 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Дуумата ылыммыт «Публичнай былаас кэлим тиһигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии сүрүн тосхоллорун туһунан» 33 №-дээх федеральнай сокуон Саха Сиригэр бары улуустарыгар биир тэҥник туттуллан, барыбытыгар биирдик үлэлиэхтээх, дьайыахтаах дии саныыбын. Арҕаа, илин, хоту, соҕуруу улуустар диэн араарбакка, бэрэстэбиитэллээх былаас уорганнарын тиһигэ биир бириинсибинэн көрүллүөхтээхтэр. Ол эбэтэр хоту, Аартыка улуустара туруорсар туруорсуулара диэн хоту улуустарга дьокутааттар куорпустарын үлэтин хааччыйар сөптөөх тиһик олохтонуохтаах. Биир эйгэҕэ киирэн, сүрүн ситимнээх буоллахтарына, бэриллэр боломуочуйалары толору туһанар кыахтаннахтарына эрэ олохтоох салайыныы тиһигин толору көдьүүстээх үлэтин хааччыйыахха сөп. Онно бэрэстэбиитэллээх былаас уорганнара хайа да улууска бары биир усулуобуйаҕа үлэлиир бырааптаах, Сэбиэт бэрэссэдээтэллэрэ анал үлэлиир кэбиниэттээх, хамнастаах буолуохтаахтар. Биллэрин курдук, билигин аҕыйах нэһилиэнньэлээх хотугу улуустар бэрэссэдээтэллэрэ бэйэлэрин сүрүн үлэлэрин толороллорун таһынан, улахан эппиэтинэстээх дуоһунаһы сүгэн, улахан ноҕуруусканы илдьэ сылдьаллар. Ол барыта араас уустуктары да үөскэтэр, ыарахаттардаах даҕаны.
Уһук хоту улуус кыһалҕата үгүс буоллаҕа. Олору быһаарарга биһиги дьоммут бэйэлэрэ элбэҕи көҕүлээн, үгүс этиини киллэрэллэр, соруммуттарын толорорго кыһаллаллар. Хас биирдии нэһилиэккэ, уопсайынан улууһу да ыллахха, оннук санаалаах-толкуйдаах дьокутааттар, актыбыыстар бааллар. Кинилэр нэһилиэктэрин олохтоохторун, тэрилтэлэрин үлэһиттэрин интэриэстэрин хайа да таһымҥа туруорсаллар, көмүскүүллэр.
Хоту эҥээр улуустарга улахан улуус буоларбытынан биһиэхэ туох уларыйыы, ылыныы хайдах киирэрэ, олохтоноро толорутук, ырылыччы көстөр, тарҕанар. Ол иһин Дьааҥыга туох хамсааһын тахсарын кыраҕатык кэтииллэр, көрөн үлэлэригэр холобур оҥостоллор. Биһиги кэллиэгэлэрбитин кытта сибээһи тутуһан, утумнаахтык үлэлиибит, өйдөһөбүт, өйөһөбүт. Ону тэҥэ, билиибитин бэрсэбит, уопуппутунан атастаһабыт. Биллэн турар, ыраахпыт, суолбут-ииспит кыһалҕата баар. Ыраах буолан билбэккэ-көрбөккө хаалыахпытын сөп, сибээс, интэриниэт мөлтөҕө эмиэ онно дьайар. Онон дьааҥылар оптоволокно сибээһэ киирэрин кэтэһэбит. Оҥорон тардан иһэллэр, онон чугаһаата диэн эрэлбит улахан.
Өрөспүүбүлүкэ парламенын кытта бииргэ
-- Ил Түмэн дьокутааттарын куорпуһун кытта үгүстүк үлэлэһэбит. Биһиги дьокутааттарбытын кытта ыкса сибээстээхпит. Сергей Афанасьевич Сивцев бэйэбит киһибит, суол-иис, тырааныспар боппуруостарыгар «Аартыка суоллара» өрөспүүбүлүкэтээҕи хааһына тэрилтэтигэр үлэлиир. Виталий Семенович Чикачев хоту төрөөбүтүнэн, үөскээбитинэн уонна өрөспүүбүлүкэ олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын салайар киһи буоларынан хотугу дьон кыһалҕатын билэр, өйдүүр.
Сергей Афнасьевич быйыл сайын улуус халааҥҥа улаханнык оҕустарбытыгар кыһалҕалаах боппуруостарбытын суһаллык быһаарсыбыта. Дьааҥыттан тахсыбыт буолан, олохтоох дьоҥҥо чугас, аһаҕас.
Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уустуктара хоту өссө ордук сытыытык тураллар. Дьааҥы хоту улуустарга нэһилиэнньэтинэн саамай улаханнара буоларынан, ититэр ситимҥэ холбонон турар эбийиэгэ элбэҕинэн соччо кыһалҕа уонна иэс-күүс элбэх. Онно баар балаһыанньаны быһаарыыга норуот дьокутааттарын кытта ыкса үлэлэһэбит.
Ону таһынан парламент сис кэмитиэттэригэр чопчу боппуруостарынан тахсабыт, кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ манна миэстэтигэр кэлэн үлэлэһэллэр даҕаны. Ол курдук, быйыл саас Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова салалтынан кэмитиэт көһө сылдьар мунньаҕа Баатаҕайга ыытыллыбыта улуус олохтоохторугар кэрэхсэбиллээх буолбута. Дьокуускайтан норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн манна миэстэтигэр хоту дойду олохтоохторун кытта көрсүбүттэрэ. Дьон олоҕун-дьаһаҕын илэ көрөн, эмтээһин, чэбдигирдии, эминэн хаачыйыы хайдах тэриллибитин, улууска доруобуйа харыстабылыгар туох кыһалҕалар баалларын билсибиттэрэ, көрбүттэрэ. Ону таһынан олохтоох салайыныы туһунан саҥа сокуон киириитин, үлэтин туһунан сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ Юрий Николаев, Владимир Прокопьев, Александр Атласов кэлэннэр улахан уопсастыбаннай хабааннаах тэрээһиннэри ыытан барбыттара туһалаах уонна наадалаах диэн сыаналыыбыт. Ону тэҥэ, оройуоннааҕы Сэбиэт Ил Түмэн аппараатыттан отдел салайааччыта Георгий Ивановы кытта сокуоннары олоххо киллэрии чааһынан уонна бэйэбит этиилэрбитин, көҕүлээһиннэрбитин билиһиннэрии өттүгэр биир ситимҥэ баарбыт.
Дьааҥылар өрүү үрдүккэ
--Хоту олорор дьоҥҥо саамай улахан кыһалҕанан сыана ыарахана буолар. Дьааҥыттан дьон Дьокуускайга сөмөлүөтүнэн, улуус иһигэр ыраах нэһилиэктэргэ, учаастактарга бөртөлүөтүнэн эрэ тиийэбит. Көтүү сыаната олус ыарахан, авиабилиэттэрин субсидиялааһын боппуруоһа эмиэ оннук олус уустук. Билигин хомунаалынай өҥөнү оҥоруу иһин төлөбүрдэргэ субсидиялааһыны үбүлээһин биир улахан кыһалҕаҕа кубулуйан, оскуолаларбыт, оҕо саадтарбыт, уопсайынан, социальнай эйгэ эбийиэктэрин үлэлэтиигэ улахан хааччахтар тахсыахтарын сөп диэн дьиксинэбит.
Ол да буоллар, Дьааҥы дьоно-сэргэтэ былыргыттан сарсыҥҥыга эрэлбитин хаһан да ыһыктыбаппыт, былааннаммыт соруктарбытын толорорго бары бииргэ түмсэн үлэлиибит, айабыт-тутабыт, үрдүккэ талаһабыт.
2027 сылга улууспугар үгүс бэлиэ тэрээһиннэр былааннанан тураллар. Киэҥ түһүлгэлээх тэрээһиннэртэн билиһиннэрдэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр улуу убайдарбыт үбүлүөйдэрин бэлиэтиэхпит. Бу тэрээһиннэр аҥаардас билиһиннэрэр, үөрэтэр, үйэтитэр эрэ аналлаах ыытыллыбаттар, үбүлүөйдэр чэрчилэринэн, эбийиэктэри тутуу, өрөмүөннээһин, суолу-ииһи саҥардыы, бөһүөлэктэр истэрин сэргэхситии уо.д.а. үлэлэр былааҥҥа киирэн тураллар. Ол курдук, Саха Сирин устуоруйатыгар сахалартан бастакы учуонай, үөрэтээччи-сырдатааччы, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, меценат Никита Семенович Горохов төрөөбүтэ 180, устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Афанасий Иннокентьеви Новгородов төрөөбүтэ 125, саха норуодунай бэйиэтэ Моисей Дмитриевич Ефимов төрөөбүтэ 100 сыллара туолар уонна Верхоянскай уокурук буолан олорбуппут 205 сылын бэлиэтиэхпит.
Кэпсэттэ Алексей МАТВЕЕВ
Хаартыскалар Дьааҥы оройуоннааҕы Сэбиэтин архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


