Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дмитрий Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саҕаланара үс хонук хаалла, тэрээһин, бэлэмнэнии үгэннээн барар турар. Бүтэһиктээх бырагыраама бигэргэнэн, норуок билиитигэр таһаарылынна.   

Дмитрий Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саҕаланара үс хонук хаалла, тэрээһин, бэлэмнэнии үгэннээн барар турар. Бүтэһиктээх бырагыраама бигэргэнэн, норуок билиитигэр таһаарылынна.   

Улахан түһүлгэ бары тэрээһинэсэтинньи 20- 21 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт киинин уораҕайыгар  ыытыллыахтара. Сэтинньи 19 күнүгэр хамаандалар кэлиилэрэ, 12 ч. өрөспүүбүлүкэтээҕи   Олимпийскай эрэсиэрбэ училищетын таһыгар  Д.П. Коркин пааматынньыгар сибэккини ууруу  былааҥҥа турар. Ити күн 15 ч. Судьуйалар кэллиэгийэлэрэ хамаандалар бэрэстэбиитэллэрин кытта сүбэ мунньаҕы ыытыаҕа. 16 ч. Ыйааһыннарынан сэрэбиэйдээһин буолуоҕа.

Сэтинньи 20 күнэ, бээтинсэ

07.30-08.00 – Мэдиссиинэ хонтуруола уонна ыйааһыннааһын.

10.00-16.00 – Квалификационнай уонна сүүмэрдиир хапсыһыылар.

18.30-21.00 – Полуфинальнай хапсыһыылар.

 Сэтинньи 21 күнэ, субуота

 08.00-08.15 -  Иккис ыйааһыннааһын

11.00-16.00 – Хапсыһыылар.

17.00 – 22.00 – Турниры үөрүүлээхтик аһыы, финальнай хапсыһыылар, чөмпүйүөннэри, призердары наҕараадалааһын  

Сытыы киирсиилэри,  күлүмнэс бырахсыылары, чаҕылхай кыайыылары көрүөн баҕалаахтарга киирии билиэт сыаната быһыллан атыыга таҕыста. Ол курдук, бастакы күн, сэтинньи 20 күнүгэр  -1000 солк, иккис күн (финаллар)- сэтинньи 21 күнүгэр -1500 солк. Икки күҥҥэ абонемент сыаната -2000 солк. 16 диэри саастаахтарга  уонна Анал байыаннай дьыйыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр, успуорт бэтэрээннэригэр киирии босхо (дастабырыанньанан).   Үгэс курдук, киирии билиэттэринэн көрөөччүлэр ортолоругар бириис оонньонуоҕа. Супар-бириис - “Якутия” авиахампаанньа туруоруута. Билиэттэри https://sitim.info/korkin саайтка киирэн атыылаһыаххытын сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Дьааҥы өргөстөрүттэн

Ааспыт сайын Өлүөнэ, Дьааҥы өрүстэр хааларыттан тахсан, намыһах сиргэ нэһилиэктэри,…
17.11.26 10:31