Айсен Сергеевич түргэн сүүрүктээх, сир анныттан тахсар, туттуллубут уу түһэр сирдэринэн муус ордук чараас буоларын бэлиэтээтэ. Онон массыына суоппардарын, сатыы сылдьар дьону кыһыҥҥы туорааһын олохтоммут суолларынан сырыы арылларын кэтэһиҥ диэн эттэ.
«Өрүһү туоруурга көҥүл суох буоллаҕына айанныыр бобуллар. Билигин суол үлэһиттэрэ Хатас-Павловскай хайысханан суолу бэлэмнииллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар массыынанан туорааһын ахсынньы 10 күнүттэн арылларын иһитиннэрдилэр. Өскөтүн сөптөөх усулуобуйа баар буоллаҕына, суолу эрдэ арыйыахтарын сөп», — диэтэ Ил Дархан.
Хаартыскалар ЯСИА уонна СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспатын саайта
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


