Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -40 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 18 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр кыратык, хотугулуу-илин сорох сиринэн сөбүгэр хаардыа, нэһилиэнньэлээх пууннарга туманнаах буолуоҕа.

Сөбүгэр соҕус тыаллаах, хоту сөкүүндэҕэ 9-14 м, Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээхтик тыалырыа, силлиэриэ.
Салгын температурата түүнүн -35-40°С, хотугулуу-илин халлаан халыннаҕына -43-48°С, арҕаа, соҕуруу -25-30°С, күнүһүн -30-35°С, намтал сиргэ -35-40°С, соҕуруу -22-27°С, соҕуруулуу-арҕаа -13-18°С.буолар.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, сарсыарда туманнаах, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 1-3 түргэннээх тыаллаах буолуо.
Салгын температурата түүнүн         -37-39°С, күнүһүн -31-33°С буолар.

Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0