Өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун тутулун уонна сирин-уотун биир кэлимин туһунан көҕүлээһин биир ааптара Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, судаарыстыбаннай тутулга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров идиэйэни уопсастыбаннай дьүүллэһиигэ таһаарыах иннинэ дьокутааттар аан бастакынан юридическай өттүнэн бэлэмнэниллибит тиэкиһи регистрациялаталларын эттэ.
-- Сокуон барылын киллэрии үлэ саҕаланыыта эрэ, быһаарылла илик көҕүлээһин буолар. Үгүс дьүүллэһиини ааһыахтаах, оттон хаста да көрүллүөхтээх. “Сир-уот биир сомоҕо буолуута” диэн өйдөбүл “СӨ биир сомоҕо уонна үллэриллибэт сирэ-уота” диэҥҥэ уларыйыытын туһунан быһаардахха, Ил Түмэн бу нуорма туһунан быһаарыытын 2022 сыллаахха биэрэн турар. Онно өрөспүүбүлүкэҕэ сыһыаран көрдөххө, бу тиэрмин биһиги сирбит-уоппут биир сомоҕо уонна үллэриллибэт, Арассыыйа быстыспат сорҕотунан буолар диэн чуолкайдыыр. Ону тэҥэ, кыраныыссаны көҥүл уларытыы бобулларын быһаарар. Билигин биһиги бу өйдөбүл чопчу ис хоһоонун Төрүт сокуон тиэкиһигэр быһаччы көһөрөбүт. Манна сүрүн мэктиэнэн Саха Сирин кыраныыссата өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сөбүлэҥэ суох уларытыллыбата буолар.
Бу көннөрүүлэр ис хоһоонугар киирдэххэ, олус киэҥнэр. Аартыка тыраныыспарын көрүдүөрүнэн Хотугу муора суола буолара биллэр. Бу хотугу эҥээр муораларын, сирин-уотун, арыыларын, сирин баайын туһаныыга аан дойду араас дойдуларын кытта бэлитиикэ өттүнэн улахан утарыта туруулаах, көрүүлэрдээх, баттааһыннаах сыһыан бара турар.
Биһиги Төрүт сокуоммутугар өрөспүүбүлүкэбит материктааҕы уонна арыылардаах чааһын, ону тэҥэ, Аартыкатааҕы оройуоннарбыт ыстаатыстарын бигэргэтэргэ этии киллэрэбит. Бу иннинэ биһиги Аартыкатааҕы арыыларбыт -- Новосибирскай, Ляховскай уонна Медвежьи уо.д.а. Төрүт сокуоммутугар ханан да ыйыллыбатахтар. Бу арыылар өрөспүүбүлүкэбит төрүт сирин-уотун быстыспат сорҕотунан буолаллар. Аартыка эрэгийиэнин дойдулара -- АХШ, Норвегия, Канаада, Дания кылгас кэм иһигэр хотугу кытыл кыйа шельфаны уонна Хотугу муустаах акыйаан арыыларын акваториятын бэйэлэрин нассынаалынай интэристэригэр эрэсиэрбэлииргэ холоноллор. Биһиги Төрүт сокуоҥҥа бигэргэтиибитинэн бу сирбитин-уоппутун уонна кини айылҕа баайыгар юридическай өттүнэн бырааппытын биллэрэбит. Ол барыта Аартыкаҕа инфраструктураны сайыннарарбытыгар, пуортары тутарбытыгар бэйэбит интэриэспитин көмүскүүр. Ону тэҥэ, хоту сири сайыннарарбытыгар федеральнай үбү-харчыны, күүстэри тардарбытыгар кытаанах төрүтү олохтуур.
Салгыы биир көннөрүүнү чуолкайдаатахха, 30-с ыстатыйаҕа “федеральнай сокуоннары оҥоруу” диэн тылы “федеральнай сокуон” диэҥҥэ уларытыы киһи быраабын күөмчүлээһини хааччахтааһыны таһаарбат инниттэн киллэриллэр. Ол курдук, Төрүт сокуоҥҥа “федеральнай сокуон” диэн уларытыы ханнык да бырабыыталыстыба уонна биэдэмистибэ ыйаахтарынан уонна уурахтарынан киһи быраабын күөмчүлээбэт буолалларын хааччыйар. Оннук, киһи быраабын хааччахтааһын федеральнай сокуонунан эрэ кыаллыан сөп. Ону даҕаны констиционнай тутул төрүтүн, судаарыстыба куттала суох буолуутун, дьон доруобуйатын уонна быраабын көмүскүүр сыалтан туттуохтарын сөп, -- диэн сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ быһаарда.
Алексей МАТВЕЕВ
Хаартыска Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
