Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр Төрүт сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрии туһунан сокуон барылын дьүүллэһии бара турар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр Төрүт сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрии туһунан сокуон барылын дьүүллэһии бара турар.

Александр Атласов бэлиэтээбитинэн, уопсайынан Конституция сэттэ ыстатыйатыгар уларыйыы киирэрин туһунан барыл оҥоһулунна. Кэпсэтии номнуо 10-тан тахса сыл устата барар. Бу боппуруоһу V уонна VI ыҥырыылар депутаттара эмиэ көтөҕө сылдьыбыттара.
Сокуон барылыгар дьоҥҥо быһаччы дьайар икки суолталаах пуун баар: Ил Дархан талыллар болдьоҕун уларытыы. Икки болдьоххо талыллыы хааччаҕын устуу. Александр Атласов быһаарбытынан, бу боломуочуйа регионнарга 2021 сыллаахха ылыллыбыт 414-с федеральнай сокуон чэрчитинэн бэриллэн турар. Билигин үгүс субъектар бэйэлэрин конституцияларын уонна устааптарын бу федеральнай нуормаҕа сөп түбэһиннэрэн ылыммыттар. Саха сирэ уонна Севастополь куорат бу чааһыгар уларытыы киллэрэ иликтэр. «Хас биирдии өрөспүүбүлүкэ кырасданыынабэйэтин быраабын күөмчүлээбэт инниттэн маннык уларыйыы киирэр. Хас биирдии гражданин, хас биирдии быыбардааччы бэйэтин санаатын этиэхтээх», — диэтэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

Территория чопчулааһына. Аартыкаҕа сытар арыылары Саха сирин сабардыыр сирдэригэр официальнайдык киллэрии. «Саха сирин территориятын өссө күүһүрдэн биэрии буолар. Биэрэккэ тайаан сытар Аартыка улуустарын арыыларын территорияҕа киллэрии. Уларытыы олоххо киирдэҕинэ, территория биир кэлим буоларыгар өссө эбии гарантия баар буолар», — диэн Александр Атласов эбэн эттэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0