Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн Арассыыйаҕа Ийэ күнэ, онон сибээстээн Сунтаартан биһиги уопсастыбаннай кэрэспэндьиэммит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Зинаида Федотова-Дьол кыыма ийэтигэр анаабыт хоһоонун ыытта.

Иирэ талахтыы таһаалаах,
Истиҥ иһирэх мичээрдээх
Имигэсчэй үҥкүүһүт
Мин тапталлаах ийэккэм.

Ымыы чыычаахтыы иэйиилээх
Ыллам дьырылас куоластаах
Ылбаҕайдыыр ырыаһыт
Мин тапталлаах ийэккэм.

Кылбаа дьэрэкээн таҥастаах,
Үрдүк хобулук үктэллээх
Чочуонайдыыр быһыылаах
Мин тапталлаах ийэккэм.

Талыы таайыгас тапталлаах,
Талбыт минньигэс астардаах
Амарахчай аанньалым
Мин тапталлаах ийэккэм.

Зинаида Федотова-Дьол кыыма, Сунтаар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Лента новостей

Путинныын быһа илииньийэ

Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сыл ахсын ахсынньы ыйга быһа…
29.11.26 09:23