Кириэмил пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн быйылгы сыллааҕы түмүктэри таһаарар быһа лииньийэ улахан пресс-кэмпириэнсийэни кытта бииргэ ахсынньы 10 күнүгэр ыытыллыаҕа.
«Ахсынньы 10 күнүгэр, Москуба бириэмэтинэн күнүс 12:00 чааска (олохтоох бириэмэнэн киэһэ 18:00 чаастан), «Владимир Путины кытта сыл түмүктэрэ» диэн бырагыраама быһа эпииргэ тахсыаҕа. Дойду Бэрэсидьиэнэ ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарыа, ону тэҥэ суруналыыстар уонна дойдубут олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа», — диэн официальнай иһитиннэриигэ этиллэр.
Ыйытыктары ылыы, хомуйуу сэтинньи 27 саҕаламмыта уонна быһа эпиир түмүктэниэр диэри ыытыллыаҕа. Сэтинньи 28 күнүнээҕи иһитиннэриинэн, быһа эпииргэ 205 тыһ кэриҥэ ыйытык киирдэ. Былырыыҥҥы 2025 сыллааҕы быһа илииньийэ ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыта, онуоха 3 мөл тахса ыйытык киирбитэ.
Быһа эпиир бырагырааматынан «ГигаЧат» туһаныллыаҕа. Бу сыһыарыы киирэр ыйытыктары наардааһыҥҥа туттуллар. Ыйытыктары хас да ньыманан ыытыаххытын сөп. Ол курдук: – «МАХ» мессенджерынан max.ru|moskvaputinu нөҥүө – «ВКонтакте» , «Одноклассники»– vk.com|moskvaputinu.ru уонна ok.ru| moskvaputinu.ru нөҥүө – 8-800-200-40-40 төлөпүөнүнэн–СМС- эбэтэр ММС-иһитиннэриини 0-40-40 нүөмэр нөҥүө.
Хаартыска ИЗВЕСТИЯ/Андрей Эрштрем
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
