Скульптураны Өлүөхүмэҕэ дьиҥнээхтик олоро сылдьыбыт киһи уобараһыттан үтүгүннэрэн оҥорбуттар. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитин саҕана 14 саастаах Вадим Голомарев диэн уол кучерынан үлэлээбит. Кини куораттан мас кэрдиитигэр барар дьону таһар эбит. Уол ыал улахан оҕото буолан ийэтигэр – Өлүөхүмэ Леспромхоһун үлэһитигэр – көмөлөһөр эбит. Ити кэмҥэ оройуон бары тэрилтэлэрэ уонна холхуостара кыайыыга олус наадалаах аэропорт тутуутугар үлэлээбиттэр.
“Уол ыра санаалара” скульптура инникитин манна тутуллуохтаах “Кыайыылаах көлүөнэ Албан аата” сквер сиригэр турбут. Ити сквери өлүөхүмэлэр 2022 сылга тутан үлэҕэ киллэриэхтээхтэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0