Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -12 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2024 сылга улуустарга 17 IT-киини аһыахтара. Ол туһунан инновационнай сайдыы миниистирэ Анатолий Семенов социальнай ситиминэн быһа эфирынан кэпсэтэригэр иһитиннэрбит.

2024 сылга улуустарга 17 IT-киини аһыахтара. Ол туһунан инновационнай сайдыы миниистирэ Анатолий Семенов социальнай ситиминэн быһа эфирынан кэпсэтэригэр иһитиннэрбит.

“2020 сылга биһиги министиэристибэбит IT-кииннэри арыйыыга куонкурус биллэрбитэ. Ол онтон 14 сайаапканы сэттэ улуус кыайда. Бу улуустарга биир мөлүөн суумаҕа миэбэл уонна цифровой техника биэрэбит. “Саха сирэ” технопарк сүбэнэн-аманан көмөлөһүөҕэ”, -- диэтэ.

Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2024 сылга диэри уопсайа 17 ороуоннааҕы IT-киин аһыллыахтаах. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа алта IT-киин аһыллан үлэлиир. Бу сыл бүтүөр диэри өссө икки киин аһыллара былааннанар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0