Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -5 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын кэккэ нэһилиэктэрэ “Майя” станция үлэтигэр саахал тахсан уота суох олороллор.

Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын кэккэ нэһилиэктэрэ “Майя” станция үлэтигэр саахал тахсан уота суох олороллор.

Олунньу 3 күнүгэр киэһэ Федеральнай электрическай уот тиһигин хампаанньатын “Майя” подстанциятын үлэтигэр кэһиилэр тахсаннар “Майя-Аллараа Бэстээх” ситимин уота барда. Ол түмүгэр Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын кэккэ нэһилиэктэрэ уота суох хааллылар.

Киин энергоситим үлэһиттэрэ саахалы туоратыыга үлэлииллэр, нэһилиэктэри саппаас тиһиккэ холбууллар. Сотору кэминэн электрическай уот холбонуоҕун туһунан иһитиннэрэллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0