Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 7 oC

Оскуолаҕа үөрэнэр, ол эбэтэр алтатыттан 18-гар диэри саастаах, оҕолоох ыалга биир кэмнээх көмө харчы көрүллэрин туһунан дойду Бырабыыталыстыбата эрдэ иһитиннэрэн турар. Көмө харчыны атырдьах ыйын 16 күнүттэн биэрэн саҕалыахтара.

Оскуолаҕа үөрэнэр, ол эбэтэр алтатыттан 18-гар диэри саастаах, оҕолоох ыалга биир кэмнээх көмө харчы көрүллэрин туһунан дойду Бырабыыталыстыбата эрдэ иһитиннэрэн турар. Көмө харчыны атырдьах ыйын 16 күнүттэн биэрэн саҕалыахтара.

Онтон сайабылыанньаны хомуйуу от ыйын 15 күнүттэн саҕаланар. Сэтинньи 1 күнүгэр түмүктэнэр. Төлөбүргэ бүддьүөттэн 204 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ. Көмө уопсайа 20 мөлүйүөн үөрэнээччигэ тиийиэҕэ диэн быһа барыллаан суоттаатылар.

Маны таһынан аҕыһыттан 18 сааһыгар диэри саастаах оҕолоох соҕотох төрөппүттэр эбии көмөнү ылыахтара. Манна уопсайа 36 миллиард солкуобайы көрөр былааннаахтар. Бу көмөнөн 1,1 мөлүйүөн Арассыыйа олохтооҕо туһаныаҕа.  

3

Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Убаастабыллаах төрөппүттэр, сайабылыанньа суруйарга бэлэм сылдьыҥ. “Госуслуги” порталга киирэн толоруоххутун эбэтэр Пенсионнай пуондаҕа баран бириэххитин сөп. “Былырыын маннык көмөнөн туһаммыттар быйыл сайабылыанньаны хос суруйбаттар үһү” диэн сурах куйаар ситимигэр тарҕанар. Хос толорор ирдэнэр. Укааска “төлөбүр – сайабылыанньанан” диэн чуолкай ыйылла сылдьар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Бэлэмнэнии: 40 хонук хаалла

Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев «Азия оҕолоро» успуорт оонньууларын эбийиэктэрин…
17.05.24 12:12