Хайдах этэй, туох этэй диир иирэ талах суһуоҕун субуруппут, күлүгүн көрүнэр, бэс чагда уола иннэтэ уһаабыт, сиппитин-хоппутун бэлиэтэ эриэхэлэринэн киэргэммит бэс тыаҕа киириигэ, ойуурга үктэниигэ бастакынан көрсөр ыалдьытымсах ыарҕа талах мантан антах от-мас үрдээтэр үрдүө, хойуннар хойдуо, хотугун-соҕуруугун өйдүү, илиҥҥин-арҕааҕын билэ сырыт диэн сүбэлии тоһуйар.
Аар тайҕа барахсан суруллубатах сокуону тутуспукка, ааҕыллыбатах кинигэтин аахпыкка бүөм сирдэргэ бүччүмнээн үүннэрбитин булларыа, хонноҕун анныгар хаалларбытын таба тайаннарыа, ытыһын иһигэр баарын ыһыктыаҕа. Тиэргэҥҥэ үүннэриллибит, олбуорга олордуллубут силигэ ситэн силигэлээтэҕэ, аһа-үөлэ дэлэйдик кутулуннаҕа, аны буһуо турдаҕа.
Саҥа күнүнэн сэгэрдээр!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0