-- Убаастабыллаах спортсменнар, тренердар, спорт бэтэрээннэрэ, спордунан сөбүлээн дьрыктанааччылар! Ил Түмэн сис кэмитиэтин уонна тус бэйэм ааппыттан Физкультурник күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык сылын аайы спорду сөбүлүүр дьону-сэргэни сааһынан, үлэлиир идэлэринэн араарбакка, сомоҕолуур. Сылын ахсын олохторугар спорду өрө тутар дьон элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Саха сиригэр маассабай спорт сайдар, дьон онно кыттыһара туоһулуур. Бэйэ кыаҕынан үрдүк ситиһиилэр кэлэллэр!
Быйыл коронавирус ыарыы туран, аан дойдуга уустук күннэр-дьыллар сатыылаатылар. Биһиги саҥа усулуобуйаны ылынарбытыгар тиийэбит. Спортсменнар, тренердар, спордунан сөбүлээн дьарыктанааччылар кыахтарын ыһыктыбат туһуттан саҥа суолу тобулан үлэлээтилэр. Сотору кэминэн бу кириисис суох буолуоҕар эрэниэхэйиҥ.
Бүгүҥҥү бырааһынньыкка мин эиһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу, үрдүк ситиһиилэри, саҥа кыайыылары баҕарыам этэ!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0