Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

2021 сыл аан дойду спортивнай олоҕор ураты бэлиэ кэрдиис кэминэн киирдэ. Япония киин куоратыгар Токиоҕа XXXII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар түмүктэннилэр.

2021 сыл аан дойду спортивнай олоҕор ураты бэлиэ кэрдиис кэминэн киирдэ. Япония киин куоратыгар Токиоҕа XXXII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар түмүктэннилэр.

ОКР (Арассыыйа) хамаандата, бу иннинээҕи Олимпиадаларга тэҥнээтэххэ, төһө да ситэтэ суох састаабынан кыттыбытын үрдүнэн, статистика дааннайынан, урукку көрдөрүүлэрин тупсарда. Уопсай түмүккэ Арассыыйа хамаандата хаачыстыбатынан бэһис, мэтээлин ахсаанынан үһүс буолла. Салгыы Паралимпиада атырдьах ыйын 25 күнүттэн балаҕан ыйын 6-гар диэри барыаҕа.

ОКР хамаандата 71 мэтээллээх

Бу 16 хонук ыытыллыбыт Олимпиада биһиги сүрэхпитигэр букатыннаахтык хаалыа. Токио стадионугар былаах параадын үөрүүлээх чааһыгар ОКР хамаандатын көҥүл тустууга билигин икки төгүллээх Олимпийскай чөмпүйүөнэ Абдулрашид Садулаев билиһиннэрдэ.

– Бу оонньуулар биһиги хамаандабытыгар ситиһиилээхтик аастылар. Спорт сорох көрүҥнэригэр көһүппэтэх өттүттэн табыллыы­лар, кыайыылар бааллар. ОКР хамаандата бэйэтин кыаҕын Токиоҕа толору көрдөрдө, туруоруммут сыалын ситистэ, соругун олоххо киллэрдэ. Үчүгэйэ диэн, Олимпийскай дэриэбинэҕэ биһиги дэлэгээссийэбитигэр биир да ыарыы бэлиэтэммэтэ. Түгэнинэн туһанан, спортсменнар күрэхтэһиилэргэ кыттар уонна мэтээл иһин киирсэр кыахтарын хааччыйбыт дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин. Хамаанда хас биирдии кыттааччытынан, хас уонна хайдах мэтээли ылбытыттан тутулуга суох, киэн туттабын! Спортсменнар бары үчүгэй хаачыстыбаларын көрдөрдүлэр уонна дойдуларын дьонуттан, ыалдьааччыларыттан эҕэрдэлэри өссө да ылыа туруохтара, – диэн үөрүүтүн үллэһиннэ Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин (ОКР) Бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков.

photo 2021 08 08 19 58 37

Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, хамаанданан түмүккэ Арассыыйа 2018 сыллаахха Пхенчаҥҥа (Соҕуруу Кэриэйэ) уон үһүс, 2014 сыллаахха Сочига (РФ) бастакы, 2012 с. Ванкуверга (Канада) уон биирис миэстэлэри ылары ситиспитэ. Оттон быйыл Арассыыйа олимпиецтара 20 кыһыл көмүс, 28 үрүҥ көмүс, 23 боруонса, барыта холбоон 71 мэтээли ылла! Итиэннэ хамаанданан түмүккэ бэһис буолла!

Үйэ чиэппэрэ – 25 сыл буолан баран – гимнастар хамаанданан элбэх көрүҥнээх киирсиигэ. итиэннэ 100 миэтэрэ ыраахха көхсүгэ сытан харбааччылар хамаандалара уонна фехтованиеҕа София Позднякова кыһыл көмүс мэтээллэри туттулар. Ону тэҥэ дьахталларга гимнастикаҕа хамаанданан күрэхтэһиигэ Арассыыйа 1992 сылтан аан маҥнайгытын Олимпийскай оонньууларга бастаата. Виталина Бацарашкова уһулуччулаах түмүктэрин бэлиэ­тиир тоҕоостоох. Омскай куоратын спортсменката пневматическай бэстилиэтинэн ытыыга биирдиилээн күрэхтэһиилэргэ икки кыһыл көмүс уонна хамаанданан киирсиигэ биир үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Кини үс мэтээли субуруччу биир оонньууга ылары ситиһэн, историяҕа аан бастакынан бастыҥ дьахтар-ытааччы ахсааныгар киирдэ.

Биһирэм бириэмийэлэр

Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар мэтээллэри ылары ситиспит спортсменнар харчынан наҕараадаланыахтара. Ол курдук, призердар РФ Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин истипиэндьийэтин ый ахсын олохторун тухары өлүөхтэригэр диэри ылыахтара, кээмэйэ – 52 000 солк. Итини таһынан биир кэмнээх харчынан бириэмийэлээхтэр: бастаабыттарга – 4 мөл. солк., иккистээбиттэргэ – 2 мөл. 500 тыһ. солк., үһүстээбиттэргэ – 1 мөл. 700 тыһ. солк. Ити харчыга быһа собуоттартан ханнык баҕарар массыынаны сакаастаан аҕалтарар бырааптаах­тар. Транспортировката босхо. II-III миэстэлээхтэр бэйэлэриттэн эбэн биэриэхтэрин сөп. Онон, холобура, 2 кыһыл көмүс мэтээллээх София Позднякова 8 мөл. солк. тахса суумалаах харчыны ылар кыахтанна.

2021 08 12 15 23 10

Айдаана суох ааспат буоллаҕа эбээт

Бастатан туран, ВАДА Арассыыйа допины утары агентствотын (РУСАДА) статуһун быһан, дойду спортивнай кэскилин туора соппута. Статуһун сүтэрбитин түмүгэр дойдуга икки сыл Олимпийскай оонньуулары ыыталлара бобул­лубута. Спорт аан дойдутааҕы арбитражнай суутун уурааҕынан, Арассыыйа спортсменнара Олимпиадаҕа дойду былааҕа, судаарыстыбаннай өрөгөй ырыата суох кыттыбыттара.  Бобууну тутуһан, спортсменнар Петр Чайковскай классическай муусукатын доҕуһуолунан тахсыбыттара.

Токио Олимпиадата чаҕылхай историческай кыайыыларынан эрэ буолбакка, улахан айдааннааҕынан биллэр буолуоҕа. Сүүрүк кыыспыт Кристина Тимановская  Белоруссияттан Польшаҕа «куоппута» уонна гуманитарнай визаны ылбыта. Аны туран, Новай Зеландият­тан аан бастаан 43 саастаах трансгендер штангистка Лорел Хаббард кытынна. Ол эрээри күрэхтэһиигэ маҥнайгы саҕалыыр ыйааһыны кыайан өрө көтөхпөтөҕө. Японияҕа санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньа туруга уустугунан, атырдьах ыйын 22 күнүгэр диэ­ри ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Мантан сибээстээн, спорстменнар көрөөччүтэ суох кураанах трибуна иннигэр күрэхтэстилэр. Токиоҕа Олимпийскай оонньуулары ыытары күн тахсар дойдутун 53% нэһилиэнньэтэ утарсыбыта. Оонньуу 15-с күнүгэр ОКР хамаандата 1996 сылтан аан бастаан художественнай гимнастикаҕа биирдиилээн күрэхтэһиигэ кыһыл көмүһү ылбата. Аверинаны көрдөрөн туран балыйдылар диэн, биһиэттэрэ сууттаһарга соруннулар. Хамаанданан күрэхтэһиигэ эмиэ иккис эрэ миэстэҕэ тигистэ. Ол курдук, Арассыы­йа хамаандата 2000 сылтан аан маҥнайгытын уус-уран гимнастикаҕа кыһыл көмүс мэтээлэ суох хаалла.

rossiya prodolzhit vystupleniya pod flagom okr i s muzykoj chajkovskogo na oi 2022 1628486707890325785

Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 24 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри салгыы Токиоҕа XVI Паралимпийскай сайыҥҥы оонньуулар ыытыллыахтара. Паралимпиадаҕа спорт 22 көрүҥэр 539 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа.  Күрэхтэһиилэргэ 4 тыһ. тахса спортсмен кыттара күүтүллэр. Саха сириттэн үс кыыспыт – Анас­тасия Диодорова харбааһыҥҥа, Степанида Артахинова ох саанан ытыыга, Алена Дмитриева олорон эрэ волейболга – бэйэлэрин кыахтарын тургутуохтара.

Айаал Лазарев аан дойду күүстээхтэрин ахсааныгар

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр, көҥүл тустуу күрэхтэһиитин иккис күнүгэр, көбүөргэ 74 уонна 125 кг диэри ыйааһыннаахтар барыллаан хапсыһыылара саҕаламмыта. Биһиги биир дойдулаахпыт, Кыргызстаан Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан кыттар Азия чөмпүйүөнэ, Аан дойду Кубогын биирдиилээн бастыыр иһин түһүлгэтин призера Айаал Лазарев тустуутун долгуйан туран көрдүбүт. Утарсааччыта 21 саастаах американец Гейбл Стивенсон кадеттарга уонна юниордарга аан дойду күрэхтэһиитигэр бастыы сылдьыбыт.

1545503 0

Быйыл саас АХШ Олимпиадаҕа сүүмэрдиир чөмпүйэнээтигэр бастакы миэстэни ылан, олимпиец аатын ылбыт. Итиэннэ Панамерика континенын чөмпүйэнээтигэр иннин кимиэхэ да биэрбэтэх. Хомойуох иһин, итинник абытайдаах кыахтаах, таах сальто биэрэ сылдьар американецка Айаал сатаан утарсыбата, 0:10 ахсаанынан хотторон кэбистэ. Ол эрээри Гейбл Стивенсон монгуол бөҕөһө Мунхтуру 5:0 кыайан, Айаалга өссө биир «шанс» тосхойбута. Онон үһүс миэстэ иһин уолбут Турцияттан аатырбыт Тахе Акгуллуун күөн көрсө сырытта да, хапсыһыы 0:4 ахсаанынан түмүктэннэ. Судьуйалар очукуоларынан кыайыы­ны Тахе Акгульга анаатылар. Мэтээли ылары ситиспэтэр даҕаны, Айаал Лазарев иккитэ Олимпиадаҕа кыттар чиэскэ тиксибитэ уонна аан дойду күүстээхтэрин ахсааныгар киирэрин дакаастаата.

«Чөмпүйүөннүү ген» баар дуо?

1976 сыллаахха Канада Монреалыгар буолбут Олимпиадаҕа үс саха тустууга – Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов – педьесталга тахсар өрөгөйүн билбиттэрэ. Пинигин кыһыл көмүс, Ивановтаах Дмитриев үрүҥ көмүс мэтээллэри түөстэригэр чиэстээхтик кэппиттэрэ. Балыйбатахтара эбитэ буоллар, Роман Дмитриев 1972 с. Мюнхен Олимпиадатын кэнниттэн иккис кыһыл көмүс мэтээлэ буолуох­таах этэ... 

1980 с. Москваҕа буолбут Олимпийскай оонньууларга Павел Пинигин кыттыбыта. Кини кэргэнэ  Мария Джумабаевна 1988 с. Сеуллааҕы Олимпиадаҕа 4х400 эстафетаҕа кыттан, кыһыл көмүһү ылбыта. 2008 с. боксаҕа Георгий Балакшин боруонса мэтээлгэ тиксибитэ. 2012 с. Лондоннааҕы Олимпиадаҕа Евгения Колодко ядроны быраҕыыга миэстэлэһэн баран, кэлин допинг испитин билинэн, мэтээлин былдьаабыттара.

aattyy

Тустууга 1976 с. өрөгөй чыпчаалын көрдөрбүт бөҕөстөрбүт Олимпиада кыайыылаахтара буолан, саха омукка умнуллубат сүдү үөрүүлээх күнү бэлэхтээбиттэрэ. Кэнники сылларга маннык спортсменнар Саха сириттэн Олимпийскай оонньууларга кытталларын таһыма 60% түспүтэ бэлиэтэнэр. 2014 с. ХИФУ физическэй уонна спорка үнүстүүтүн ыстаарсай преподавателэ Светлана Ушканова суруйан турар: «Спортсмен үрдүк ситиһиилэри дабайарыгар ураты генетическэй, морфологическай дааннайдаах, физическэй, психофизиологическай дьоҕурдаах, уйулҕата, ньиэрбэтэ холку туруктаах буолуохтаах. Маннык ураты дьоҕурдаах - «чөмпүйүөн геннээх» - спорт­сменнар суохтарын кэриэтэ. Итинэн сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр спортсменнары бэлэмнээһин тиһигэр сүрүн соругунан спорка оҕолору сөпкө талыы уонна кинилэр дьоҕурдарын эрдэтинэ бэлиэтээһин, ол кэннэ сайыннарыы кыһалҕалара буолаллар».

IMG 20210808 010048 365

Дьэ, оччотугар «чөмпүйүөн генин» хантан, хайдах булабыт? Олимпийскай үрдэлгэ кыһыл көмүс ыллыгынан тахсыахтаах ыччаттарбытын хайдах иитэбит?  Дьиҥнээҕинэн барыта бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах. «Инники дьылҕабыт бэйэбит илиибитигэр» диэн этиини батыһыннаран, үрдүкү спорт үлэтин хайысхатыгар саҥа ааттары таһаарар, саҥа сулустары уматар, Саха сириттэн олимпиецтары иитиигэ, бэлэмнииргэ өрөспүүбүлүкэ салалтата күн бүгүн сөптөөх түмүктэри оҥостон, көдьүүстээх үлэни ыытара уонна улахан интэриэстээх буолара эрэйиллэр.

2024 сылга Парижка буолуохтаах XXXIII сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга бүгүҥҥүттэн спортсменнарбытын бэлэмнээн барыаххайыҥ.

*  *  *

Арай тас дойду экспердэрэ бэлиэтииллэринэн, дьиҥнээх олимпиецтары иитэргэ 50% оҕо тулалыыр эйгэтиттэн, кини олоххо дьулууруттан, психологиятыттан, 20%-на тириэньэриттэн уонна хаалбыт 30% гениттэн тутулуктаах. Тириэ­ньэр, биллэн турар, оҕону кыратыттан эрчийиэх­тээх, көрө-истэ, киниэхэ көмөлөһө, сүбэлии-амалыы, дурда-хахха буола сылдьыахтаах. Манна сыһыаран бэлитиэххэ наада – атырдьах ыйын 14 күнүгэр – Физкультурник күнэ. Чэгиэн, күүстээх уонна эр санаалаах буолуу бэлиэ күнэ уонна бырааһынньыга буолар.

Түгэнинэн туһанан, физкультурниктары, тириэньэрдэри, спортсменнары эҕэрдэлиибит!

Кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, саҥа кыайыылары баҕарабыт. Спорка чаҕылхай кыайыыларгытынан Саха сирин дьонун-сэргэтин үөрдэ, өрөспүүбүлүкэбитин ааттата, төрөөбүт сиргитин сураҕырда туруҥ  диэн алгыспытын аныыбыт!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением