Дойдуга сокуону оҥорооччулар Сэбиэттэрин мунньаҕа Москубаҕа муус устар 25 күнүгэр ыытыллыаҕа. Маны таһынан, муус устар 26-27 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка Таврическай дыбарыаска эбии тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар. Госдума Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Яровая иһитиннэрбитинэн, сүбэ мунньахха маннык тиэмэлэринэн кэпсэтии тэриллиэҕэ: - мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбата уонна тииһилэҥнээх буолуута: эрэгийиэннэргэ саҥа кыахтар уонна быһаарыылар;
- «Профессионалитет» федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии: электроннай бырамыысыланнаска каадыры бэлэмнээһин, робототиэхиникэ индустрията, массыынаны оҥоронтаһаарыы, о.д.а. экэниэмикэ тутаах салаалара; Бары боппуруостарынан туһааннаах министиэристибэлэр кыттыахтара. Оробуочай көрсүһүү үөрэтэр чааһа прикладной уонна иһитиннэрэр-биллэрэр хайысхалаах буолара былааннанар. Президиум быраактыкаҕа сүрүн тиэмэтэ -- «Эрэгийиэннэринэн тус сыаллаах хомуур: «Үрдүк үөрэххэ онлайнынан киирии» уонна «Арассыыйаҕа үлэ» сыыппара платформалара туһаныллыбат буолуулара».
Госдума спикерэ Вячеслав Володин мунньах кыттыылаахтарыгар сокуону оҥорооччулар Сэбиэттэрин бэбиэскэтин билиһиннэрдэ: - Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүллэр.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин олунньу 21 күнүнээҕи Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитин олоххо киллэрии;
- Бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылар туруктара уонна кинилэри эрэгийиэннэр саҥа усулуобуйаҕа үп-харчы өттүнэн туруктаах буолууларын уонна социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын хааччыйарга саҥа ньыма быһыытынан туттуу.
Салгыы Госдума спикерэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго вейптэри атыылааһыны бобор туһунан саҥа ылыныллыбыт сокуон барылыгар болҕомтотун уурда. Инникитин бу сокуону кэһээччилэргэ буруйдааһын дьаһалын регламена оҥоһуллуоҕун туһунан билиһиннэрдэ. - Бу сыл устата вейптарга акцизтары үрдэтэр туһунан сокуон барылын оҥорон, Госдумаҕа ылынарга этиилээх тахсыахпыт, оччотугар атыыта түһүө этэ, - диэн Вячеслав Володин эттэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0