Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон бырайыагын көрүү буолла.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев: “Бүгүн Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар киллэриллибит бэбиэскэни барытын көрөн бүтэрдибит. Ол эрээри, 2026 сыллаах бүддьүөппүтүгэр эбии үп-харчы көстүбүтүнэн уонна кэлэринэн сибээстээн, ону эбии киллэрэн биэрдибит. Ону сарсын салгыы көрүөхпүт.
Бүгүҥҥү көрүллүбүт боппуруостарга балачча суолталаах хайысхалар бааллар. Олортон иккитигэр тохтоон санаабын этиим. Ол курдук, 2027 сыллааҕы уонна 2028-2029 сыллардааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөппүт сокуонун ылынныбыт. Бу бүддьүөт ыарахан соҕус кэмҥэ ылылынна. Ону бары бэркэ диэн билэҕит. Ол эрээри, дохуоппут улаатта, онтон сиэттэрэн ороскуоппут эмиэ. 2026 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, дэписиит төрдүттэн сарбылынна. Быйылгы дэпэсиит 5,5 млрд. солкуобайтан тахса эбит буоллаҕына, кэлэр сылбыт киэнэ 2 млрд. 700-тэн тахса мөл. солкуобайы былааннаатыбыт.
Кэлэр 2027 сылга хамнаска эбии төлөбүр лаппа улаатта диэн этэбин. Быйылгыны кытта тэҥнээтэххэ, 38 млрд. солкуобайынан улаатта. Ол аата бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир дьоммут эбии 38 млрд. солкуобайынан дохуоттара эбилиннэ. Хомунаалынай хаһаайыстыба комплексын боппуруоһа уустук диэн этиэххэ наада. Инньэ гынан кэлэр сылга бу салааҕа бэриллиэхтээх субсидияны 100 % уурдубут, ол 55 млрд. солкуобайга тэҥнэһэр. Онон хомунаалынай хаһаайыстыба сөпкө аттарыллан үлэлииригэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн улахан үбү-харчыны биэрдибит.
Араас ыстатыйаларга (салааларга) үп-харчы тиийбэтэ баар. Норуот дьокутааттара да, бырабыыталыстыба да ону бигэргэттилэр. Бэйэбит уураахпытын элбэх пууннарыгар ону ыйан-кэрдэн биэрдибит. 2027 сыл устатыгар экэниэмикэбит өссө сайдан, эбии нолуок уонна дохуот киирдэҕинэ, толоруллубатах ыстатыйаларга үбү-харчыны уган биэриэхпит диэн быһаардыбыт.
Иккиһинэн, СӨ Счетнай балаататын бэрэссэдээтэлинэн Алена Федорованы иккис болдьоххо кистэлэҥ куоластааһынынан анаатыбыт. Алена Афанасьевна бу сылларга үлэтин түмүгүнэн иккис болдьоххо салгыы үлэлиирин сөптөөҕүнэн ааҕабыт. Кини өссө биэс сыл салгыы үлэлээн, хонтуруоллуур-счетнай уоргаммытын өссө сайыннарыаҕа уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп-харчы ороскуоттаныытыгар хонтуруолу өссө күүһүрдүөҕэ диэн эрэнэбит”, -- диэн быһаарда.
Хаартыскаҕа Василий Кононов түһэриитэ.