Өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтин куурсун салайар үлэ түмүктэрин таһаарар, инникини торумнуур мунньах саҕаланыан иннинэ хас да дьокутааты көрсөн, санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.
Александр Подголов, Ил Түмэн байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ил Түмэн II уонна VII ыҥырыылаах мунньах үлэтин туһунан санаатын эттэ. Кини аан бастаан дьокутаат быһыытынан, II ыҥырыыга талыллан үлэлээбитэ. Ол кэмтэн ыла сүүрбэттэн тахса сыл ааста.
«Ил Түмэн 30 сыла өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар дьоһун бэлиэ кэм. Мин Судаарыстыбаннай Мунньах инники ыҥырыытыгар үлэлээбитим, ол кэмтэн ыла мунньахтары ыытыы, сокуоннары ылыныы тосту уларыйда. Ол саҕана сокуоннары бэйэбит илиибитинэн суруйар этибит, тылдьыты тутан олорон, туох диэн ааттырбытын толкуйдуурбут. Оттон билигин юристар көмөлөһөллөр, аныгы тиэхиньикэ сайдыбыт.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Туһаайан этиитигэр нэһилиэнньэ олоҕун тупсарарга болҕомтотун уурда, оскуола оҕолоруттан саҕалаан, биэнсийэлээх дьоҥҥо тиийэ. Кини дойду инникитин анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун буойуннар, Аҕа дойдуга бэриниилээх, Кыайыыны уһансар дьон тутуохтара диэтэ.
Онон эрэгийиэннэргэ, ол иһигэр Саха Сиригэр Владимир Путин Туһаайан этиитин олоххо киллэрэргэ, дьон олоҕун уйгутун тупсарарга, анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ күүстээх үлэ ыытыллыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Александр Подголов.
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт тэрээһин туһунан сиһилии "Ил Түмэн" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0