Ол туһунан боппуруос Госдуума Сэбитигэр көрүлүннэ уонна оннук сорудах дойду парламенын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Яроваяҕа, Оборуонаҕа кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Каргаполовка, “Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа фракциятын салайааччытын солбуйааччытыгар Дмитрий Вяткиҥҥа, Информационнай бэлиитикэҕэ уонна информационнай технологияларга кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Хинштейҥҥа бэрилиннэ.
Сокуону оҥорууга Арассыыйа кырасдааныстыбатын ылыы усулуобуйатынан, пааспары туттарыыны кытта тэҥҥэ, байыаннай учуокка туруоруу ирдэбил быһыытынан киириэхтээх. Ону тэҥэ, Госдуума дойду саҥа кыраасданнара байыаннай эбээһинэһи толорууларын хонтуруоллааһыны күүһүрдэргэ туруорсар. Ол быһыытынан, саҥа кырасдааныстыбаны ылааччылар аармыйаҕа сулууспалыыр болдьохторо икки сылга диэри уһатыллыан уонна ыҥырыллар саастара үрдэтиллиэн сөп.
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0