Тыыл бэтэрээннэрэ социальнай өҥөнү дьиэлэригэр олорон эрэ ылыахтара. Анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор инники уочарат дьиэнэн хааччыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэ сокуонун чэрчитинэн тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор дьиэ атыылаһалларыгар, эбэтэр ипэтиэкэлэрин төлүүллэригэр харчы көрүллэр.
2024 с. Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сыла биллэриллэн, бу хайысханан үгүс-үтүмэн үлэ ыытылынна. «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр, сокуон этэринэн, бу үбү төрөппүттэр дойду лиссииэнсийэлээх балыыһаларыгар оҕо тииһин оҥотторорго туттуохтарын сөп.
Сокуон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун болдьоҕо суох оҥордо, социальнай көмө улахан оҕо 18-гар, эбэтэр күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннарга, аармыйаҕа, Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга 23 саастарыгар диэри төлөнөр.
Дьон кырдьар, кыаммат сааһыгар соҕотох хааларын аҕыйатарга, аҕа саастаах көлүөнэ уонна инбэлииттэр олохторун хаачыстыбатын тупсарарга приемнай дьиэ кэргэттэр кырдьаҕастары, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону ылан көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















