Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сиригэр уопсайа 1823 киһиттэн 1789 хандьыдаат эрэгистирээссийэлэннэ. Ол иһигэр: муниципальнай оройуон баһылыгын быыбарыгар түөрт дуоһунаска 21 хандьыдаат туруоруммутуттан, биир хандьыдаат туруоруммут ыстаатыһын сүтэрдэ, онон 20 хандьыдаат эрэгистирээссийэлэннэ.

Саха Сиригэр уопсайа 1823 киһиттэн 1789 хандьыдаат эрэгистирээссийэлэннэ. Ол иһигэр: муниципальнай оройуон баһылыгын быыбарыгар түөрт дуоһунаска 21 хандьыдаат туруоруммутуттан, биир хандьыдаат туруоруммут ыстаатыһын сүтэрдэ, онон 20 хандьыдаат эрэгистирээссийэлэннэ.

Оройуон сэбиэтин дьокутаатын 15 мандаатыгар 39 хандьыдаат киирсиэхтээх этэ, онтон биир киһи эрэгистирээссийэни ааспата, онон 38 хандьыдаат эрэгистирээссийэлэннэ.

Нэһилиэктэр баһылыктарын быыбарыгар 100 дуоһунас баар, онно 259 хандьыдаат киирсиэхтээҕиттэн, сэттэ киһи туруоруммут ыстаатыһын сүтэрдэ, сэттэ киһи эрэгистирээссийэни кыайан ааспата, онон 245 хандьыдаат эрэгистирээссийэлэннэ.

Орто Халыма улууһун II Мээтис нэһилиэгэр биир да хандьыдаат суох, онон, быыбардыыр хамыыһыйа быыбары алтынньы 19 күнүгэр диэри көһөрдө, быыбар сокуонун быһыытынан, баһылык дуоһунаһыгар киирэр хандьыдааттары күүтэллэр.

Нэһилиэк таһымыгар 1043 дьокутаат мандаатыгар 1504 хандьыдаат баарыттан, 10 киһи туруоруммут ыстаатыһын сүтэрдэ, аҕыс киһи эрэгистирээссийэни кыайан ааспата, онон 1486 киһи эрэгистирээссийэлэннэ, ити эрээри, ол кэнниттэн 12 киһи баҕа өттүлэринэн туораата.

Мандаат ахсаанынан, онтон да аҕыйах хандьыдаат хаалбытынан сибээстээн, Сунтаар улууһун Илимниир нэһилиэгэр, Орто Халыма улууһун Алаһыай нэһилиэгэр, Бүлүү улууһун Бороҕон нэһилиэгэр нэһилиэк сэбиэтин дьокутаатыгар быыбар тохтотулунна. Уопсайа 29 мандаат баар, онно хандьыдааттар бэйэлэрин туруоруналларын күүтэллэр.

Итиниэхэ олоҕуран, 1823 туруоруммут хандьыдааттан 1789 киһи эрэгистирээссийэлэннэ, 18 киһи туруоруммут ыстаатыһын сүтэрдэ, 16 киһи эрэгистирээссийэни кыайан ааспата.

Эрэгистирээссийэлэммит хандьыдааттар ханнык баартыйалартан туруоруллубуттарын ылан көрдөххө, бэйэ туруорунуутунан 606, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан 940, «Сиэрдээх Арассыыйа – кырдьык туһугар Арассыыйа патриоттара» баартыйаттан 78, «КПРФ» баартыйаттан 70, «ЛДПР» баартыйаттан 51, «Саҥа дьон» баартыйаттан 41, «Арассыыйа хомуньуустара» баартыйаттан 2, «Аҕа дойду» баартыйаттан 1 киһи эбит.

Эрэгистирээссийэлэнэн баран, нэһилиэк таһымыгар 12 киһи сайабылыанньа суруйан тохтоото.

Хаартыска СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын Тэлэгэрээм-ханаалыттан.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0