Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

 

Сыл түмүктэрэ. Быйылгы сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уратылаах буолла, биһигиттэн түргэн быһаарыныылары, түмсүүлээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыаны эрэйдэ. Биһиги олохпутун тупсарыыга туһаайыллыбыт сокуоннар соруктарын, сыалларын ситистилэр дуо? Быйыл ылыллыбыт бүддьүөт туох уратылаах буолла? Бу туһунан сиһилии норуот дьокутаата, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ “Талбан” биэриигэ кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит.

 

Сыл түмүктэрэ. Быйылгы сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уратылаах буолла, биһигиттэн түргэн быһаарыныылары, түмсүүлээх буолууну, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыаны эрэйдэ. Биһиги олохпутун тупсарыыга туһаайыллыбыт сокуоннар соруктарын, сыалларын ситистилэр дуо? Быйыл ылыллыбыт бүддьүөт туох уратылаах буолла? Бу туһунан сиһилии норуот дьокутаата, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ “Талбан” биэриигэ кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит.

Владимир Чичигинаров, доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ дьарыктаах буолууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ:Алтыс ыҥырыылаах парламент үлэтин саҕалыырбытыгар сүрүн хайысхалары торумнаабыппыт. Маныаха, 2019 сылга кыра дохуоттаах нэһилиэнньэ араҥата дохуотун үрдэтэригэр парламент истиилэрин ыыппыппыт. Онно СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэҥҥэ, салайар уорганнарга мэктиэлэри ылыммыппыт. Бу сыл ортотугар бырабыыталыстаба чааһын ыытан, дохуот үрдээһинэ хайдах хааман иһэрин, бырагыраама туолуутун дьүүллэспиппит. Онно көстөрүнэн, намыһах дохуоттаах нэһилиэнньэ араҥата 3% кыччаабыт, 19,9 %-тан 16 %-ҥа диэри түспүт. Ол эбэтэр 28 тыһ. кэриҥэ киһи бу араҥаттан тахсыбыт.

Иккис хайысхабыт - доруобуйа харыстабыла. 2019 сыллаахха Госдумаҕа доруобуйа харыстабылын  кэмитиэтин кытары улахан төгүрүк остуол тэриллибитэ. Манна сүрүннээн Аартыка эргимтэтигэр доруобуйа харыстабылын сытыы боппуруостарын быһаарсыбыппыт. Уһук хоту ыраах сытар нэһилиэктэри үбүлээһин, хамнастааһын, санавиация, эминэн-томунан хааччыйыы боппуруостара көтөҕүллүбүттэрэ. Сыл ахсын СӨ Бырабыыталыстыбатын, Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин кытары ыкса үлэлэһэбит. Быйыл СӨ Ил Дархана территориальнай пуонда бүддьүөтүн 7 млрд 400 мөл. солк. үрдэттэ.

Бу улахан ситиһии буолар. Харчы уһук хоту ыраах сытар нэһилиэктэри эминэн-томунан хааччыйар тэрилтэтигэр, реабилитацияҕа эмиэ ананыаҕа. Бүддьүөккэ сыһыаннаан эттэххэ, 2023 сылга чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы уонна санитарнай авиация толору хаачылынна. Бу икки боппуруос тыын суолталаахтар. Эминэн хааччыйыы туһунан сырдаттахха, сэдэх орфаннай ыарыылар диэн бааллар. Ыарыһахтар чэпчэтиилээх эминэн-томунан хааччыллаллар. Билигин  200-тэн тахса киһи ыарахан сыаналаах эмкэ наадыйаллар.

Бу сыалга 800-тэн тахса мөл. солк. көрүлүннэ. Бу сыалга үбүлээһин сылын ахсын көрүллэр эрээри, маннык ыарыылаахтар, хомойуох иһин, элбии тураллар. Онон үбүлээһин боппуруоһун федеральнай таһымҥа туруорсабыт. Санитарнай авиация үбүнэн хааччыллыытын аҥаарын федеральнай бүддьүөт ылынарыгар эмиэ туруорсабыт. Ити улахан көмө буолуо этэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением