— Саха Сирин экэниэмикэтигэр суол хаhаайыстыбатын салаата биир тутаах салаа. Биhиэхэ тырааныспар бары кѳрүҥнэрэ бааллар: тимир суолун тырааныспара, авиационнай, массыына, уу (муоратааҕы уонна ѳрүс) уонна трубопроводнай тырааныспар. Массыына суолларын ситимигэр «Ѳлүѳнэ», «Халыма», «Бүлүү» федеральнай уонна «Амма», «Кэбээйи», «Умнас», «Анаабыр», «Дьааҥы» уо.д.а. эрэгийиэннээҕи суолталаах айан суоллара киирэллэр. «Ѳлүѳнэ», «Халыма», «Бүлүү» федеральнай айан суолларын тимир суол тырааныспарын кытта холбуу сайыннарыы ѳрѳспүүбүлүкэ Киин, Илиҥҥи уонна Бүлүү бѳлѳх улуустарын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын урут турар соруктарын толорорго, тырааныспарга экэнэмиичэскэй сибээс кѳдьүүhүн үрдэтэргэ уонна онтон кэлин «Хотугу тиэйии-таhыы» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы тырааныспар кѳрүдүѳрүгэр киллэрэргэ туhуламмыт стратегическай тэрээhиннэр комплекстарыгар киирэр.
Суол тутуутугар Саха Сирэ Уһук Илиҥҥэ - 2 миэстэҕэ
Билигин «Халыма» ФАДка «Аллараа Бэстээх – Чурапчы» 160 км суол учаастагын аспааллааhын түмүктэннэ. «Ѳлүѳнэ» ФАД аспааллааhына 2024 сылга бүтүѳҕэ. Бу үлэ суол куттала суох уонна табыгастаах буоларын хааччыйар. Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтэ «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн суоллары оҥорууга Уhук Илин федеральнай уокуругар 2 миэстэҕэ турар. Ол курдук, барыта 2,5 мѳл. кв. м. суол оҥоhулунна.
«Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы үбүлээhин 2019-2022 сс. 24,9 млрд солк. буолбут, о.и. федеральнай бүддьүѳттэн – 7,6 млрд солк. Ол массыына суолларын ѳрѳмүѳннээhин уонна тутуу рекордтаах тэтимигэр тахсарга кѳмѳлѳстѳ. 2022 сылга ѳрѳспүүбүлүкэ суолун хаhаайыстыбатын тэрээhиннэрин олоххо киллэриигэ 13,7 млрд солк. кѳрүллүбүт.
2018 сылтан 2 485,8 км суол тутуллубут уонна ѳрѳмүѳннэммит, о.и. 1 060,1 км федеральнай, 912,1 км эрэгийиэннээҕи, 513,5 км олохтоох суолталаах суоллар.
Дьокуускай – Нам – Бүлүү массыына суола саҥалыы уларытан оҥоhулунна. «Нам» эрэгийиэннээҕи суолга Жатай, Хаҥалас бѳh. киириилээх, 4 балаhалаах хамсааhын олохтонно. Онон бу суол иккис тиэхиниичэскэй категориялаах суоллар бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир эрэгийиэннээҕи суоллар ахсааннарыгар киирдэ.
Дьокуускайга Ленин проспегын хапытаалынай ѳрѳмүѳнүн бастакы этааба түмүктэннэ. Барыта 36,2 км уулууса-суол ситимэ ѳрѳмүѳннэннэ. Быйыл бу үлэ бүтүѳхтээх.
Муоста тутуута эмиэ тэтимирдэ
Кэнники сылларга муоста тутуутун тэтимэ үрдээтэ. 2018 сылтан 49 муоста тутулунна: Аартыка улуустарыгар — 11, ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи айан суолларыгар — 26, муниципальнай суолларга — 12. Оттон 2019 сылга «Бүлүү» ФАДка Марха саамай улахан ѳрүhү туоруур муоста тутуллан, бу суолга муосталар каскадтарын бастакы сүhүѳхтэрэ буолла. 2022 сылга Уус Майа улууhугар «Амма» эрэгийиэннэҕи суолга Аллаах – Үүн ѳрүhү туоруур муоста киллэриллэн, Эльдикан, Солнечнай уонна Югоренок бѳh. сылы эргиччи сибээс олохтонно. Томпо улууhугар Мѳҥкүлэ, Ленскэй улууhугар Нүүйэ, Мииринэй улууhугар «Анаабыр» айан суолугар Чуоналыыр ѳрүстэри туоруур муосталар саҥалыы уларытан оҥоhуллаллар.
Саамай улахан бырайыак — Ѳлүѳнэ ѳрүhү туоруур муоста — Уhук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын национальнай бырагырааматыгар уонна дойду 5 сыллааҕы былааныгар киллэриллэн турар. Ѳлүѳнэ муостата 3 федеральнай уонна 5 эрэгийиэннээҕи айан суолларын, тимир суолун магистралын, ѳрүс пуордун, аэропуорт бѳдѳҥ тырааныспардааҕы ситимнэрин холбуоҕа. Нэhилиэнньэ тырааныспарынан туhаныыта 20-ттэн 80 % диэри улаатыаҕа.
Ил Түмэн 2022 сылга ылыллыбыт Федерация Сэбиэтин «Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын судаарыстыбаннай ѳйѳбүлүн туhунан» уурааҕар Ѳлүѳнэ ѳрүhү туоруур муостаны тутуу паритетнай үбүлээhинин бэлиэтээтэ. Онон тутуу 50 % федеральнай бүддьүѳт суотугар, 50% эрэгийиэн сириэстибэлэрин уонна чааhынай инвестор сириэстибэлэрин суотугар ыытыллыаҕа. Бу биhиэхэ олус улахан суолталаах быhаарыы.
Суолу көрүү-истии сокуонунан бэрээдэктэниэхтээх
Ону кытта ѳрѳспүүбүлүкэ суолларын ситимин уратытынан сезоннай суоллар улахан ѳлүүнү ылаллара буолар (68,9%). Федерация Сэбиэтигэр уонна РФ Бырабыыталыстыбатыгар маннык суоллары кѳрүүнү-истиини сокуонунан бэрээдэктиир наадатын туhунан боппуруоhу туруорбуппут хас да сыл буолла. Маныаха биhигини Уhук Илин федеральнай уокуругун сокуон таhаарар уорганнара ѳйүүллэр. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйаҕа саамай уhун кыhыҥҥы суоллар 3 эрэгийиэҥҥэ бааллар — СѲ, Красноярскай кыраайга уонна Чукотскай автономнай уокурукка. Саха Сиригэр 5 318 км 22 сезоннай айан суоллара бааллар. Муниципальнай суоллары холбоотоххо, кыhыҥҥы суоллар уhуннара 26 тыh. км тэҥнэhэр. Онон федеральнай кииҥҥэ биhиэхэ улахан суолталаах тырааныспар ситимигэр правовой статуhу биэрэр наадатын туhунан салгыы туруорсуохпут.
Үѳhээ ахтыллыбыт үлэ-хамнас үтүѳ түмүктэрэ суол хаhаайыстыбатын үлэhиттэрин уонна былаас уорганнарын сыраларынан ситиhиллэллэр.
Раиса НИКИФОРОВА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0