- Бу билигин аҕай иһиттим Алексей Ильич Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлинэн анаммытын, биир тылынан биһириибин. Адьас эдэр эрдэҕиттэн салайар үлэ тугун-ханныгын ымпыгар-чымпыгар диэри этинэн-хаанынан билбит киһи. Бу уларыйыы-тэлэрийии биир өттүнэн көлүөнэлэр солбуйсууларын көрдөрөр аналлаах. Эдэрдэр кэлэн иһиэхтээхтэр. Кинини бу үрдүкү дуоһунаска үлэлиир кыахтаах диэн сыаналыыбын уонна дьэ Саха сирин сайдарын туһугар туох баар кыаҕын, өйүн, муудараһын киллэрэн үлэлиэ диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин. Үс сүрэхпиттэн Алексей Ильичкэ эҕэрдэбин тиэрдэбин!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0