Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бу күннэргэ Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин Москубаҕа Саха Сириттэн элбэх оҕолоох Устиновтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ.

Бу күннэргэ Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин Москубаҕа Саха Сириттэн элбэх оҕолоох Устиновтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ.

Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн Устиновтар  хос эбэлэрин кытта  Москубаҕа  Сойуустар дьиэлэрин Колоннай саалатыгар Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр тэрээһин чэрчитинэн, 85 эрэгийиэн дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүүгэ ыҥырыллан кытыннылар. 7 

Устиновтар Амма улууһун Эмис нэһилиэгин төрүт олохтоохторо. Туйаара Петровна уонна Сергей Анатольевич уон оҕону — биэс кыыһы, биэс уолу төрөтөн, улаатыннардылар. Улахаттара бэйэлэрэ ыал буолан, сиэннэри бэлэхтээтилэр, саамай кыра сиэннэрэ 2 ыйдаах.

Устиновтар чөл олоҕу, спорду өрө туппут, айар куттаах дьон. Орто уоллара Герман Устинов көҥүл тустууга Саха Сирин икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Дмитрий Коркин турнирын кыһыл көмүс мэтээлин хаһаайына  буолар. Кийииттэрэ —ох саанан дьарктанар Кристина Тимофеева.6

Туйаара Петровна оҕо саадыгар үлэлээбитэ, билигин биэнсийэҕэ тахсан, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар. Дьоруой Ийэ бэлиэтин Ил Дархан илиититтэн туппута. Кини ийэтэ Татьяна Никифоровна Новикова уонна эбэтэ Елена Петровна Новикова эмиэ уонтан тахсалыы оҕону төрөтөн, киһи-хара гыммыттара. Кинилэр Сэбиэскэй Сойуус саҕана Дьоруой ийэ буолбуттара. Онон удьуордаан туран, элбэх оҕолоохтор, Дьоруой Ийэлэр.

Сайын аайы Устиновтар дьиэлэрэ оҕо саҥатынан туолар. Кинилэргэ эбэлэрин уонна 85 саастаах хос эбэлэрин алаадьылара, күөрчэхтэрэ туохтааҕар да минньигэс.

Вячеслав Володин бу саалаҕа Арассыыйа бары муннуктарыттан дьоллоох дьиэ кэргэттэр мустубуттарын, дьиэ кэргэн тутула таптал уонна ытыктабыл буоларын туһунан эттэ. Дьиэ кэргэннээх буолан, хас биирдии киһи сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээх, тирэхтээх, дьиэ кэргэн баар буолан, судаарыстыба күүстээх.

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0