Бырабыыталыстыбаҕа ыытыллыбыт бу докумуон тиэкиһэ ТАСС ааҕыныстыбатыгар үөрэтилиннэ. Уларыйыылары РФ Үлэ Кодексатыгар киллэрэргэ былааннанар.
«Үлэ эбэтэр симиэнэ күнүн уһуна биэс хонуктаах үлэ нэдиэлэҕэ биир чаас аччыыр», — диэн сокуон барылыгар этиллэр.
Ярослав Нилов бэлиэтииринэн, үлэ сыһыаннаһааччыларын өрүттэрэ бээтинсэҕэ сарбыллыбыт үлэ бириэмэтин бэйэлэрэ олохтуохтарын сөп эрээри, бу нуорманы федеральннай сокуон таһымыгар бигэргэтэр наада.
Быһаарыы сурукка этиллэринэн, үлэ нэдиэлэтин биир чааһынан кылгатыы үлэһиттэр олохторун хаачыстыбатын үрдэтиэхтээх, доруобуйаларын тупсарыахтаах, үлэни күүһүрдүөхтээх диэн чуолкайданар.
Хаартыска: эрэдээксийэ
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0