Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Валерий Иннокентьевич Федоров, тыа сирин туруктаах буоларын туһугар туруулаһар Ил Түмэн VII ыҥырыытын дьокутаата. Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, итиэннэ Наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэт чилиэнэ, биология билимин дуоктара, Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай үнүбүрсүтүөт ректора. Олоҕун тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ анаабыт баай уоппуттаах преподаватель, учуонай, салайааччы. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна. Бүгүн хаһыаппытыгар Валерий Иннокентьевич дьокутаат быһыытынан үлэтин сырдатыахпыт.

Валерий Иннокентьевич Федоров, тыа сирин туруктаах буоларын туһугар туруулаһар Ил Түмэн VII ыҥырыытын дьокутаата. Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, итиэннэ Наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэт чилиэнэ, биология билимин дуоктара, Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай үнүбүрсүтүөт ректора. Олоҕун тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ анаабыт баай уоппуттаах преподаватель, учуонай, салайааччы. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна. Бүгүн хаһыаппытыгар Валерий Иннокентьевич дьокутаат быһыытынан үлэтин сырдатыахпыт.

-- Дьокутаат буолар улахан эппиэтинэс. Тоҕо диэтэр, биһиги ылыммыт сокуоннарбытынан, бигэргэппит бүддьүөппүтүнэн өрөспүүбүлүкэбит туох баар олоҕо-дьаһаҕа түстэнэр. Мин Заложнай уокуруктан талыллыбытым. Быыбардааччыларым сүрүннээн тыа сирин олохтоохторугар киирсэллэр, ол курдук Хаҥалас улууһуттан Өктөм, Төхтүр, куорат уокуругуттан Табаҕа, Хатас, Пригороднай, Прометей уонна Залог олохтоохторо буолаллар. Онон, мин иннибэр тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын быһаарар сорук турар. Миэхэ куоластаабыт дьонум итини ирдииллэр, үлэбин көрөллөр-истэллэр, хонтуруоллууллар. Быыбардааччыларым куораттан чугас олорор буоланнар икки сүрүн бөлөххө арахсаллар. Холобура, сорохтор олорор сирдэрин куорат курдук сайыннарар баҕалаахтар, оттон атыттар тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар интэриэстээхтэр.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

БЫҺААРЫЛЛАР КЫҺАЛҔАЛАР

Уокуругум улахан кыһалҕатынан өрүс кытылын бөҕөргөтүү буолар. Сылын аайы сааскы халаан кытылы суурайан алдьатар. Кытыл сиҥнэн бөһүөлэктэр диэки кимэн киирэн иһэр. Өрүс кытылын бөҕөргөтүү үлэтэ федеральнай боломуочуйаҕа киирэр, ол иһин, федерааллары кытары күүстээхтик үлэлэһэммит, бу кыһалҕаны быһаарар соруктаахпыт.

Маны таһынан, нэһилиэктэргэ барыларыгар канализацияны ыраастыыр тутуу (КОС) боппуруоһа быһаарыллыбакка турар. Билигин чааһынай дьиэлэр бары тупсарыылаахтар (благоустройство). Тупсарыы баар буолла даҕаны убаҕас тобохтоох буолар. Холобура, сайдыылаах дойдуларга биир киһиэхэ 100-нэн лиитирэ уу ороскуоттанар. Төһөнөн олоҕуҥ тупсуута үрдүк, соччонон ууну туттууҥ улаатар. Ол быһыытынан, ууну киртитэн, убаҕас тобоҕу таһаарарбыт элбиир. Онон бу кыһалҕа сылтан сыл аайы сытыырхайан иһэр. Бу тобоҕу ханна гыналларый? Олохтоохтор убаҕас тобоҕу хомуйар ассенизация массыынатын ыҥыран, сиэптиктэриттэн оботтороллор. Оттон салгыы оботторуллубуту ханна илдьэн сүөкүүллэрин ким да билбэт. Ассенизациялар тобохтору сүрүннээн бигэргэтиллибэтэх сиргэ, ханна эрэ, киһи хараҕыттан дьалты сытар дьаамаҕа сүөкүүллэр. Холобура, Хаҥалас улууһугар анал канализацияны ыраастыыр тутуу Покровскайга эрэ баар, онно биллэн туран, Өктөмтөн, Төхтүртэн тобохтору илпэттэр. Мантан сылтаан тулалыыр эйгэ киртийэр, нэһилиэктэрбит эрэйдэнэллэр. Уопсайынан, билигин канализацияны ыраастыыр тутуу боппуруоһа өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн сытыытык турар. Экологиябытын, өрүспүтүн харыстыахпытын баҕарар буоллахпытына, үп-харчы көрөммүт канализацияны ыраастыыр тутуулары оҥорууну быһаара охсуохпутун наада.

Быыбардааччыларым мэччирэҥ уонна оттуур сир аҕыйаабытын бэлиэтээн этэллэр. Бу Туймаада, Эҥсиэли уонна Эркээни хочолоро сүөһү иитэргэ саамай үчүгэй, өҥ сирдэр. Ол иһин, былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит ынах-сүөһүнү иитэн олордохторо. Ону нэһилиэнньэ элбээн, мэччирэҥ, оттуур сирдэри дьон олорор сиригэр кубулуталлар. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарабыт диир буоллахпытына, онно аналлаах сирдэри туран биэриэ суохтаахпыт. Дьиҥинэн, бу эҥэр сүөһүнү иитэр дьон аҕыйахтар. Сүрүннээн сүөһүнү Пригороднайга уонна Хатаска иитэллэр. Хатаска «Баҕарах» диэн 200-чэкэ ынах-сүөһүлээх тэрилтэ баар.  Кинилэр сүөһүлэрин ахсаанын элбэтэннэр үрдүк ыамнаах ыстаадаланыахтарын баҕараллар. Онуоха мэччирэҥ сирдэрэ тиийбэт, иккиһинэн, аһатар баазалара, о.э. отторо, сенажтара эмиэ аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Оттон сылгы иитиитигэр тохтоон ааһар буоллахха, сылгыһыттар сылгыларын мыраан үрдүгэр көһөрөргө күһэллиннилэр. Тоҕо диэтэр, сылгы бөһүөлэк иһигэр бэйдиэ сылдьыа суохтаах диэн ирдэбил турар.

Бу сүрүн кыһалҕалары таһынан, бөһүөлэктэр истэринээҕи суолу тупсарыы, уулуссаны сырдатар уот остуолбаларын туруоруу о.д.а. боппуруостары үлэ бэрээдэгинэн быһаарабыт.

ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН ӨЙӨӨҺҮН

Ил Түмэн VII ыҥырыытыгар талыллаат, үлэбитин өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр көннөрүүлэри киллэрииттэн саҕалаабыппыт. Маныаха СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр уонна Бэтэринээрийэ департаменыгар төһө үп көрүллэригэр сүрүн болҕомтобун уурбутум. Тоҕо диэтэр, ити көрүллэр үптэн төһө ынаҕы, сылгыны, табаны иитэрбит итиэннэ бэтэринээрийэ өттүнэн турукпут быһаччы тутулуктаах. Көннөрүүлэри ырытыһан бараммыт, 2024 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөтү эптибит. Былырыын 14 млрд. тахса үп көрүллүбүт буоллаҕына, быйыл 15 млрд. 800 мөл. кэриҥэ үбү көрдүбүт. Онтон бэтэринээрийэ департаменын үбэ 1 млрд. 800 мөл. солкуобайга тиийдэ. Көрүллэр үп үрдээтэ, ол гынан баран, бу хайысхаҕа өссө да үбү эбиэхпитин наада. Тоҕо диэтэр, бастатан туран, тиэхиньикэ, эмп-томп, каадыр тиийбэт.

Тыа хаһаайыстыбатыгар каадырынан хааччыллыы өттүн эттэххэ, билигин сүрүннээн биэнсийэлээхтэр уонна биэнсийэ иннинээҕи саастаах дьон үлэлии олороллор. Эдэр үлэһит суоҕа туохтан тутулуктааҕый диир буоллахха, тыа сиригэр хамнас кыра уонна олорор усулуобуйа ыарахан. Ол иһин, ыччат тыа сиригэр олохсуйуон, үлэлиэн баҕарбат. Бу саамай улахан кыһалҕабытынан буолла. Мин, агротехнологическай үнүбүрсүтүөт ректора буоларым быһыытынан, ити кыһалҕаны үчүгэйдик билэбин. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕэр ыччат киириитэ мөлтөх, кини онно интэриэһэ суох. Соторутааҕыта Ставрополлааҕы судаарыстыбаннай аграрнай үнүбүрсүтүөккэ сылдьан кэллим. Онно РФ Тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Оксана Лут «Тыа хаһаайыстыбатын каадырдарын бэлэмнээһин» диэн тиэмэҕэ улахан пуорум ыытта. Ол пуорумҥа этиллибитинэн, Арассыыйа үрдүнэн тыа сирин исписэлиистэрин ахсааннын 50 тыһыынча киһинэн элбэтиэхтээхпит диэн тирэх сорук турда. Ол тирэх сорук таһынан, тус сыаллаах сорукпутунан исписэлиистэрбит ахсаанын 260 тыһыынчаҕа тириэрдиэхтээхпит. Онон Сахабыт Сиригэр каадырдары элбэтэр сорук турар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр 7400-тэн тахса эрэ киһи тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир. Ол дьон 27 % этинэн уонна 50 % оҕуруот аһынан биһигини хааччыйан олороллор. Үлэһит ахсаанын элбэтэммит этинэн, үүтүнэн, хортуоппуйунан бэйэбитин хааччыныыбытын 70-80 %-ҥа үрдэтиэхпитин наада.

ЫЧЧАТЫ КӨҔҮЛҮҮР СОРУКТААХПЫТ

Хайдах гынаммыт эдэр ыччаппытын тыа сиригэр олохсутабыт диэн куруутун кэпсэтэбит, ырытыһабыт. Маныаха, тыа сиригэр холоотоххо, куорат тэрилтэлэрэ, бырамыысыланнай хампаанньалар быдан элбэх хамнастаахтар. Билигин сир баайын хостуур тэрилтэлэр үрдүк хамнаһынан угуйар ыҥырыылары күүскэ ыытыллар. Онон ыччат улахан хамнастаах тэрилтэлэргэ үлэлии киирэр. Аны урут тыаҕа олорор учуутал буоллун, быраас буоллун, а.э. интеллигенция үксэ ынах-сүөһү иитэр этэ. Билигин оннук суох. Тыа сиригэр үлэһит, анал үөрэхтээх исписэлиис тиийбэт, инньэ гынан бэйэ кэтэх хаһаайыстыбата эстэр, сүөһү ахсаана аҕыйыыр, оҥорон таһаарар бородууксуйа суоҕун кэриэтэ, онтон сылтаан тыа хаһаайыстыбата эстэр суолга киирдэ.

Урут 90-с сыллардаахха «Эдэр исписэлиистэргэ тыа сиригэр чааһынай дьиэни тутуу» диэн наһаа үчүгэй бырагыраама баар этэ.  Ол бырагырааманан эдэр дьон дьиэлэнэннэр тыаҕа олохсуйаллара. Билигин итини Тыа сирин уонна Уһук Илин ипотекалара солбуйдулар, инньэ гынан, дьон ипотекаларынан киин сирдэргэ дьиэ ылаллар, кинилэргэ оннук хамсаабат баайга үптэрин угаллара барыстаах. Онтубут тыа сиригэр олохсуйууга улахан харгыһы үөскэтэр. Онон, бастакытынан, тыа сиригэр чааһынай дьиэни тутууну (ИЖС) киллэрии наада, оччоҕуна ыччаппыт тыаҕа олохсуйуо. Иккиһинэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн, эдэр исписэлиис бааһынай хаһаайыстыбаҕа эбэтэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар кээпэрэтиипкэ үлэлии киирдэҕинэ, үс өрүттээх дуогабар быһыытынан, хамнаһыгар эбии харчы көрүллэр. Ол курдук, үрдүк үөрэхтээх эдэр исписэлиискэ 15 тыһыынча солкуобайы, орто анал үөрэхтээххэ 12 тыһыынчаны хамнаһыгар эбии төлүүбүт. Бу үөтэтэ суох дии саныыбын. Кэнники итинник дуогабардары түһэрсии аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Онуоха, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров: «Эбии төлөбүрү хамнас алын кээмэйигэр тиэрдиэҕиҥ, о.э. 42 тыһыынча солкуобайга диэри эбиэххэ, ити быдан көдьүүстээх буолуо», - диэн этэр. Мин буоллаҕына, бэйэм итиннэ эбии этиилээхпин. Ол курдук, «АПК-фонд» Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатын генеральнай дириэктэрэ Геннадий Белоусов манна кэлэ сылдьан атын эрэгийиэннэр уопуттарын кэпсээбитэ. Холобура, Ханты-Мансийскай АУо араас эйгэҕэ үлэлиир исписэлиистэргэ биэнсийэлэригэр эбии хааччыйыы диэни киллэрбит. Бу уопукка тирэҕирэн, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир эдэр исписэлиис хамнаһыгар олоҕурбут эбии төлөбүрү көрөрбүт таһынан, ый аайы биэнсийэтин пуондатыгар алталыы тыһыынчаны угаммыт, 15 сылынан үрдүк биэнсийэҕэ тахсарын, о.э. биэнсийэтигэр эбии хааччыйыы быһыытынан 20 тыһыынча солкуобайы ыларын, ситиһиэххэ диэн этиилээхпин. Үгүс ыччат биэнсийэ туһунан санаабат, оттон маннык ситими киллэрдэххэ, кини эрдэттэн бу тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээтэхпинэ хамнаспар эбии төлөбүр аахсабын, ону таһынан, 15 сыл тохтоло суох үлэлээтэхпинэ, биэнсийэбэр эбии хааччыйыы көрүллэр, оччоҕуна үрдүк биэнсийэлээх буолабын диэн эрэх-турах сананыа. Ханты-Мансийскай АУо уопутун үөрэтэммит, итинник сокуону оҥорон ылыннахпытына ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиирин көҕүлүө этибит. Бу боппуруоһу Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин иһинэн дьүүллэһэ сылдьабыт.

Онон, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахпытын баҕарар буоллахпытына, бу эйгэҕэ хамнаһы үрдээтиигэ дьокутааттар сүрүн болҕомтобутун ууруохтаахпыт уонна тыа сиригэр, куораттан туох да итэҕэһэ суох гына, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга үлэлэһиэхтээхпит. Дьэ, итинник усулуобуйаны тэрийдэхпитинэ дьон-сэргэ тыаҕа тардыһыа, онно олохсуйуо этэ.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

ХОЛОБУР БУОЛАР ТИРЭХ ХАҺААЙЫСТЫБАЛАР

Мин саныахпар, улуус аайы тыа хаһаайыстыбатыгар тирэх тэрилтэлэр баар буолуохтаахтар. Холобура, Хаҥаласка сылгы иитиитинэн дьарыктанар «Дьөһөгөй» КФХ баар. Онно сылдьаммын, бэркэ дьаһанан олороллорун сөҕөн-махтайан кэлбитим. Маалтааны диэн сылгы баазатыгар тиийдибит. Онно автономнай гаас ситимин киллэрбиттэр, биир кииннэммит хочуоллаахтара учаастакка баар дьиэлэри, баанньыктарын итиинэн хааччыйар. Уот-күөс барыта баар. Киин дэриэбинэттэн туох да итэҕэһэ суох олорор усулуобуйалаах. Мин хаһан даҕаны иччэ элбэх сылгы, 800-тэн тахса төбө, биир алааска хааллан турарын көрө илик этим. Сылгыларын уопсай ахсаана икки тыһыынчаттан тахса. Хаһаайыстыба салайааччыта Вячеслав Нестеров: «Биэм ахсаанын икки тыһыынчаҕа тириэрдэр соруктаахпын», - диэн кэпсиир. Маннык үлэлээх, бастыҥ көрдөрүүлээх, холобур буолар тэрилтэлэр хас улуус аайы бааллара буоллар, тыа хаһаайыстыбата сүтүө-симэлийиэ суох этэ. Биһиги устудьуоннарбытын итинник тэрилтэлэргэ быраактыкаҕа ыытаммыт, хайдах дьаһанан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэххэ, байыахха сөбүн көрдөрүө, үөрэтиэ этибит.

КААДЫРЫ БЭЛЭМНЭЭҺИН

Мин үнүбүрсүтүөппүн сайыннараары дьокутаакка туруоруммутум. Дьокутаат буолбатаҕым буоллар, Ил Түмэн сис кэмитиэттэринэн, министиэристибэлэри кытары чопчу этиилэринэн, туруорсууларынан үлэлэһэр судургута суох буолуо этэ. Федеральнай үөрэх тэрилтэтин ректорын этиитэ дуу, норуот дьокутаатын тыла дуу? Дьокутаат буоламмын ыйытыылары туруорабын, хоруйдары ылабын, кыһалҕалары быһаарар суоллары тобулабын.

«Орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин үөрэх бырагыраамаларынан тус сыаллаах үөрэтии туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт. Тус сыаллаах үөрэххэ оҕо киирдэ да, толору үөрэнэн бүтэриэхтээх уонна үс өрүттээх дуогабарынан анаммыт сиригэр үлэҕэ киириэхтээх. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн биир устудьуон тус сыллаах үөрэҕэр сылга 300 тыһ. солкуобай курдук бүддьүөттэн үп көрүллэр. Оҕо үөрэҕин быраҕан кэбиһэр түгэнигэр, ити үп таах хаалар. Итини бэрээдэктиир сыаллаах сокуоҥҥа уларытыы киириэхтээх. Манна даҕатан эттэхпинэ, үөрэхтээһиҥҥэ саҥа сүүрээн киирбитинэн, исписэлиистэри тус сыаллаах бэлэмнээһин (целевая подготовка специалистов) боппуруоһа сытыытык турда. Ол курдук, урут федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэҕэ үөрэммит устудьуон үлэлиэхтээх сирин бэйэтэ талар кыахтааҕа, эбэтэр олох да атын эйгэҕэ үлэлии барара. Билигин инник көстүүнү тохтотон эрэллэр. РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэҕит барыта тус сыаллаах буолуохтаах диэн ирдиир. Быйыл үрдүк үөрэххэ 669 босхо кубуота биэрдилэр, онтон 25 %-на тус сыаллаах буолар. Эһиил бу көрдөрүү 50 %-ҥа тэҥнэһиэхтээх. 2030 сылга 100 %-ҥа тиийиэхтээх, о.э. биһиги устудьуоннарбыт босхо үөрэххэ киирдилэр да, бастакы куурустан, үөрэхтэрин бүтэрэн баран ханна үлэлии барыахтаахтара номнуо быһаарыллан, үс өрүттээх дуогабардаах буолуохтаахтар. Оннуга суох устудьуоннарга бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэ бэриллибэт.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Быйыл агротехнологическай үнүбүрсүтүөппүт уораҕайыгар хаһан да буолбатах тэрээһиннэри ыыттыбыт. Ол курдук, муус устар 10 күнүгэр, Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин тэрийиитинэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин агропромышленнай комплексыгар каадырдары бэлэмнээһин» диэн төгүрүк остуол буолбута. Муус устар 12 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттарын көһөрүүлээх мунньаҕын тэрийбиппит. Бу тэрээһиннэргэ дьокутааттар, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр, Үөрэҕирии уонна наука, Ыччат уонна социальнай коммуникацияҕа министиэристибэлэрэ, араас биэдэмистибэлэр, агрооскуолалар дириэктэрдэрэ кыттыыны ылбыттара. Төгүрүк остуолга оҕону оскуола эрдэхтэн идэтин быһааран үөрэтэр тоҕоостооҕун, нэһилиэктэри, агрооскуолалары кытары идэтийии хайысхатыгар (профориентация) күүскэ үлэлэһиэхтээхпитин, «Оскуола - орто анал үөрэх - үрдүк үөрэх – тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар урбаан» диэн бэрээдэги тутуһар сорук турбутун кэпсэттибит. Оттон көһөрүүлээх мунньахха дьокутааттары кытары тыа хаһаайыстыбатын каадырдарын бэлэмнээһиҥҥэ баар кыһалҕалары ырытан, салгыы тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин барылын дьүүллэспиппит. Ону тэҥэ, билим оҥоһугун олоҕурдууга суударыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин туһунан кэпсэппиппит уонна үнүбүрсүтүөппүт, итиэннэ Ханты-Мансийскай АУо биэнсийэ пуондатын кытта үлэлэһэр уопутун билиһиннэрбиппит. Мунньах түмүгэр дьокутааттар кыһалҕалары туоратыыга бииргэ үлэлэһэргэ быһаарбыттара.

Инникитин тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ саамай ирдэниллэр идэлээх дьон буолуохтара. Тоҕо диэтэр, аан дойдуга киһи ахсаана элбиир, оттон тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар сир аҕыйыыр, онон аһылык боппуруоһа сытыырхайан иһиэҕэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир барыстаах буолуо. Онон тыабыт сирин сүтэриэ суохтаахпыт. Тыа хаһаайыстыбатын тутан хаалларбыт сайдыахпыт, байыахпыт, кыаҕырыахпыт!

«Ил Түмэн» хаһыат ааҕааччыларыгар кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин.

Кэм-кэрдии ааһар, көлүөнэ уларыйар. Ол эрээри, хас биирдии Арассыыйа олохтооҕун өйүгэр-санаатыгар дойдуну фашизмтан быыһаабыт көлүөнэ хорсун быһыытыгар, олорон ааспыт олоҕор, үлүскэннээх үлэтигэр дириҥ махтал иҥэн сылдьар. Биһиги Ытык иэспит - кыайыылаах көлүөнэҕэ махталы ыччакка тиэрдии уонна дойдуну харыстыыр үгэһи чиэстээхтик салҕааһын.

 

Антонина НЕУСТРОЕВА

Хаартыскалар Валерий Федоров архыыбыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением