Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Бүгүн хаһыаппытыгар биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин ылан, Таатта улууһун бэрэстэбиитэллээх уорганын 5-с ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутаатынан талыллыбыт уонна улуус Мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Петр Петрович Максимовтыын сэһэргэһэбит.

Бүгүн хаһыаппытыгар биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин ылан, Таатта улууһун бэрэстэбиитэллээх уорганын 5-с ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутаатынан талыллыбыт уонна улуус Мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Петр Петрович Максимовтыын сэһэргэһэбит.

Петр Максимов 1983 с. талыы-талба Таатта киинигэр, Ытык-Күөл нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 2008 с. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин бүтэрэн, биолог идэлэммитэ. Онтон 2009-2016 сс. РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы акадьыамыйатыгар үөрэнэн, «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы» исписээлинэстэммитэ. 2008-2013 сс. Тааттатааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр судаарыстыбаннай иниспиэктэринэн, 2013-2015 сс. СӨ СБТ «Саха» НКИХ уопсай салаатын испэсэлииһинэн, 2015-2018 сс. Таатта улууһун Бизнес-инкубаторын дириэктэринэн, 2018-2023 сс. СӨ Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын Таттаатааҕы филиалыгар үлэ харыстабылын уонна бырамыысыланнай куттал суох буолуутун испэсэлииһинэн үлэлээбитэ. 2023 сылтан Улуус Мунньаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Петр Максимов дьокутаат үлэтигэр 2013 сылтан сыстыбыта. Ол курдук, 2013-2015 сс. СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) 5-с ыҥырыытын дьокутаатын, Андросов Иван Михайлович уопсастыбаннай көмөлөһөөччүтүнэн уонна 2020-2023 сс. Таатта нэһилиэгин Сэбиэтин дьокутаатынан үлэлээбитэ. Онон бу эйгэҕэ уопуттаах киһи буолар. Петр Петрович улахан ыал амарах аҕата, тапталлаах кэргэнинээн Мария Ивановналыын үс уол оҕолоохтор.

Бэрэстэбиитэллээх уорган үлэтэ

— Үлэбэр быыбардааччыларым, аҕа саастаах биир дойдулаахтарым, кыра эрдэхпиттэн такайан таһаарбыт ийэлээх аҕам сүбэ-соргу уонна дьиэ кэргэним күүс-өйөбүл буолаллар, - диэн Петр Петрович кэпсээнин саҕалыыр, - Таатта улууһун бэрэстэбиитэллээх уоргана 19 дьокутааттаах. Онтон 17-тэ эр киһи, 2-тэ дьахтар. Семен Николаевич Андросов уонна Алексей Дмитриевич Рахлеев улуус Мунньаҕын үһүс ыҥырыыларыгар талыллан дьокутааттыыллар. Бу улахан уопуттаах, дириҥ билиилээх дьон үлэбитигэр төһүү күүс буолаллар.

Сэбиэт 7 хамыыһыйалаах. Ол курдук, Сокуоҥҥа, олохтоох бэйэни салайыныыга уонна үлэни бэрээдэктииргэ (бэрэссэдээтэл Е.И. Ермолаева), Былааннаах үп-харчы, бүддьүөт уонна нолуок бэлиитикэтигэр (М.Г. Аржаков), Бас билии, сир-уот, айылҕа ресурсаларын, экэлиэгийэ, гражданскай көмүскэнии уонна ыксаллаах быһыы-майгы (С.С. Михайлов), Агробырамыысыланнаһы биир кэлим сайыннарыы (С.Н. Андросов), Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбата, олоҕу тупсарыы, бырамыысыланнас, энэргиэтикэ уонна тутуу (С.Н. Слепцов), Социальнай бэлиитикэ (И.И. Дягилев), Урбаан, атыы-тутуу, тырааныспар уонна сибээс (А.Д. Рахлеев) боппуруостарыгар хамыыһыйалар үлэлииллэр.

Бэрэстэбиитэллээх уорган сүрүн үлэтинэн сокуону оҥоруу буолар, о.э. улуус нуормалыыр быраап аахталарыгар, бүддьүөтүгэр көннөрүүлэри, уларытыылары киллэрии, сокуонунан сирдэтэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга, сир-уот боппуруостарыгар о.д.а. хайысхаларга быһаарыныылары ылыныы. 2023 с. балаҕан ыйыттан бу сыл бэс ыйыгар диэри үлэлээбит кэммитигэр уопсайа 79 быһаарыыны ылыммыппыт, онтон 43-һэ нуормалыыр быраап аахталарынан буолаллар. Маныаха биһиги улуус салалтатын уонна Уопсастыбаннай Сэбиэти кытта ыкса үлэлэһэбит.

Туруктаах олоҕу түстээн

Биһиги, дьокутааттар, норуот талбыт дьонноро буоларбыт быһыытынан, нэһилиэнньэбит олоҕо туруктаах буоларын, Тааттабыт сайдарын туһугар үлэлэһэбит. Нэһилиэнньэ кыһалҕатын быһаарыы – бу дьокутааттар сүрүн сорукпут. Ол чэрчитинэн нэдиэлэ чэппиэрин аайы олохтоохтору кытта көрсүһүүнү тэрийэбит. Маны таһынан, дьокутааттар улуус нэһилиэктэригэр тахсаммыт, олохтоохтору кытары сирэй көрсөбүт, нэһилиэктэр дьокутааттарын уонна баһылыктарын кытта ыкса үлэлэһэбит.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Олохтоохтор туһааннаах кы­һалҕаларын өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду таһымыгар тиийэ туруорсабыт. Холобура, инбэлииттэр биэнсийэлэрэ дохуот быһыытынан ааҕыллара табыгаһа суох, тоҕо диэтэр, онтон сылтаан кыайан үлэлээбэт араҥа атын социальнай босуобуйалары ылбат. Бу боппуруоһу быһаарарга Ил Түмэни кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Маны таһынан, муниципальнай сулууспалаахтар биэнсийэлэрин ааҕыыга туруорсуулар киирэллэр.

Олохтоохтор сүрүннээн олорор усулуобуйаны тупсарыыга баар кыһалҕаларын, чуолаан дьиэ акылаатын уларытыыны, суолу оҥорууну туруорсаллар. Хаарбах дьиэ боппуруоһа сытыытык турар. Холобура, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор киһи саҥа дьиэҕэ тиксэр, онтон чааһынай дьиэлээх бу бырагыраамаҕа хапсыбат. Онуоха, Саха Сирин усулуобуйатыгар, кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы куйааска, ардахтаах, хаардаах дьылларга мас дьиэ акылаата түргэнник эмэҕирэр, дьиэ-уот туруга мөлтүүр. Дьон үксэ бэйэлэрин үптэринэн акылааттарын уларытар кыахтара суох. Маныаха, дьиэ акылаатын уларытыыга көмө быһыытынан эрдэ 30 тыһыынча солкуобай көрүллэр буоллаҕына, быйылгыттан биһиги бу үбү икки бүк улаатыннардыбыт уонна 60 тыһыынча солкуобайга тириэртибит.

Биир сүрүн боппуруоһунан киин ититиигэ холбонуу буолар. Тустаах үлэни дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ былаан быһыытынан ыытар. Бу былаан оҥоһулларыгар дьокутааттар ититии тыраассата тиийбэтэх сирдэрин көрөн, хочуол кыамтатын учуоттаан санаабытын этэммит быһаччы кыттыһабыт.

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тула олус элбэх этии киирэр. Холобура, чааһынай хаһаайыстыбалары тэринии, түргэнник ситэр үүнээйини олордуу о.д.а. боппуруостар үөскүүллэр. Онон үбү 2,5 бүк улаатыннаран 26 мөлүйүөн солкуобайы тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар көрдүбүт.

Бу сыл кулун тутар ыйыгар СӨ Төрүт сокуонун сэбиэтин кэмитиэтин кытта  Таатта улууһун дьокутааттарын сэбиэтэ инникитин бииргэ үлэлэһэр сөбүлэҥ түһэристибит. Ол курдук, 2024-2025 үөрэх дьылыгар, балаҕан ыйын 1-кы күнүттэн, А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык-Күөл 1-кы №-дээх орто оскуолатын 8-с кылааһыгар юридическай хайысхалаах кылааһы арыйарга илии баттаһан бииргэ үлэлээһиммит бастакы хардыытынан буолла. Кылааска 21 оҕо талыллан киирдэ уонна биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын, бэрэпиэссэр М.М.Федоров аата иҥэрилиннэ. Бу бырайыак этэҥҥэ олоххо киирдэҕинэ, олохтоох каадырдары үүннэрэн таһаарар сыаллаах, эһиил атын хайысхалардаах кылаастары аһыахпыт диэн эрэллээхпит.

Үлэбит көдьүүстээх буоларын туһуттан Илин эҥэр улуустар дьокутааттарын сэбиэттэрин Ассоциациятын тэриммиппит. Ассоциацияны Чурапчы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Оконешников Яков Павлович салайар. Манна 6 улуус, ол курдук, Томпо, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Таатта бэрэстэбиитэллээх уорганнара биир ситимнээхтик үлэлээммит бэйэ-бэйэбитигэр күүс-көмө, өйөбүл буолабыт. Бары бииргэ кыһалҕалаах боппуруостарбытын Ил Түмэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа туруорсабыт, атын да дьаһаллары сүбэлэһэн тэрийэбит. Маннык түмсүүлээхпит үлэбитин күүһүрдэн биэрэр.

Кэлэр сылга Тааттабыт социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, бэйэ оҥорон таһаарыы хайысхаларыгар болҕомто ууруллуоҕа, ону тэҥэ, нэһилиэнньэ ахсаана аччаабатын туһугар каадырдары олохсутууга, эдэр испэсэлиистэри дьиэнэн хааччыйыыга күүскэ үлэлиир былааннаахпыт.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

***

Петр Максимовтыын бастаан билсэрбэр кини холку майгылаах эрээри, эдэрдии эрчимнээх, дириҥ толкуйдаах эбит диэн бэлиэтии көрбүтүм. Таатта дьонун-сэргэтин олоҕо тупсарын туһугар туруулаһар соруктаах эдэр салайааччы уонна дьокутааттар сэбиэттэрин үлэтэ тахсыылаах, үтүө түмүктэрдээх буолуоҕар бигэтик эрэнним.

Антонина НЕУСТРОЕВА,

Хаартыскалар Петр Максимов архыыбыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34