Бу сокуон урбаанньыттарга эрэ сыһыаннаах буолбатах, олохтоохтор эмиэ нолуоктарын төлөбүрүттэн ыйыллыбыт кэмҥэ босхолоноллор. Көмө миэрэтин сүрүнэ пандемия кэмигэр эмсэҕэлээбит аччыгый уонна орто биисинэскэ, социальнай үлэлээх коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ туһаайыллар. Ол курдук, кинилэр 2020 сыл иккис кыбаарталыгар төлүөхтээх нолуоктарыттан босхолоноллор. Оттон биисинэстэрэ эмсэҕэлээбит урбаанньыттар страховой усунуостарын быйылгы сыллааҕы төлөбүрдэрэ хамнас алын кээмэйинэн кыччыыр. Өскөтүн, урбаанньыт дьону хамнастаабат (үлэһитэ суох) буоллаҕына, биэнсийэ булгуччулаах страхованиетын усунуоһа 2020 сылга 20 318 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0