Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

2026 с. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуота 337 млрд. солк., ороскуота 349 млрд. солк., дэписиит 12,8 млрд. солк. Өрөспүүбүлүкэ 200 млрд. солк. бэйэтэ оҥорор, 100-тэн тахса млрд. үбү федеральнай бүддьүөттэн датаассыйа, субсидия быһыытынан ыыталлар.

2026 с. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуота 337 млрд. солк., ороскуота 349 млрд. солк., дэписиит 12,8 млрд. солк. Өрөспүүбүлүкэ 200 млрд. солк. бэйэтэ оҥорор, 100-тэн тахса млрд. үбү федеральнай бүддьүөттэн датаассыйа, субсидия быһыытынан ыыталлар.

Ол туһунан Үнүбүрсүтүөт уокуругун олохтоохторугар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, түһээҥҥэ уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии, приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев иһитиннэрдэ.

Хааһынаҕа харчы суох диэн үгүс киһи өрө тыынар эрээри, бүддьүөт дохуотун кээмэйинэн Саха Сирэ Арассыыйаҕа 12 миэстэҕэ турар, онон өрөспүүбүлүкэ дойду үрдүнэн саамай улахан бүддьүөттээх эрэгийиэннэр ахсааннарыгар ТОП-15 эрэллээхтик киирэр. Дохуоппутун сир баайын хостуур бырамыысыланнас хааччыйар.

Былааннаан ааҕыынан, 2027 с. олохтоох бүддьүөт дохуота 342,1 млрд., ороскуота 347,5 млрд., дэписиитэ 5,4 млрд. солк. 2028 с. бүддьүөт дохуота 362,4 млрд., ороскуота 368,4 млрд., дэписиитэ 6,1 млрд. солк.

Аны сайын бэс ыйыгар пленарнай мунньахха бүддьүөккэ уларытыылары ылыныахтара, 2025 с. бүддьүөтү толорууну көрүөхтэрэ.

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ. 

Ол туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыакка ааҕыҥ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Булт босуобуйатын курдук

Тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, сылгыһыт, табаһыт, булчут туһунан Юрий Комиссаров «Бөрө Уолун…
12.04.26 11:03
В Ил Тумэне

Деньги за результат

В Госсобрании Якутии 8 апреля прошел круглый стол, посвященный одному из самых значимых…
12.04.26 10:44
Уопсастыба

Кэрэхсэнэр кэрэ киһи

Усуйаана улууһун Дьүкээгир нэһилиэгин сүрүн баайынан, киэн туттуутунан тоҥтон толлубат,…
12.04.26 10:20