Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Абыйга, Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Муомаҕа биллэрдик хаардыыр.

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Абыйга, Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Муомаҕа биллэрдик хаардыыр.

Усуйаанаҕа, Абыйга, Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа уонна Аллараа Халымаҕа итиэннэ Аартыка кытылынан хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 16-21 м. түргэннээхтик тыалырыа, буурҕарыа.

Салгын температурата күнүһүн -28-33°, намтал сирдэргэ -33-38°, арҕаа, соҕуруу, Халымаҕа -18-23, сорох сиринэн -12°С буолар.

Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах буолуо. Салгын температурата күнүһүн -29-31°С. буолар.

Хаартыска Гигачат оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0