Хааһынаҕа харчы суох диэн үгүс киһи өрө тыынар эрээри, бүддьүөт дохуотун кээмэйинэн Саха Сирэ Арассыыйаҕа 12 миэстэҕэ турар, онон өрөспүүбүлүкэ дойду үрдүнэн саамай улахан бүддьүөттээх эрэгийиэннэр ахсааннарыгар ТОП-15 эрэллээхтик киирэр. Дохуоппутун сир баайын хостуур бырамыысыланнас хааччыйар.
Былааннаан ааҕыынан, 2027 с. олохтоох бүддьүөт дохуота 342,1 млрд., ороскуота 347,5 млрд., дэписиитэ 5,4 млрд. солк. 2028 с. бүддьүөт дохуота 362,4 млрд., ороскуота 368,4 млрд., дэписиитэ 6,1 млрд. солк.
Аны сайын бэс ыйыгар пленарнай мунньахха бүддьүөккэ уларытыылары ылыныахтара, 2025 с. бүддьүөтү толорууну көрүөхтэрэ.
Хаартыска Мария Васильева, СИА.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















