Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Экэниэмикэ сайдан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр дохуот киириитэ эмиэ биллэрдик эбилиннэ, 2024 с. дохуоппут 377 млрд. солк. тиийэн, 2018 с. кытта тэҥнээтэххэ, 28% үрдээтэ. Онон нэһилиэнньэ олоҕун таһыма тубуста, дьон дохуота 35,2% эбиллэн, Уһук Илин уонна Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһарда.

Экэниэмикэ сайдан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр дохуот киириитэ эмиэ биллэрдик эбилиннэ, 2024 с. дохуоппут 377 млрд. солк. тиийэн, 2018 с. кытта тэҥнээтэххэ, 28% үрдээтэ. Онон нэһилиэнньэ олоҕун таһыма тубуста, дьон дохуота 35,2% эбиллэн, Уһук Илин уонна Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһарда.

Үлэ төлөбүрүн пуондата 2018 с. 288 633 мөл. солк. этэ, оттон кэнники сылларга 210,2% үрдээн, 2025 с. 606 837 мөл. солк. тэҥнэстэ. Орто хамнас 2018 с. 68 871 солк. этэ, 2025 с. 139 435 солк. диэри үрдээтэ. Ол эрэн ыам ыйынааҕы ыйаахха киирбэтэх үлэһиттэр хамнастара аҕыйах тыһыынчанан үрдүүр, онон хамнас икки төгүл үрдээтэ диэн этэр сөбө суох. Нэһилиэнньэ биир киһиэхэ тиксэр ыйдааҕы дохуотун ылан көрдөххө, отчуокка сурулларынан, 2018 с. 42 711 солк. этэ, оттон 2025 с. 91493 солк. диэри үрдээбит. Оттон сорох дьон хамнаһа ити көрдөрүүттэн лаппа кыра.

Үлэтэ суох буолуу хаһааҥҥытааҕар даҕаны кыччаан турар, 2017 с. бэттэх үлэһит ахсаана элбээн, 2025 с. 522,7 тыһ. киһиэхэ тиийдэ. Дьоҕус уонна орто урбааҥҥа үлэлиир дьон ахсаана эбиллэн, 125,3 тыһ. киһиэхэ тэҥнэстэ.

Демография көрдөрүүтүнэн Уһук Илин бастакы миэстэни ылабыт, оҕо төрөөһүнүгэр дойду үрдүнэн 9 миэстэҕэ турабыт, ону таһынан, өлүү лаппа аҕыйаабыта бэлиэтэннэ. 2024 с. көрдөрүүтүнэн Саха Сиригэр дьон 72,9 сааһыгар диэри олорор, Уһук Илин эмиэ инники күөҥҥэ сылдьабыт.

2017 с. нэһилиэнньэ ахсаана 28,5 тыһ. киһинэн эбилиннэ, итиниэхэ оҕо төрөөһүнэ уонна атын эрэгийиэнтэн дьон көһөн кэлиитэ тирэх буолар. Нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэ турара үлэлиир дьонунан хааччыллыыны тупсарар, 2024 с. үлэһит орто сааһа 41.

Ол туһунан кэлэр 2032 сылга, тус сыаллаах көрүүнэн 2050 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тосхолун дьүүллэһэр Ил Түмэҥҥэ ыытыллыбыт бырабыыталыстыба чааһыгар СӨ Экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов иһитиннэрдэ. 

Хаартыска Мария Васильева, СИА. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0