Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2018-2024 сс. уопсайа 4,2 мөл. кв.м. иэннээх дьиэ тутулунна, онон өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор 24,5 кв.м. тиксэр. Кэнники биэс сыл иһигэр 107 тыһ. дьиэ кэргэн олорор дьиэлэрин тупсардылар.

2018-2024 сс. уопсайа 4,2 мөл. кв.м. иэннээх дьиэ тутулунна, онон өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор 24,5 кв.м. тиксэр. Кэнники биэс сыл иһигэр 107 тыһ. дьиэ кэргэн олорор дьиэлэрин тупсардылар.

2018-2024 сс. уопсайа 392 социальнай эбийиэк тутуллубут, ол иһигэр 16839 миэстэлээх 75 оскуола, 9455 миэстэлээх 82 уһуйаан, доруобуйа харыстабылын 104 эбийиэгэ, култуура 67 эбийиэгэ, успуорт 52 уораҕайа үлэҕэ киирбит. Өрөспүүбүлүкэ дьиэтин-уотун 95% тахса хаһаайыстыбатын куйаар ситиминэн хааччыйдылар.

Ол да буоллар, нэһилиэнньэ дьадайыыта аҕыйаабыт курдук эрээри, Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн син биир үрдүк, 2024с. 12,8% тиийдэ. Дьон олоҕун уһатыы, оҕо төрөөһүнүн өссө элбэтии, куоракка табыгастаах эйгэни оҥоруу, дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыы ситэ кыалла илигэ бэлиэтэннэ. Сүрүн кыһалҕа быһыытынан уот, энергетика, хомунаалынай хаһаайыстыба эбийиэктэрэ эргэрдилэр, дьиэ-уот эмэҕирдэ.

Сир баайыттан киирэр дохуот үрдүгүнэн сибээстээн, инникитин технологическай сайдыы суолунан роботтары оҥоруу, үлэни автоматизациялааһын сайдыан сөп. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ пилота суох авиация көмөтүнэн аһы-үөлү, туттар тэрили тиэрдиэхтэрэ, ойуур баһаарын хонтуруоллуохтара.

Хаартыска Мария Васильева, СИА. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0