Алексей Курило (Аллараа Халыма) хаартыската
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга министиэристибэтэ биллэрбитинэн, уу суола аһылларыгар эрдэттэн саҕаламмыт бэлэмнэнии үлэтэ түмүктэнэрэ чугаһаабыт. Уу суолунан 1 мөл. туоннаҕа чугаһыыр таһаҕас тиэллиэҕэ. Ыам ыйын иккис дэкэдэтин туругунан, таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктанар уу аалларын 70 бырыһыана сайыҥҥы үлэҕэ тиэхиньиичэскэй өттүнэн бэлэм буолбута этиллэр.
Ол курдук, таһаҕаһы тиэйиигэ быйыл флот 720 уу аала, өрүс пуордун 50 тиэхиньикэтэ үлэлиэхтээх.
Бэлэмнэнии үлэ бигэргэммит кыраапыгынан баран иһэр. Ол курдук, уулара эрдэ түһэр Амма, Алдан уонна Бүлүү эбэлэринэн таһаҕаһы тиэйиини ыам ыйын 20 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри тохтоло суох хааччыйар былааннаахтар.
Быйыл уу суолунан уопсайа 1 мөл. туоннаҕа чугаһыыр таһаҕас араас көрүҥэ тиэрдиллиэхтээх.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
















