РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин авиацията Саха сиригэр баар баһаардары умуруорууга 440-тан туонна ууну кутта. Бүгүҥҥү күҥҥэ уустук балаһыанньа Мииринэйгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ, Өймөкөөҥҥө, Уус Маайаҕа, Томпоҕо уонна Сунтаарга бэлиэтэммит, уопсайа 177 ойуур баһаара күөх дуолу күүдэпчэлиир. Бүгүн, от ыйын 16 күнүгэр, аэромобильнай бөлөх састааба Мииринэйгэ, Горнайга уонна Өймөкөөҥҥө үлэлии сылдьар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0