“2019-2025 сс. хаарбах туруктаах дьиэ-уот пуондатыттан олохтоохтору көһөрүү” бырагырааманан Саха сиригэр уопсайа 55 тыһ. киһи көстө. Кинилэр олорбут дьиэлэрин уопсай иэнэ – 1001,14 тыһ. кв.м. Бу сыалы ситиһэргэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 94,9 млрд. солк. үп-харчы көрүллүбүтэ.
2025-2026 сс. 1790 киһини хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрөргө 3,3 млрд солкуобайдаах сайаапка бигэргэннэ.
Санатан эттэххэ, Арассыыйаҕа хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн 2008 сылтан үлэлиир. 2019 сылтан “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирбитэ, онтон 2025 сылтан бырагыраама сыала-соруга “Инфраструктура для жизни” саҥа национальнай бырайыакка киирбитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
