Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 4 oC

«Бу ыйтан, тохсунньу 1 күнүттэн, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 18,5%-нан үрдүүр. Быһаарыыны былырыын дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбитэ. Мантан ыла хас биирдии киһи дохуота хас да төгүл улаатыахтаах. Саҥа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ үлэҕэ киириэҕиттэн, 5 мөл. кэриҥэ киһиэхэ хамнастара эбиллиэҕэ», - диэн Госдума спикерэ Вячеслав Володин эттэ.

Маны таһынан үлэ төлөбүрүн кээмэйэ уларыйарын кытта, атын социальнай төлөбүрдэр эмиэ эбиллиэхтэрэ: быстах кэмҥэ үлэтэ суохтарга босуобуйалар, оҕо күүтэр уонна төрөөбүтүн кэннэ эдэр дьахталларга булгуччулаах социальнай төлөбүрдэр.

Итини кытта үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 7,5% үрдүөҕэ. Оттон Саха Сиригэр оҕолоох ыаллары өйүүр эрэгийиэннээҕи социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрэ эмиэ үрдүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Ол курдук, маннык төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдүүр:

— «Сүүс сыл оҕолоро» хапытаал – 110 775 солкуобай;

— «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаал (үһүс уонна онтон салгыы оҕо төрөөтөҕүнэ) — 300 000 солкуобай;

— бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр төлөбүр – I зона – 55 694 солкуобай, II зона – 46 650 солкуобай;

— эдэр ыал бастакы оҕотугар – 8 605 солкоубай;

— ый аайы үһүс оҕоҕо көрүллэр төлөбүр – I зона – 27 847 солкуобай, II зона – 23 325 солкуобай;

— элбэх оҕолоох ыалга оскуолаҕа диэн көрүллэр төлөбүр  – 4 302 солкуобай.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Пересдать ЕГЭ

В этом году одиннадцатиклассники получили возможность пересдать любой экзамен. Но только…
03.05.24 14:44