Албан ааттаах опера артыыһын, педагог, уһуйааччы, уопсастыбаннай деятель А.Е. Ильина-Дмитриева оҕо сааһыттан саҕалаан олоҕун кэрдиистэрин туһунан олус истиҥ кэпсэтиини суруналыыс Георгий Белоусов иилээн-саҕалаан ыытта.
Анна уонна Егор Ильиннэр кыыстарыгар иккиэннэрин аатын холбоон ханна да суох Анегина диэн ааты биэрэннэр, дьоллоох айар дьылҕаны түстээбиттэр. Анегина Егоровна сэттэ сааһыттан саҕалаан, дьонун-сэргэтин үөрдээри ыллыыр буолбутун туһунан, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа музыкальнай салаа арыллан, поэт Илья Чаҕылҕан тылыгар аатырбыт «Хайыһар», «Ах, Самара городок» курдук киэҥник биллэр ырыалары айбыт Андрей Филиппович Костиҥҥа үөрэммитин, кини инники дьылҕатын быһаарар оруолламмытын, учууталын сүбэтинэн салгыы Москватааҕы консерватория иһинэн музыкальнай училищеҕа туттарсан киирбитин кэпсээтэ. Салгыы Москватааҕы государственнай консерваторияҕа профессор Нина Львовна Дорлиак кылааһыгар үөрэммитин, устудьуоннуур сылларыгар Нина Дорлиак уонна Святослав Рихтер дьиэлэригэр дьарыктанарын туһунан дириҥ махталынан аҕынна. Учууталларын «Таҥара дьоно» (божественные люди) диэтэ Анегина Егоровна. Кини аан бастаан төрөөбүт Сахатын сиригэр театрга үлэлии кэлэн баран саха бастакы идэтийбит опера артыыһа, режиссер Анна Ивановна Егорова П.И. Чайковскай «Евгений Онегин» оператын туруоруутугар Ольга партиятын толорбутун, бииргэ үлэлээбит сүдү артыыстарын, композитордарын, музыканнарын, дирижердарын, оччолорго опера, балет, драма артыыстара бары бииргэ кыараҕас диэбэккэ, эйэлээхтик, бииргэ алтыһан үлэлээбиттэрин истиҥник аҕынна. Билигин кыах, усулуобуйа баарын, Саха сиригэр талааннаах ыччат аҕыйаҕа суоҕун, Г.М. Кривошапко аатынан Государственнай филармония арыллан үлэлиирин, симфоническай оркестрдар, идэтийбит уус-уран коллектвтар ситиһиилээхтик үлэлииллэрин эттэ. НХМ-га аан бастаан рояль кэлбитин сүрэхтээбиттэрин, талааннаах музыкант Ю.М. Упхоловалыын төһөлөөх тематическай музыка киэһэлэрин ыыппыттарын ахтан-санаан ааста. СӨ Духуобунаһын Академиятын академиктарын быһыытынан ити курдук уопсастыбаннай үлэни ыыталлара. Анегина Егоровна уопсастыбаннай деятель быһыытынан өссө Дьокуускай куоракка Россия ИДЬМ юридическай институтугар ректор быһыытынан устудьуоннары духуобунай-сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ үлэлээбитэ.
Анегина Егоровна кэргэнин, олоҥхону чинчийээччи, научнай үлэһит, суруйааччы П.Н. Дмитриев-Туутук туһунан, кинилиин 47 сыл сарын сарыннарыттан өйөһөн бииргэ олорбуттарын, тус олоҕун туһунан кэпсээтэ.
Ырыа-кэпсээн, эҕэрдэ киэһэтигэр А.Е. Ильина-Дмитриева үөрэнээччилэрэ уонна кинилэр үөрэнээччилэрэ музыкальнай эҕэрдэлэрин анаатылар. Кини үөрэнээччитэ, СР профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Россиятааҕы конкурстар лауреаттара, ДЬПК преподавателэ Лилия Борисова үөрэнээччилэрэ Максим Ефремов, Мичил Прокопьев, Николай Ефимов классикаттан уонна саха мелодистарын толордулар. Анегина Егоровна үөрэнээччитэ, СР культуратын туйгуна, ДЬПК преподавателэ Акулина Тихонова Латиф Хамиди «Казах вальсын» уонна Герман Комраков «Күн уота» ырыаларын, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан стипендия лауреата, СР народнай артыыһа Николай Попов Иван Гоголев тылыгар, Николай Берестов музыкатыгар «Чочур Мыраан» ырыатын анаата. Үөрэнээччитэ, саха оператын эдэр ырыаһыта Мария Михайлова Николай Поповтуун П. Чайковскай «Евгений Онегин» оператыттан Ольга уонна Ленскэй арияларын толордулар. Мария Михайлова «Ньургун Боотур» операттан (Д. Сивцев-Суорун Омоллоон, М. Жирков, Г. Литинскэй) Туйаарыма Куо, Жорж Бизе «Карменыттан» Сегидилья арияларынан эҕэрдэлээтэ. Анегина Егоровна үөрэнээччилэрэ -- Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан ГОуоБТ солистката Мария Шапошникова Захар Степанов «Анна есть Анна» опереттатыттан Лира ариятын, Дж. Верди «Риголетто» оператыттан Джильда ариятын, ГОуоБТ хорун артыыһа Анита Еремеева Герман Комраков «Туруйалар» ырыатын учууталларыгар анаатылар. Кэнсиэр нүөмэрдэрин СР культуратын туйгуна, аан дойдутааҕы уонна Россиятааҕы конкурстар лауреаттара Алена Давыдова фортепианоҕа уонна СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Раиса Крылова байааҥҥа доҕуһуоллаатылар.
Хас биирдии артыыс, устудьуон тахсан ыллыырыгар Анегина Егоровна кинилэр тустарыгар тэҥҥэ, кинилэрдээҕэр ордук долгуйар, уоһун иһигэр тэҥҥэ ылллаһар. «Үөрэнээччилэрим ыллыылларыгар олус долгуйабын, ол кэриэтэ бэйэм ыллыырым буоллар», -- диир Анегина Егоровна. «Ыллаабат киһи диэн суох. Кими баҕарар үөрэтиэххэ сөп» -- диир кини. «Билиҥҥи вокалист музыкальнай колледжка түөрт сыл, салгыы үрдүк үөрэххэ биэс сыл үөрэнэр. Ол сааамай кырата. Биһиги олохпут устатын тухары үөрэнэбит», -- диэтэ кини.
Анегина Егоровнаҕа бииргэ үөскээбит үөлээннээҕэ, СР народнай артыыһа З.П. Багынанова Варвара Потапова, кэнсиэр режиссера, СР искусстволарын үтүөлээх деятелэ Р. Тараховскай Анемподист Софронов хоһооннорун ааҕан анаатылар. XX-c үйэ улуу ырыаһыта Анегина Ильина айар дьону саҥа айымьылары айарга кынаттаабыта. Саха народнай поэта Семен Данилов киниэхэ анаабыт «Маҥнайгы хаар» айымньытыгар мелодист Виталий Андросов ырыа айбыта. Бу кэрэ ырыаны үөрэнээччилэрэ уонна үөрэнээччилэрин үөрэнээччилэрэ бары толорууларыгар Учуутал тэҥҥэ ылласта. Эҕэрдэ кэнсиэри Анегина Ильинаҕа, кини айар үлэтигэр анаабыт саха биллиилээх худуоһунньуктара А.Н. Осипов, Л.Д. Слепцова о.д.а. НХМ фондаларыгар хараллар хартыыналара, саха модельердара Августина Филиппова, Людмила Остапец, көстүүмнэргэ театральнай худуоһунньук Дария Дмитриева Анегина Ильина-Дмитриеваҕа анаан тикпит концертнай көстүүмнэрэ ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Анегина Егоровнаны үөрэнээччилэрин сэргэ саха культуратын, наукатын деятеллэрэ, кини талааныгар сүгүрүйээччилэр, аймахтара эҕэрдэлээтилэр. Албан ааттаах, көмүс күөмэйдээх, модун талааннаах ырыаһыты, уопсастыбаннай деятели, педагог-уһуйааччыны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков эҕэрдэлээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, Анегина Егоровна ССРС Үрдүкү Сэбиэтин X-с ыҥырыытын дьокутаатынан талыллан үлэлээбитэ. Кини дьокутаат быһыытынан Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет Государственнай театра тутуллуутугар уонна Саха сиригэр өҥнөөх телевидениены киллэриигэ үлэлэспит үтүөлээх.
А.Н. Жирков уонна А.Е. Ильина-Дмитриева дьиэ кэргэнэ өрдөөҕүттэн хардарыта доҕордуу ситимнээхтэр, Анегина Егоровна Александр Николаевичка болҕомтотун, өйөбүлүн иһин улахан махталлаах. Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Анегина Ильинаҕа анаабыт эҕэрдэтигэр маннык тыллар бааллар:
«Ытыктабыллаах Анегина Егоровна! Эйигин олоҕуҥ бэлиэ күнүнэн уонна айар үлэҥ саҕаламмыта 55 сыла туолар айхаллаах түгэнинэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Айар үлэ эйгэтигэр Эн бэлиэтик, дьорҕооттук, дорҕоонноохтук киирбитиҥ. Ол кэмтэн ыла Олоҥхо куттаах Сахаҥ дойдутун кылааннаах Кыыс Ньургуна буолан төрөөбүт норуотуҥ үтүө аатын Аар Саарга таһаардыҥ. Күн бүгүнүгэр диэри үүнэр ыччаккар суол аһан, аартык арыйан, тыыннаах холобур буолан айар үлэ өрөгөйдөөх чыпчаалыгар ыҥыра, үөрэтэ-такайа, алгыы-арчылыы сылдьаҕын.
Оннук буола туруохтун, аны да уһун сылларга!
Үгүс ахсааннаах Эйиигин ытыктыыр, киэн туттар, таптыыр сүгүрүйээччилэргиттэн биирдэстэрэ Александр Жирков».
Анегина Егоровна олоҕун доҕоро, олоҥхону чинчийиигэ, үөрэтиигэ олоҕун анаабыт наука үлэһитэ, суруйааччы Петр Никифорович Дмитриев-Туутук 2003 сыллаахха П.А. Ойуунускай Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхотун толору тахсыытын С.П. Ойуунускайалыын бэчээккэ бэлэмнээбитттэрэ. Бу айымньы саҥа 2022 сыллаах тахсыытын Александр Николаевич Петр Никифорович улахан кыыһыгар Дария Петровнаҕа: «Саха олоҥхотун харыстаһыыга, үөрэтиигэ, тарҕатыыга олоҕун анаабыт Петр Никифорович үтүө аата саха олоҥхото баарын, кэрэхсэнэрин тухары махталлаах тылларынан ахтылла туруоҕа», -- диэн анал суруктаан бэлэхтээтэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0