Василий Васильевич Павлов-Макар Мыла 1943 с. сэтинньи 7 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Василий Николаевич Павлов Хаптаҕай төрүт олохтооҕо, мындыр, байанайдаах булчут, бэйэтин кыанар киһи этэ. Ийэтэ Варвара Лукинична Никифорова Ороссолуодаттан төрүттээҕэ, олус иистэнньэҥ, асчыт этэ. Василий Таня диэн эдьиийдээҕэ, Ваня диэн бырааттааҕа. Оҕолор ийэлэрэ эрдэ өлөн, аҕа, эдьиий көрүүтүгэр хаалбыттара. Чугас аймахтарынан сылдьан, кыһынын интэринээккэ олорон үөрэммиттэрэ.
Вася кыра эрдэҕиттэн ааҕарын, уруһуйдуурун сөбүлүүрэ, айылҕа дьикти көстүүлэрин мындырдык кэтээн көрөрө. “Ааҕааччылар суруйар ааппын ыйыталаһааччылар, тоҕо Баһылай эрээри Макар буоллун, Мыла диэн туох суолталаах тылый? Аҕам кэпсииринэн, өбүгэ киһим, Баддьыыска Макаар диэн сүрэхтэммитэ үһү. Онон араспаанньабыт Макаров буолуохтааҕын лөчүөк дуу, аҕабыыт дуу, атын эһэбит аатынан Павлов диэн кумааҕыга киллэрбит. Дьиҥэр, биһиги Макаровтарбыт. Онтон төрөөбүт-үөскээбит үрэҕим Мыла аатын ылыммытым. Саха поэзиятын Улуу Өлүөнэҕэ холоон туран, өрүһү угуттуур тыһыынчанан ааҕыллар үрүйэлэр, үрэхтэр ахсааннарыгар мин сэмэй, ол эрэн, бүгүрү үлэһит Мылам ааттаныан сүрдээҕин баҕарбытым... Оҕо сылдьан Мыла үрэх чүөмпэлэригэр күөгүлээн, сөтүөлээн аххан биэрэрбит – Суон бэс, Кистэлэҥнээх, Абааһылаах диэн элбэхтэ умсаахтаабыт сирдэрим буолаллар», -- диэн кэпсиирэ Василий Васильевич.
Кини аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан суруйан ыыппыт “Сахалиҥҥа чуумпу түүн” хоһооно улуустааҕы «Ленинскай знамя” хаһыакка бэчээттэммитэ. Аармыйаттан кэлэн баран Хаптаҕай үүнүүлээх бааһыналарыгар бурдук ыһыспыта, суха суолун хаалларбыта хоһоонноругар ахтыллар. Василий Павлов хаһыакка бастакы иһитиннэриитэ 1962 с. “Эдэр коммунистка” тахсыбыта. 1967-1968 с. доҕотторун кытары бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун түмэн, дьоҕус альбом оҥорбуттара.
Василий Павлов кэргэн ылан, Бүлүү куоратыгар олохсуйбута. Үс оҕолоох, элбэх сиэннээх. Кэргэнэ Надежда Ивановна Яковлева өр сылларга Бүлүү куоратыгар бырааһынан үлэлиир.
Макар Мыла Бүлүүгэ “Бүлүү саҕахтара” көҥүл хаһыакка эрэдээктэринэн, олохтоох араадьыйа салайааччытынан үлэлээбитэ, олохтоох телевидениеҕа дьон болҕомтотун тардыбыт “Көмүлүөк суоһугар сэһэргэһии” диэн биэриини иилээн-саҕалаан ыыппыта. Айар үлэтин түмэн, үс кинигэни таһаарбыта: «Ситтэрбэтэх ыра санаа» (Дьокуускай, 1995), «Үрдүк сулустарга айан» (Бүлүү, 2005), “Алтан сэргэ хаһыакка” (Дьокуускай, 2006). Ырыа буолбут хоһооннорун компакт дискэҕэ-түмэн, бар дьонугар бэлэх ууммута. Ол барыта Хаптаҕай нэһилиэгин библиотекатыгар ууруллан тураллар, нэһилиэк дьоно ааҕа, үөрэтэ сылдьаллар. Макар Мыла дойдутуттан тэйэн сылдьан, төрөөбүт-үөскээбит сирин куруук күндүтүк саныырын, ахтарын хоһоонноруттан, дьүһүйүүлэриттэн ааҕан билэбит:
Ахтылҕан тыалыгар уйдаран,
Аттанным төрөөбүт дойдубар.
Тиийдим ээ, иэйиибэр дайдаран,
Тииттээҕим көһүппүт буоругар
Оо, дойдум—үөскээбит түһүлгэм,
Омуннаах тылларда иитээриий!
Олохпор тиксибит күөх илгэм,
Оҕолуу махталбын ылаарыый...
Ханна да сылдьаммын мин өрүү
Хаан уруу дьоннорбун саныыбын,
Ханна да бүөм-мэһэй, бэл өлүү
Хайдах да араарбат ханыыбын.
Хаптаҕайга Василий Павлов-Макаар Мыла 80 сылыгар анаммыт дьаһал бэрт тэрээһиннээхтик ааста. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, сыана бэтэрээнэ, норуот маастара Валентина Соломонова көҕүлээһининэн, нэһилиэк дьаһалтатын, оскуола кэлэктиибин, олохтоох бибилитиэкэ үлэһиттэрэ ыччаты, нэһилиэнньэни барытын хабан бэртээхэй дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр. Нэһилиэк күндү ыалдьыттарынан буоллулар: Макар Мыла олоҕор, айар үлэтигэр күүс-көмө буолбут тапталлаах доҕоро, олоҕун аргыһа, иэйиитин ымыыта, кэргэнэ, СӨ үтүөлээх бырааһа Надежда Павлова, аймахтара: «Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, Светлана Аргунова, ыччат бэлиитикэтин уонна гражданскай инициатива туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката Майя Аргунова, алтыһан үлэлээбит биир идэлээхтэрэ Борис Гоголев, Тарас Тарасов, Хаптаҕайтан төрүттээхтэр куораттааҕы түмсүүлэрин салайааччы, үп-экэниэмикэ кэллиэһин дириэктэрэ Анастасия Соломонова.
Талааннаах поэты ахтан-санаан ааһар киэһэҕэ, кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар ылланнылар. “Хаптаҕайым эн аатыҥ” гимны «Сандаара” ансамбль, “Тугутчаан” ырыаны Евдокия Федорова, “Мэҥэттэн сылдьабын” хоһоону оскуола ахсыс кылааһын уолаттарын толордулар. “Иэйии” бөлөх Макар Мыла элбэх хоһоонун доргуччу, иэйиилээхтик, долгутардык ааҕан иһитиннэрдэ. Кэрэ айылҕаны, олоххо тапталы, дьиҥнээх иэйиини, бары бэркэ билэр Мыла үрэхпитин, Тииттээх түөлбэ ньүөл сирин, туруу үлэһит дьонун хоһуйбут талба хоһооннорун дьон иһийэн, хас биирдии тылын сүрэхтэригэр-быардарыгар иҥэрэ олордулар.
Надежда Ивановна тапталлаах кэргэнин туһунан иһирэх ахтыыны оҥордо, Хаптаҕай дьонугар-сэргэтигэр махтанна. Макар Мыла оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо кини оҕо эрдэҕиттэн билиигэ көрүүгэ тардыһыылааҕын, сытыы-хотуу өйдөөҕүн, табатык хоһуйар уратылааҕын бэлиэтээтилэр, суруналыыс доҕотторо кини хайдах да түгэҥҥэ кырдьыгы өрө тутарын, олоҕу-дьаһаҕы сырдатар матырыйааллара иитэр-үөрэтэр, толкуйдатар суолталаах буолалларын бэлиэтээтилэр. Тыараһа талааннаах хоһоонньута Татыйык Мыла-Татьяна Потапов бэйэтин хоһооннорун ааҕан, хомуурунньуктарын бибилитиэкэҕэ бэлэх уунан, мустубут дьону долгутта, уйадытта.
Тэрээһин чэрчитинэн, С.Н.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Макар Мыла олоҕун, үлэтин сырдатар истиэндэ аһылынна, олохтоох оскуолаҕа суруйааччы, суруналыыс, поэт олоҕун, үлэтин сырдатар кылаас чаастара ыытылыннылар, бибилитиэкэҕэ кинигэ быыстапката туруорулунна.
Макар Мыла хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыы куонкуруһугар оскуола оҕотуттан саҕалаан саастаах дьоҥҥо тиийэ бары олус долгуйан туран кытыннылар. Бастыҥнар: оскуолаттан Максим Готовцев, Айталина Адамова, Ильдар Блинов, Булат Слободчиков, улахан дьонтон Лена Лукина, Изабелла Алексеева, Петр Ефимов дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Маннык тэрээһинтэн санаабыт сырдаан, үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуһуубут бөҕөргөөн, үлэни үөрүйэх оҥостубут дьон, дьоллоох, эйэлээх олоҕу тутарга эрэлбит күүһүрдэ. Хайдахтаах курдук улуукан, туруу үлэһит дьонноох, чаҕылхай талааннаах дьонноох эбиппитий диэн киэн туттар санаа миэхэ бу тэрээһинтэн дириҥник иҥтэ.
Зинаида Игнатьева, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0