Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Суруйааччы, учуутал Василий Гоголев-Уйулҕан алтынньы 21 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха литературатын хаапыдыратыгар ыалдьыттаата.

Суруйааччы, учуутал Василий Гоголев-Уйулҕан алтынньы 21 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха литературатын хаапыдыратыгар ыалдьыттаата.

Көрсүһүүнү хаапыдыра бэрэпиэссэрэ, тыл билимин дуоктара Варвара Окорокова иилээн-саҕалаан ыытта.

Уйулҕан учуутал идэтэ уустук уонна улахан тулууру, сыраны-сылбаны эрэйэрин, ол гынан баран,  олус наадалааҕын туһунан сырдатта. Ону сэргэ, айар үлэтин туһунан кэпсээтэ.

Устудьуоннар суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан олус сэргээн иһиттилэр. Хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарыахтаах диэн сүбэтин-аматын тиэртэ.

Уус-уран литератураҕа айымньыларын, уус-уран киинэтин, килииптэрин туһунан сэһэргээтэ, улахан экрааҥҥа көрдөрдө.  Ону таһынан, төрөөбүт дойдуга, ийэҕэ, аҕаҕа тапталы, бэриниилээх буолары көрсүһүү түмүгэр тускулаата.

“Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Туоһахта уонна Лэкиэс” диэн уус-уран сэһэнэ 2022 сыллаахха “Айар” кинигэ кыһатыгар "Ордук элбэхтэ ааҕыллыбыт кинигэ" ааты сүкпүтэ. 2023 сыллаахха тахсыбыт «Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. УҺун Дьуона» историческай арамаана киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Таҥара хадаҕалаабыт дэгиттэр талааннаах

1996 сыллаахха “Эдэр саас” хаһыакка “Таҥара хадаҕалаабыт дэгиттэр талааннаах” диэн ааттаах ыстатыйа тахсыбыттаах. Чахчы да оннук. Василий Гоголев-Уйулҕан – уһуйааччы, илиитигэр талааннаах мас ууһа, оһохчут, охчут, үҥкүүһүт, сценарист, режиссер, суруйааччы, хас да кинигэ ааптара, СӨ үөрэҕириитин уонна СӨ култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Дьокуускай куорат 33 № орто оскуолатыгар уруһуй, үлэ учууталынан үлэлиир.

1979 с. Намнааҕы художественнай педучилищены, 1985 с. Хабаровскайдааҕы култуура үнүстүүтүн бүтэрбит. Үөһээ Бүлүү култууратын систиэмэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээбит. Үөһээ Бүлүүтээҕи 2 №-дээх оскуолаҕа, М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи гимназияҕа учууталлаабыт. 1998--2000 сс. «Суор тиһэх кыланыыта» диэн детектив сценарийын суруйан уус-уран киинэ устубута. М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай үнүбэрситиэтин РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүтүн саха литературатын магистратуратын бүтэрбитэ.

--Оҕо сааһым Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах эбэтин үрдүк сыырдаах Сүрэх Тыа диэн эриэккэс ааттаах түөлбэтигэр ааспыта. Оҕо сылдьан ыарытыган буолан, хойутаан үөрэммитим. Ийэлээх-аҕам элбэх оҕолонон, мин ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм «Дьоруой Ийэ» аатын ылбыта. Төрөппүттэрим сэрии иннигэр уонна сэрии кэмин ыар сылларыгар холкуос туруу үлэһиттэрэ эбитэ үһү. Аҕам Лэгэнтэй сэриигэ үлэ фронугар, Иркутскай уобалаһыгар 20 депоҕа ат көрөөччүнэн сулууспалаабыт. Икки бииргэ төрөөбүт бырааттара арҕаа сэрии кыргыс толоонугар дьоруойдуу охтубуттар. Аҕабын кытары сэриигэ ыытыллыахтаах аттары айааһааччы, сэрии тыастарыгар, хамаандаҕа үөрэттээччинэн элбэх саха буолан сулууспалаабыттар. Туоһахтам аҕам илиитин сылааһын билэн сэриигэ аттаннаҕа. Онон, 2020 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Туоһахта уонна Лэкиэс” диэн уус-уран сэһэним – аҕам уонна кини бииргэ төрөөбүт улахан быраата Арамаан Гоголев Москуба анныгар Белов генерал кавалерийскай куорпуһугар разведчик-связиһынан сэриилэһэ сылдьан кыргыһыы толоонугар хорсуннук охтубутун үйэтитии курдук.
Аҕам мин кыра эрдэхпинэ ыалдьан, ийэбит чараас санныгар 10 төрөппүт уонна икки иитиэх оҕону хаалларан олохтон туораахтаабыта. Онон, ийэм Кэтириис барахсан холкуос ыарахан  үлэтигэр сыралаһа да сырыттар, барыбытын атахпытыгар туруортаабыта. Кини оҕо сааһыгар бэрт сэдэх, ыарахан тургутуулары ааспытын туһунан Ийэм (ийэбэр сүгүрүйэн улахантан суруйабын) сырдык аатын үйэтитэн, «Хоһуун таас» диэн уус-уран сэһэни суруйбутум. Ону таһынан, 100 сааһыгар «Ийэкээм» диэн хоһооммор килиип таһаарбытым. Онон, төрөппүттэрбэр ытык иэспин хайдах сатыырбынан толоро сатаатым диэхпин сөп, -- диэн кэпсиир.

Ийэкээм...

«Ийэкээм” диэн хоһоонугар айыллыбыт ырыа "Үрдэл" национальнай музыкальнай бириэмийэ кыайыылааҕа, Этигэн Хомус «Бастыҥ ырыа», «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» анал ааттары ылбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Елизавета Потапова Ийэ оруолун толорбута. Оттон ырыаны Константин Степанов ыллаабыта. Билиҥҥи туругунан килииби Ютубка 701 000 киһи көрбүт. «Ийэкээм» ырыаны дойдуларыттан тэлэһийбит, эбэтэр олох дьайыҥар оҕустарбыт дьон ийэлэрин санаан харах уулаах истэрин туһунан элбэхтик суруйаллар. Ил Дархан «Норуот сөбүлүүр ырыата» диэн граанын хаһаайына буолбута.
«Ийэкээм» хоһоонугар килиип бастыҥынан ааттаммыта. Дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта.

Норуотугар кылаата

Уйулҕан, кырдьык, ураты суоллаах-истээх суруйааччы. Кини саха киинэтэ сайдарыгар сэмэй кылаатын «Суор тиһэх кыланыыта» диэн киинэ сынаарыйын суруйан, режиссердаан киллэристэҕэ. Ийэлэргэ өрөгөй ырыа курдук, «Ийэкээм» диэн ырыа айыллан, килиип уһулла. Ону сэргэ, «Быыра оҕум», «Туоһахта уонна Лэкиэс» килииптэри таһаарда. Оттон историческай айымньылара норуокка туохха да тэҥнэммэт улахан бэлэх буолар.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением