Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Быйыл кулун тутарга Ил Түмэн дьокутааттара нэһилиэнньэни кытары тус көрсүһүүлэрин кэмигэр норуот дьокутаата Светлана Давыдоваҕа Дьокуускай  куорат 65-с кыбаарталын (Красильников уулусса 7/1, 7/2 уонна Николаев аатынан проспект 8/9 №-дээх дьиэлэрин) олохтоохторун көҕүлүүр бөлөхтөрүттэн быһаарыыны эрэйэр боппуруоска кэккэ этиилэр киирбиттэрэ.

Быйыл кулун тутарга Ил Түмэн дьокутааттара нэһилиэнньэни кытары тус көрсүһүүлэрин кэмигэр норуот дьокутаата Светлана Давыдоваҕа Дьокуускай  куорат 65-с кыбаарталын (Красильников уулусса 7/1, 7/2 уонна Николаев аатынан проспект 8/9 №-дээх дьиэлэрин) олохтоохторун көҕүлүүр бөлөхтөрүттэн быһаарыыны эрэйэр боппуруоска кэккэ этиилэр киирбиттэрэ.

Олохтоохтор бу кыбаарталтан Михаил Николаев аатынан проспекка сатыы киирэр кыах суоҕун туһунан бэлиэтээбиттэрэ. Биллэрин курдук, бу дьиэлэргэ олорор оҕолор “Прометей” микро-оройуонугар баар социальнай эбийиэктэргэ сыһыарыллалар, оскуолаҕа үөрэнэллэр уонна уһуйааҥҥа сылдьаллар. Онуоха быстах туора суолу (проулогы)  туорууллар, ол суол куорат иһинээҕи айан суолугар киирсибэт буолан, тустаах салалталар көрбөттөр. Бу быстах, туора суол сатыы киһи сылдьарыгар анамматах. Манан араас кыра-улахан массыыналар элээрдэн ааһаллара дьоҥҥо, чуолаан оҕолорго олус кутталлаах. Аны бу туора суол устун чааһынай хараастар бааллар, уот-күөс мөлтөх, эбиитин арыгыны атыылыыр маҕаһыын үлэлиир, ол аттыгар итирик дьон мунньустар.

Дьон итинник кыһалҕаҕа олуйтаран, биир эрэйдээх “албаһы” туһанар буолбуттар. Ипподром уонна дьиэлэр икки ардыларынааҕы бүтэй быыһынан, бэйэлэрэ  дьөлөн, быһалыы Михаил Николаев аатынан проспекка тахсаллар. Норуот дьокутаата Светлана Давыдоваҕа сайабылыанньа биэрээччилэр ити эргин  дьэллик ыттар дугуйданалларын, 2020 сыллаахха ипподром иһигэр үөрүнэн сылдьар ыттар саба түспүттэрин түмүгэр, киһи өлүүлээх түбэлтэ тахсыбытын ахтыбыттара. Билигин ипподром эмиэ быраҕыллыбыт туруктаах турар, манна сайын хойуу от мэһэйдиир, канализация уута тахсан мунньустар, ону таһынан электро-уотунан сырдатыы суох, ити барыта мунньуллан дьон кэлэригэр-барарыгар эбии кутталы үөскэтэрин тоһоҕолоон эппиттэрэ.

Норуот дьокутаата бу этиилэринэн тустаах биэдимистибэлэргэ  ыйытыктары ыыталаабыт. Ол эрээри, куорат тутуутун былааныгар 65-с кыбаарталга киһи сатыы сылдьар суолун оҥорууну хааччыйыы былааҥҥа суох буолан, куорат уонна Автодорожнай уокурук бүддьүөттэриттэн харчы көрүллүбэт эбит.

Сирэй көрсүһүү

Ыытыллыбыт үлэ түмүгүнэн Автодорожнай уокурук дьаһалтата алтынньы 30 күнүгэр көҕүлүүр бөлөҕү уонна кыһалҕалаах түөлбэ олохтоохторун кытары көрсүһүүнү тэрийдэ. Онно норуот дьокутаата Светлана Давыдова, тустаах уокурук дьаһалтатын баһылыга Петр Попов уонна исписэлиистэрэ кыттыыны ыллылар.

Эрдэ көтөҕүллүбүт боппуруоһу таһынан, атын элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр боппуруостара эмиэ туруорулунна. Чуолаан Михаил Николаев аатынан проспект 4/2 б №-гэр олорор дьон Красильников уулуссатын уонна Михаил Николаев аатынан проспект аспаалламмыт суолугар кыайан киирбэттэр. Олохтоох былаас араас  уорганнарыгар ыыппыт ыйытыктарыгар   “хонтуруолламмат быстах туора суолу туһаныыга альтернатива баар” диэн хоруйу ылбыттар. Көрсүһүү кыттыылаахтара этэллэринэн, кинилэр манна кыбартыыра атыылаһар кэмнэригэр, бу элбэх кыбартыыралаах дьиэни  тутааччы («Сэттэ»  хампаанньалар бөлөхтөрө) түөлбэ сайдыылаах уонна тиийимтиэ инфраструктуранан хааччыллыбыт диэбит, оттон дьиҥинэн, кинилэри күрүө эрэ тулалыыр эбит. Ону таһынан, ыаллыы турар элбэх кыбартыыралаах дьиэни салайар хампаанньа  (“Сэргэ” олорор комплекс) кэлииккэни  оҥорорго сөбүлэспэтэх. Бу дьиэҕэ араас социальнай араҥаҕа хапсар дьон олороллор, ол кинилэр бырааптарын кэһиигэ тириэрдэрэ саарбаҕа суох.

Уларытыылары киллэрэргэ

Кэпсэтии кэмигэр куорат баһылыгар куорат тутуутун быраабылаларыгар уларытыылары киллэрэр, чуолаан саҥа дьиэлэр тула мэлдьи күрүөлэри тутууну боборго, дьон сылдьарыгар табыгастаах буоларын туһугар, көҕүлүүр ыҥырыыны ылынарга этии киирдэ. Дьокуускай куорат киин өттүн курдук. Көрсүһүү кыттыылаахтара өссө кыбартыыралары туттаран баран, микро-оройуоннар инфраструктураларын тупсарыыга салгыы үлэлээбэт тутааччыларга хонтуруол олохтонуохтаҕын бэлиэтээтилэр. Маны тутааччылар олохтоох дьаһалтаҕа найылыыллар, ол эрээри онуоха (аспааллыырга уонна уотунан сырдатыыны хааччыйарга) үп көрүллүбэт.

Светлана Давыдова микро-оройуон олохтоохторо кыаллар кыахтаах боппуруоһу туруорсалларын бэлиэтээтэ. Ол – олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама гранын куонкуруһугар кыттыы буолар. Норуот дьокутаата  маннык бырайыактары олоххо киллэрэргэ бары кыахтар баалларын тоһоҕолоон эттэ. Холобур, быйыл көтөр фабрикатын микро-оройуонугар баар «Подснежник» уһуйааҥҥа «туус хоһо» оҥоһулунна, бу оҕолорун доруобуйатын туһугар долгуйар төрөппүттэр олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама  гранын куонкуруһугар ситиһиилээхтик кыттыбыттарын түмүгэ буолар.

-- Мунньахха олохтоохтор табыгастаах эйгэҕэ олоруохтаах бырааптарын хааччахтыыр сытыы кыһалҕалар этилиннилэр. Сэтинньигэ тутар хампаанньалар салайааччыларын, куорат тутуутугар уо.д.а. салааларга  эппиэттээхтэри ыҥыран мунньахтыахха наада дии саныыбын. Онно микро-оройуон олохтоохторугар билиҥҥи балаһыанньаттан тахсар бары суоллары тобулан, быһааран, тустаах этиилэри оҥоруохха наада, — диэтэ  парламентарий.

Мунньах түмүгэр түөлбэ олохтоохторо уонна көҕүлүүр бөлөх чилиэннэрэ  Автородорожнай уокурук дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэригэр уонна норуот дьокутаата Светлана Давыдоваҕа күннэтэ көрсөр сытыы кыһалҕаҕа  эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттарын иһин  махталларын биллэрдилэр.

 Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалларынан.

Хаартыскалар Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением