Бэһис төгүлүн ыытыллар Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан норуот бириэмийэтин туттарыы театрализованнай дьүһүйүүтүгэр Олоҥхо, Саха тыйаатырдарын артыыстара, эстрада ырыаһыттара киэргэттилэр. Бу күн, биллэн турар, бэйиэт хоһоонноро уонна киниэхэ анаммыт айымньылар чуумпутук, чараастык уонна үрдүктүк ааҕылыннылар. Туруорааччы-режиссер Роман Дорофеев сыалын ситтэ, көрөөччү уйадытын арыйан, дьиҥнээх ахтылҕан киэһэни тэрийдэ.
Култуура уонна ускуустуба салаатын бастыҥнарыгар туттарыллар «Алампа» бириэмийэ кыайыылаахтарын уопсастыбаннас уонна айар сойуустар бэрэстэбиитэллэрэ таллылар. Манна өрөспүүбүлүкэ култууратын уонна ускуустубатын сайдыытыгар таһаарыылаах, өр сыллаах, сыралаах үлэлэринэн кылааттарын киллэрбит уон киһи аата ааттанна.
«Алампа» бырайыак Тыйаатыр сылыгар 2019 сыллаахха олохтоммута. Бириэмийэ Саха Сирин бары айар сойуустарын, түмсүүлэрин — суруйааччылары, худуоһунньуктары, киинэ, тыйаатыр үлэһиттэрин, муусука айааччылары сомоҕолуур, холбуур.
Кыайыылаахтар
Кыайыылаахтарга бириистэри ааспыт сыллардааҕы бириэмийэлэр лауреаттара туттардылар. Алампа тылларыгар «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» ырыа күн бүгүнүгэр диэри норуот уоһуттан түспэт «Таптал» өрөгөй ырыата буолар. Ол иһин, кыайыылаахтар «Алампа» бириэмийэ лауреаттара скульптор Николай Чоччасов айан оҥорбут үрүҥ туллук ойуулаах бэлиэни туталлар.
2023 сыллааҕы «Алампа» бириэмийэтин номинацияларын кыайыылаахтара буоллулар:
«Уран тыл» – литературовед, филология билимин дуоктара, Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэпиэссэрэ Варвара Окорокова;
«Кылаан дьүрүскэн айааччы» – композитор, Саха Сирин композитордарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Михеев;
«Өрөгөйдөөх өйөөччү» —«Арктик Капитал» хампаанньа салайааччыта Матвей Евсеев;
«Дэгиттэр режиссер» – Саха академическай тыйаатырын режиссера Сергей Потапов;
«Чаҕылхай артыыс» – Саха тыйаатырын артыыһа Иннокентий Луковцев;
«Чаҕылхай артыыска» – Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Ньургуйаана Маркова;
«Бастыҥ ырыа айааччы» — самодеятельнай композитор, Н.И. Ылахова аатынан Бүлүүтээҕи национальнай-култуурунай киин исписэлииһэ Иван Туласынов;
«Дархан ойууһут» — худуоһунньук, ювелир, скульптор Александр Манжурьев;
«Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» – «Сахафильм» звукорежиссера Иннокентий Сивцев;
«Алампаҕа сүдү бэриниилээх» – Е.М. Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай түмэл Чөркөөхтөөҕү филиалын сэбиэдиссэйин э.т. Михаил Протодьяконов.
Махтал тыллар
«Өрөгөйдөөх өйөөччү» номинация «Арктик Капитал» сир баайын хостооччу хампаанньа төрүттээчитигэр уонна салайааччытыгар, Сунтаар, Анаабыр, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарын Бочуоттаах олохтооҕор, 1998-2016 сс. «Анаабыр алмаастара» хампаанньа тэрийээччитигэр уонна салайааччытыгар Матвей Евсеевка туттарылынна. Кини эҕэрдэ тылыгар Алампа аатынан бириэмийэни олохтообуттарга истиҥ махтал тылларын тириэртэ.
- Алампа төһө даҕаны кылгас кэмҥэ «күлүм» гынан аастар, бэйэтин ааттатар элбэх айымньытын, саҥа сүүрээннэри норуотугар киллэрбитэ. Тус бэйэм оскуолаҕа кинини аахтахпына Антон Павлович Чеховы өйдөөн кэлэрим. Тоҕо диэтэххэ, кини Чехов айымньыларын тылбаастаабыта. Драматург быһыытынан аан бастакы испиктээкиллэри туруоран дьону сөхтөрбүтэ. Ол кэмҥэ бөдөҥсүтүү, холкуостааһын иннинэ, дьон-сэргэ алаастарынан, үрэх бастарынан тордоон олорор кэмигэр саҥа сүүрэни киллэрэн сахалар үрдүккэ талаһарбытыгар, сайдарбытыгар олоҕун толук уурбутун билэбит. Бириэмийэ сыллата олохтонон, улуу киһибит аата үйэлэргэ хаалыа дии саныыбын».
«Бастыҥ ырыа айааччы» номинацияны СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «СӨ уус-уран самодеятельноһын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Иван Туласынов тутта. Кини Бүлүүгэ түөрт норуот ансаамбылын кытары үлэлиир уонна бу курдук махтанар:
- Миэхэ бүгүҥҥү күн сүрдээх долгутуулаах, соһуччу буолла. Култуураҕа сэмэй үлэлэрбин үрдүктүк сыаналаабыттарыгар тэрийэр бөлөххө уонна ырыа айааччылар Сойуустарыгар, чуолаан Алексей Васильевич Егоровка, Степан Иванович Васильевка махтанабын. Бу ситиһии мин эрэ ситиһиим буолбатах – үлэлиир кэлэктиибим, Бүлүүтээҕи «Алгыс» национальнай култуурунай киин ситиһиитэ. Манна түөрт норуот кэлэктиибэ айар-тутар, үлэм кинилэри кытары ситимнээх, – диэн туран номинаннары эҕэрдэлээтэ, тэрийэр бөлөххө махтанна.
«Алампаҕа сүдү бэриниилээх» номинация кыайыылааҕа, 2003-2013 сс. Таатта улууһун баһылыга, Норуодунай хаһаайыстыба үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Емельян Ярославскай аатынан түмэл Чөркөөхтөөҕү салаатын сэбиэдиссэйин э.т. Михаил Протодьяконов Алампа кэриэс тылыгар тохтоото.
- Алампа аата XXI үйэҕэ кэлэн дорҕоонноохтук ааттана турар. Кини 1935 с. орто туруу бараан дойдуттан букатыннаахтык бараары сытан, быраатыгар Былатыан Ойуунускай кэриэс тылын суруттарбыта. Маныаха норуот суруйааччыта Амма Аччыгыйа эмиэ баара биллэр. Ити кэриэс суруктан киһи эрэ долгуйар. Букатыннаахтык олохтон бараары сытар киһи саамай тиһэх баҕа санаата - олохтообут тыйаатырын, саха литэрэтиирэтин, тылын, олоҥхотун, ырыатын, ускуустубатын сайдыыта. Онно кини литэрэтиирэ нэһилиэстибэтин суруйааччы Сойууһугар аныырын, итиэннэ гонорарын бастыҥ драматурдарга аныырын, кини аатынан бириэмийэ олохтуур туһунан баҕа санаатын эппит. Ону, хомойуох иһин, 80-тан тахса сыл устата кыайан толорбокко сылдьан бараммыт, XXI-с үйэ эдэр интеллигеннара, айар сойуустара олоххо киллэрдилэр. Мария Васильевна Турантаева салайыытынан Алампа аатынан уопасастыбаннай тэрилтэ эмиэ үлэлэһэр. Ол курдук, тэрилтэ бары чилиэттэригэр, салайааччыларыгар дириҥ махталбын тириэрдэбин. Бириэмийэ салгыы бардын, саҥа талааннар арылла турдуннар! Үчүгэй муусука олохтоннун, хартыыналар сурулла турдуннар, эргиччи саха норуотун култуурата, тыла-өһө дорҕоонноохтук тарҕаннын!, - диэтэ Михаил Протодьяконов.
Тоҕус биллибэт чахчылар
Тэрийээччилэр үгэс быһыытынан Анемподист Иванович Софронов-Алампа туһунан инники биллибэт чахчылары бириэмийэ туттарыллар күн иһитиннэрдилэр. Көрүҥ, ааҕыҥ, сэргээҥ.
1912 с. «Саха саҥата» сурунаал үһүс нүөмэригэр Иван Крылов суруйааччы тылбааһыгар «Рассказ» уонна «Крестьянин и работник» айымньылар аан маҥнайгытын бэчээттэммит.
1912 с. ахсынньы ый 16 күнэ. Евдокия Яковлеваны кытары киэһэ 19 чааска киинэҕэ, түмэлгэ сылдьыбыттар, оттон киэһэ 21 чааска киниттэн кэргэн тахсарыгар көрдөспүтүн сөбүлэспит.
1914 с. «Кыһыл кириэс» уопсастыба инородческай кэмитиэтин бырабылыанньатыгар чилиэнинэн талыллыбыт.
1914 с. ыам ыйын 12 күнэ. Олорор кыбартыыратыгар Антон Чехов «Кэргэн кэпсэтии» пьесатынан испиктээк туруорбут.
1916 с. олунньу ый 28 күнэ. П.В. Слепцов Алампа мэтириэтин суруйбут.
1917 с. «Саха омук» култуурунай-сырдатар уопсастыба Саҥа дьыллааҕы киэһэтигэр сахаларга аан маҥнайгы хор Алампа тылларыгар «Саргылардаах сахалабыт» уонна «Тыгын кырдьаҕас саҕаттын» ырыалары толорбут. Хору Адам Скрыбин салайбыт.
1924 с. Дьокуускайга «Дьадаҥы Дьаакып» кинигэ 500 ахсаанынан бэчээттэммит. Сыаната 1 солк. 30 харчы.
1925 с. ыам ыйын 27 күнэ. Норуот тыйаатырыгар А.Е. Кулаковскай 25 сыллаах айар үлэтин үбүлүөйүгэр доҕорун туһунан дакылаат ааҕар.
1927 с. ыам ыйын 1 күнэ. «Кыым» хаһыакка «Олох сүүрүгүн дорҕооно» бэйиэмэ бэчээттэнэр.
Киэн туттабыт, эҕэрдэлиибит
Норуотун туһугар олоҕун толук уурбут улуу Анемподист Иванович Софронов-Алампа айар үлэтэ, саха култууратыгар, ускуустубатыгар киллэрбит кылаата, кини кэриэс тыла аныгы кэмҥэ саҥа ааттары, талааннары арыйа турарыттан киһи сөҕөр-махтайар.
Бириэмийэ кыайыылаахтарын ситиһиилэринэн киэн туттабыт, эҕэрдэлиибит, өссө да үрдүк чыпчааллары алгыыбыт!
Дьонун, норуотун туһугар дууһалыын, сүрэхтиин-быардыын ыалдьыбыт улуу убайбыт айымньылара билигин өссө дириҥ суолталана тураллар. Биир оннук хоһоонунан «Сүбэ» хоһоон буолар.
Сүбэ
Таҥараҕа саантаамаҥ,
Иччигэ эрэнимэҥ,
Көстүбэти көрдүөмэҥ,
Ол оннугар икки атахтаах
Илиитин эпчиҥэр
Истиҥник эрэниҥ,
Өйүн күүһүгэр
Үгүстүк үҥүҥ!
Кини –
Көппөтү көтүтэр,
Көрбөтү көрдөрөр,
Хамнаабаты хаамтарар,
Хараҥаны сырдатар.
Туохха да тойон –
Норуот, норуот!
Норуоттан тутуһуҥ,
Норуокка туһалааҥ!...
Алампа, 1928-1929 сс.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0