- Олус тымныы күннэр дойду бары кэриэтэ эрэгийиэннэригэр күүтүллэллэр. Аномальнай халлаан туруга соһутар кутталлаах. Сорох субъектарынан -16-23 кыраадыска диэри тиийиэҕэ, оттон Архангельскай уобаласка, Комига, Ненецкай аптаныамыйалаах уокурукка -30 кыраадыска диэри тымныйыаҕа, - диир исписэлиис.
Кини этэринэн, -7-12 кыраадыс нуорматтан намыһах тымныылар дойду үрдүнэн биир тэҥник түһүөхтэрэ. Киин уокуруктарынан ахсынньы 5-6 күннэригэр биллэрдик тымныйыа, оттон -40-50 диэри кыраадыстаах саамай тымныы күннэр бу ыйтан Красноярскай кыраайга, Магадааҥҥа, Хабаровскайга, Саха Сиригэр уонна Чукоткаҕа буолуоҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0