“Ааһан эрэр 2023 сылга Судаарыстыбаннай Дуума 694 сокуону ылынна. Хас биирдии төрдүс сокуон (172) социальнай хайысхалаах” - диэн эттэ диэн Судаарыстыбаннай Дуума саайта иһитиннэрэр.
Саҥа сокуоннар кэлэн иһэр сыл маҥнайгы күнүттэн олоххо киириэхтэрэ. Хамнас алын кээмэйэ 18,5 % үрдүө, 5 мөл киһи хамнаһын улаатыннарыа. Бу быһаарыы дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһинэ буолар. Санатан эттэххэ, хамнас алын кээмэйиттэн социальнай төлөрбүрдэр суумалара тутулуктаах.
Сыл саҕаланыаҕыттан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 7,5 % индексацияланыа.
Тохсунньу 1 күнүттэн оҕолоро балтараа сааһын туола илик оҕолоох төрөппүттэр үлэлэригэр тахсар түгэннэригэр, босуобуйаларын ылалларын салгыахтара.
Дьарыктаах буолуу саҥа сокуонун нуормалара аныгы кэм ирдэбилинэн систиэмэлэниэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0